Абыйга астык күрэхтэһии буолла

Ураһалаах нэһилиэгэр эр дьон түмсүүтэ үлэлэрин сөргүтэн, көхтөөхтүк ылсан үлэлээн эрэллэр. Муус устар саҥатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕалар иккис сийиэстэригэр кыттыыны ыллылар. Бу сылы Аҕа сылынан биллэрэн, уопсастыбаҕа эр киһи, аҕа оруолун үрдэтэргэ туһуламмыт үлэ өрө көтөҕүллүүлээхтик салҕанар. Муус устар 14 күнүгэр Сутуруохаҕа Чаад күөлүгэр быйыл үһүс төгүлүн Байанай күрэҕэ олус көхтөөхтүк буолла. Тэрээһин нэһилиэккэ Аҕа сылын уонна өрөспүүбүлүкэҕэ Экология сылын чэрчитинэн ыытылынна. Күрэскэ иккилии киһилээх түөрт хамаанда күөн көрүстэ. Кыттааччылар үгүстэрэ эдэр дьон. Онон эдэр аҕалар көхтөрө үрдээбит диэн сыаналыыбыт. Кинилэри айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Николай Додохов, улуус баһылыга Станислав Цюхцинскай, Ураһалаах аҕа баһылыга Владимир Новиков, Абый улууһун айылҕа харыстабылын инспекциятын начаалынньыга Петр Корякин эҕэрдэлээтилэр. Кыайыыны, ситиһиини, чиэһинэй киирсиини баҕардылар. Күрэхтэһии алта түһүмэҕинэн олус хатыһыылаахтык барда. Ол курдук, буранынан тыаҕа баран сиэрдийэ кэрдэн киллэрэн, ураһа дьардьаматын туруордулар. Манна “МЧС” хамаандата төһө да 5-7 мүнүүтэнэн утарсааччыларыттан хойутаан кэллэр, бэрт хаачыстыбалаах үлэни көрдөрөн, үрдүк баалы ылла. Ойбон алларыытыгар уолаттар сытыы анньыылара сирдиргии түстүлэр, бэркэ тириттилэр-хоруттулар, күүстэрин, албастарын, сымсаларын көрдөрдүлэр. Үс мүнүүтэҕэ тиийбэккэ эмиэ “МЧС” хамаандата ыһыы-хаһыы бөҕөнү түһэрдэ, уу оргуйан тахсарын көрөөччүлэр уонна ыалдьааччылар бары да сэҥээрдилэр, сөхтүлэр. Салгыы кыттааччылар ойбонноруттан уу баһан, аны, кутаа уоту отто чэй оргута сүүрдүлэр. Манна 4 хамаанда түөрт аҥы араас албас туттан өбүгэлэрбит илдьэ кэлбит мындыр дьаһаныыларын көрдөрдүлэр. Маҥнайгыннан “Арчы” хамаандатын чэйэ күгэннирэ оргуйан бидилийдэ. Мустубут дьону итии чэйинэн күндүлээтилэр. Хоту сир эр дьоно бары да тоҥ балыгы кыһыыга үөрүйэхтэр. Ол эрээри, бу түһүмэххэ дьүүллүүр сүбэ хаачыстыбалаах, 2-2,5 мм. халыҥа суох, элбэх кыһыы балык баар буолуохтаах диэн усулуобуйаны туруорда. Бу сырыыга “Быйаҥнар” тэҥнээхтэрин булбатылар, балыгы кыһыыга уһун уктаах саха быһахтара көмөлөстүлэр. Түмүккэ, кыһыллыбыт балыгы дьон үөрэ-көтө амсайда. Бэһис түһүмэххэ уолаттар бириэмэҕэ бэртээхэй булчут буолалларын сааны ыһан уонна хомуйан дакаастаатылар. Бэйэлэрин саалара буолбатах буолан, кыратык атыҥыраатылар, сыыһа-халты туттуннулар. Манна үчүгэй бириэмэни көрдөрөн (1 мүн. 17 сөк.) “Эрэл” хамаандата инники күөҥҥэ таҕыста. Бүтэһик түһүмэххэ, байанайдаах эр дьоммут очукуолара тэҥнэстэ. Онон долгуйуу өссө күүһүрдэ. 