Сунтаарбыт эппилиэттээх эр дьоно маладьыастар даҕаны!
Эппилиэттээх үлэһиттэр бары да, дьон нус-хас олоҕор кыһанар, ыксаллаах быһыыга-майгыга араҥаччылыыр, көмүскүүр аналлаахтар. Бу эйгэ үлэһиттэригэр дириҥ махталы биллэрэн, кинилэр үлэлэригэр сырдыгы сыдьаайан Сунтаар улууһун дьахталларын Сүбэтэ бэртээхэй күөн күрэһи тэрийдэ. «Эппилиэттээх эр бэртэрэ» диэн күөн күрэскэ Сунтаардааҕы Ис дьыала отделын уонна баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ үстүү киһилээх хамаандалара араас түһүмэххэ тургутууну аастылар. Ис дьыала отделын хамаандатыгар: Николай Лаптев – ГАИ сотруднига, полиция хапытаана, Василий Пахомов – участковай, полиция хапытаана, Виктор Иванов – полиция эдэр үлэһитэ, онтон баһаарынай сулууспаттан: Сунтаартан Юрий Иванов, Сиэйэттэн Александр Романов, Кириэстээхтэн Валерий Пайдютов кыттан тэрилтэлэрин көмүскээтилэр. Күн бастакы аҥаарыгар эр бэртэрэ буулдьанан ытыыга, күүскэ-уохха ким бастыҥын быһаарарга күрэхтэһэн, эрбии тииһин курдук эгил-тэгил эристилэр. Ол курдук, буулдьанан ытыыга 65,1 очукуону ылан Юрий Иванов бастаата, Николай Лаптев 61,5 очукуоланан иккис миэстэни ылары ситистэ. Онтон 58,3 очукуону ылан ВасилийПахомов үһүс буолла. Салгыы эт-хаан күүһүн холонууга илиилэринэн тардынан, сиртэн анньынан кыахтарын көрдөрөн, уопсай ахсаанынан ытыыга да, бэйэ күүһүн-кыаҕын көрдөрүүгэ да Сунтаардааҕы Ис дьыала отдела инники кэккэҕэ таҕыста. Аны киэһэ өттүгэр эппилиэттээх дьоммут бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, билиилэрин тургуттулар уонна талба талааннарынан дьон сэҥээриитин ыллылар. Бу түһүмэхтэргэ уолаттар үлэлэрин туһунан элбэҕи сырдаттылар. Дьоҕурдарын арыйыыга Валерий Пайдютов бэйэтин чуваш омугун билиһиннэрдэ, олус истиҥ ырыанан көрөөччүлэри дуоһутта. Оттон саҥа үлэһит, Тойбохой уола Виктор Иванов тустуу албастарын көрдөрөн эдэр ыччат болҕомтотун тарта. Биир интэриэһинэй киһинэн Александр Романов буолла. Биэс оҕо тапталлаах аҕата, эбиитин элбэх оҕолоох ыаллар түмсүүлэрин тутаах киһитэ буолан, ийэлэр, эбээлэр сүрэхтэрин-быардарын манньытта, саҥатынан, толкуйунан, киэҥ көҕүстээҕинэн дьахтар аймаҕы олуһун долгутта. Түмүккэ, бастакы миэстэни Сунтаардааҕы Ис дьыала хамаандата ылан, кубок хаһаайынынан буоллулар. Баһаарынай сулууспа иккис миэстэҕэ таҕыста. Күрэхтэһии кыттыылаахтара Сунтаар улууһун дьаһалтата туруорбут сыаналаах уонна «Корона» маҕаһыын хаһаайката Надежда Львова анал бириистэрин тутан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар. Бу тэрээһиҥҥэ Афанасий Жараев, Михаил Кириллин, Светлана Николаева судьуйалаан, тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыттара ураты сэргэх буолла, дьон-сэргэ хайҕаата, астынна. Эппилиэттээх эр дьон күрэстэрэ мантан инньэ сылын аайы тэриллиэҕэ. Онно атын да эппилиэттээх үлэһиттэр көхтөөхтүк кыттыахтара диэн дьахтар Сүбэтин кэрэ аҥаардара эрэллээхтик этэллэрэ оруннаах. Оннук эрэ буоллун! Онтон күндү көрөөччүлэр, истээччилэр, биһиги, тэрээһини сэргээбиппитин, олуһун сөбүлээбиппитин биллэрэбит. Дьэ, Сунтаар эппилиэттээх эр бэртэрэ бары да эргиччи талааннаах, бэйэлэрин чахчы кыанар, дириҥ толкуйдаах, мындыр өйдөөх, киһи эрэ халыҥ хаххалаахпын, суон дурдалаахпын диэн чахчы да астыныах, киэн туттуох дьоно эбит.