Войти в почту

Ороһутааҕы сынньалаҥ киинигэр Гаврил Николаев аатын иҥэрдилэр

Үөһээ Бүлүүгэ Ороһу нэһилиэгин биир сүрүн тэрилтэтэ, дьону-сэргэни культура кэрэ эйгэтигэр угуйар саҥа культура киинэ үлэҕэ киирэр үөрүүлээх түгэнэ ахсынньы 27 күнүгэр тосхойдо. Саҥа культура киинигэр СР культуратын туйгуна, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Туймаада» вокальнай ансамбль солиһа, Саха сирин көмүс куолаһа Гаврил Гаврильевич Николаев үтүө аатын иҥэрии сиэрэ-туома үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста. Сынньалаҥ киинигэр киириигэ Гаврил Николаев аатын сүгэрин туоһулуур мемориальнай дуосканы арыйар чиэһи Гаврил аҕата Гаврил Михайлович бииргэ төрөөбүт быраатыгар Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «2000 Үтүө дьыала» бэлиэ хаһаайына, СР бочуоттаах тутааччыта Иван Михайлович Ивановка сүктэрдилэр. Үгэс быһыытынан, аалай кыһыл лиэнтэни улуус баһылыгын I-кы солбуйааччы Андрей Неустроев, нэһилиэк баһылыга Анатолий Антонов, учууталлар Учууталлара, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, нэһилиэк ытык киһитэ Михаил Борисов быстылар. Сынньалаҥ киин күлүүһүн быйыл директорынан саҥа анаммыт Мария Захароваҕа туттардылар. Сынньалаҥ киинин саҥа дьиэтин Иван Чычахов алҕаата, уот иччитин арыылаах алаадьынан айах тутта. Нэһилиэк баһылыга Анатолий Антонов: «52 сыл устата үлэлээн турбут кулууп дьиэтин сиэр-туом быһыытынан алҕаан, арчылаан туран көтүрэн, саҥа сынньалаҥ киинэ үгүс киһи ыллаан-туойан, үлэлээн-хамсаан ааспыт кулууп дьиэтин оннугар тутуллубута олус үчүгэй. Саҥа дьиэттэн өссө элбэх талааннаах ыччат иитиллэн, уһуйуллан таҕыстын, төрөөбүт Ороһубут нэһилиэгин аатын ааттаттыннар!» — диэн эҕэрдэ тылларын анаан туран, 18 мөлүйүөннээх тутуу үлэтигэр хара буоруттан кыттыспыт хас биирдии үлэһиккэ үрдүк сыанаттан махтал тылларын анаата. Ол курдук, Ороһу нэһилиэгин баһылыгын аатыттан улуус баһылыга Владимир Поскачиҥҥа, кини быһаччы көмөтүнэн, туруорсуутунан «Үтүө дьыала» хамсааһыныгар сынньалаҥ киин тутуута киирбитин иһин, «Үтүө дьыала» хамсааһын салайааччытыгар Иван Емельяновка, республикаҕа 1011 нүөмэринэн киирбит тутууга 8 мөл. 300 тыһ. солк. анаабыт улахан көмөтүн иһин махтал суруктар ананнылар. Ороһулар биир дойдулаахтара Дьокуускайдааҕы «Офсет» полиграфия тэрилтэтин директора Дария Захарова-Скобелева бэйэтин аатыттан бырайыагы оҥорон бэлэх ууммутун, удамыр сыаналаах сметанан тендери кыайары ситиһэн, олус үчүгэй тутууну туттарбытын иһин уонна правительство таһымыгарүµлэлиир Ороһу нэһилиэгин куратора Ульяна Антоноваҕа «Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо»үрдүк ааты иҥэрдилэр. Ороһу нэһилиэгин күтүөтэ Алексей Скобелевка «Ороһу нэһилиэгин мецената» аат ытыс дохсун тыаһынан ананна. Ону тэҥэ махтал суруктары туттулар: тутууну салайан ыыппыт прораб Олег Корякин, уот-күөс үлэтин сүрүннээбит чааһынай урбаанньыт Илья Котоконов, ититэр ситими холбооһуҥҥа үлэлээбит Петр Иванов, техниканан күүс-көмө буолбут Егор Быккасов, иһинээҕи кыраһыабай ааннары, холуодалары оһуордаан-мандардаан оҥорбут Иван Иванов. Акылааты, каркаһы тутууга µлэлээбит Семен Захаровка, кулууп ис өттүн оҥорууга үлэлэспит Николай Захаровка, Павел Ивановка, Геннадий Моюлосовка, Николай Котоконовка, Роман Захаровка үчүгэй үлэлэриттэн астынан туран, Ороһу нэһилиэгин дьонун-сэргэтин аатыттан ньирэй бэлэхтээх махтал суруктары туттардылар. Тэрилтэ саҥа дьиэтин малааһыныгар СР культуратын министерствота 500 тыһ. солк. суумалаах аппаратураны, 275 тыһ. солк. сыаналаах сымнаҕас олбохтоох кириэһилэлэри бэлэх ууммут. Үөрүүлээх түгэҥҥэ илии тутуурдаах, өттүк харалаах ыҥырыылаах ыалдьыттартан биир бастакынан Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров эҕэрдэ бастыҥын анаата. СР «Туймаада» вокальнай ансамбль артыыстара биир идэлээхтэрин, чугас доҕордорун Гаврил Николаев аатын сүкпүт кулуупка анаан-минээн устубут видео-эҕэрдэлэрин уонна дымовой массыынаны бэлэх ууммуттарын туттардылар. Балаҕаннаах, Нам, Кэнтик нэһилиэгин баһылыктара Степан Дмитриев, Иннокентий Кардашевскай, Валерий Николаев сэмэй бэлэхтэрин, оскуола коллектива Тымныы оҕонньор уонна Хаарчааны таҥастарын атыылаһалларыгар анаабыт сэмэй үптэрин, оҕо саадын коллектива «Байанай» үҥкүүгэ анаммыт бэйэлэрэ тикпит көстүүмнэрин бэлэхтээтилэр уо.д.а. ыалдьыттар эҕэрдэ тыл маанытын эттилэр. Гаврил Николаев аатынан сынньылаҥ киинин арыллыытыгар кэлбит бары ыалдьыттары мааны остуол минньигэс аһынан күндүлээтилэр. Улуус самодеятельноґын кыттыылаахтара Владимир Васильев, Ньургустаана Бугулова, Юрий Гольдеров, Ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэрин хора о.д.а. кыттыылаах бырааһынньыктааҕы концерт көрөөччүлэргэ улахан бэлэх буолла.

Ороһутааҕы сынньалаҥ киинигэр Гаврил Николаев аатын иҥэрдилэр
© ЯСИА.RU