10 киилэлээх сүгэһэри кыбынан, аны, тоҥуу хаарынан сүүрүү түһүмэҕэ барытын быһаарар буолла. Онуоха быйыл хаарбыт халыҥ буолан, бу түһүмэх уустуктардаах (хаар халыҥа тобуктарын үөһэ) буолла. Эр бэртэрэ 50 м. сиртэн кыһыл былаах түһээтин кытта бары тэҥҥэ, кэккэлэспитинэн туран түстүлэр. Манна Кузьма Банщиков (“Арчы”) иннин кимиэхэ да биэрбэтэ, көрөөччүлэрин-ыалдьааччыларын астыннарда. Хас да чаастаах, тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн 12 очукуону ылан Николай Слепцов, Кузьма Банщиков (“Арчы” хамаандата) кыайыылааҕынан таҕыстылар, буран двигателин өрө тутан, мэтээл кэтэн үөрүү бөҕөтө буоллулар. Иккис миэстэҕэ Илья Колесов, Иннокентий Старостин (“МЧС” хамаандата) таҕыстылар, бириискэ буран гусеницатын туттулар. Биир очукуонан хаалан Николай Алексеев, Константин Новиков (“Быйыҥ” хамаандата) үһүс бочуоттаах миэстэҕэ тигистилэр, буран вариаторын ыллылар. Онтон төрдүс миэстэҕэ аҕа саастаах дьоммут Иван Стручков уонна Иван Слепцов тиксэн үөрүү-көтүү көтөллөннүлэр. Маннык улахан, сыаналаах бириистэри нэһилиэк дьаһалтата эр дьон өй-санаа уонна эт-хаан өттүнэн чөл олохтоох, төрөөбүт түөлбэлэригэр бэриниилээх буолалларыгар анаан туруорбутун көрөөччүлэр олус астыннылар уонна үөрдүлэр. Күрэхтэһиини эр дьон түмсүүтэ дьүүллээбитэ эмиэ биир солун уонна астык көстүү буолла. Эбии күрэскэ, үгэскэ кубулуйбут, Буранынан күрэхтэһии уһун уонна кылгас мааркаларынан араҕыста. Манна 13 тимир көлөлөөх эр бэртэрэ тоҥуу хаар устун сүүртүлэр. Уһун бураҥҥа Николай Слепцов бастакы кэлэн үөрүүтэ икки төгүл үксээтэ. Кылгас буранынан Иван Стручков кэллэ. Кинилэр эмиэ сыаналаах бириискэ тигистилэр. Бу күн олохтоох нэһилиэнньэ көрөөччүлэри киириигэ итии чэйинэн күндүлээтэ. Бурдук аһы атыылаан дьон бары тото-хана аһаан, дуоһуйа сынньанан күүтүүлээх күнү атаардылар. Хас сылын аайы нэһилиэккэ ыытыллар “Байанай күрэҕэ” норуокка элбэх интириэһи үөскэттэ, булчуттар дьиҥ-чахчы долгуйа кэтэһэр бырааһынньыктарынан буолла. Ыраас, чэбдик салгыҥҥа Булчут күнүгэр аналлаах күрэхтэһиини ыыппыт дьоҥҥо уонна кыттааччыларга олохтоохтор ааттарыттан махталбытын биллэрэбит. Маннык тэрээһиннэр дьону сааһыттан тутулуга суох түмэ тардаллар, чөл олоххо, сынньалаҥы туһалаахтык атаарарга угуйаллар. 1 из 25

Абыйга астык күрэхтэһии буолла
© ЯСИА.RU