Войти в почту

Кустуур: Кириисискэ сыҕаммакка бэйэ күүһүгэр тирэҕирэн саҥа кулууп туттулар

Ахсынньы ыйга Кустуурдар бэрт уһуннук кэтэспит саҥа культурнай-спортивнай кииннэрэ кылгас кэм иһигэр тутуллан үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста. Саҥа дьиэ бөһүөлэк ортотугар дьэндэйэн нэһилиэги барытын киэргэтэн ыраахтан сандааран көстөр. Саҥа тутуу ханна даҕаны нэһилиэк сайдыытын түстүүр буолан, дьон-сэргэ сирэйэ-хараҕа сырдаан, саҥа кииҥҥэ оҕолуун-кырдьаҕастыын хотоҕостуу субуллубуттара олус долгутуулаах. Бу күҥҥэ диэри, уруккута маҕаһыын буолан турбут, тымныы эргэ кулууптарыгар нэһиилэ батан, хас эмит сылы быһа эрэйи көрбүт дьоҥҥо саҥа кииннэрэ дыбарыас буолан көстүбүтэ саарбаҕа суох. Киирэр ааҥҥа нэһилиэк баһылыга Константин Старостин, улуус баһылыгын солбуйааччыта Раиса Старостина, саҥа киин директора Степан Слепцов, тутуу бэдэрээччитэ Дмитрий Иванов лиэнтэни быһан, киэҥ-куоҥ дьиэҕэ киирдибит. «Аартык» бөлөх эбэлэрэ сахалыы сиэринэн алаадьынан, кымыһынан, саламаатынан, таба тылынан айах тутан көрүстүлэр. Сып-сылаас, сырдык, киэҥ-куоҥ дьиэҕэ сэрэммиттии үктэнэн киирдибит. Түөрт ый иһигэр тутуллубут дьиэ диэтэххэ акылаатыттан саҕалаан бигэ-таҕа оҥоһуулааҕа тута харахха быраҕыллар. Кырааската барыта ситэн ураты сырдык эйгэ ил гына көрүстэ. Инники эрээккэ нэһилиэк кырдьаҕастара бары кэриэтэ кэлэн ис истэриттэн сырдаан, үөрэн-көтөн олороллоро бэйэтинэн алгыс буолан санааны көтөҕөр. Никита Григорьев аал уоту оттон саҥа дьиэни алҕаата. Улуус баһылыгын солбуйааччыта Раиса Старостина саҥа КСК нэһилиэк үүнэр-сайдар киинэ буолан ыччаты, дьону-сэргэни сырдыкка-үтүөҕэ угуйа туруохтун диэн эҕэрдэ тылын этэн туран, бэлэх сертификатын туттарда. Итии-истиҥ тыллары култуура салаатын салайааччыта Лидия Сыроватская, дьиэ кэргэн отделыттан Антонина Юмшанова, «Бытантай уоттара» хаһыат редактора Наталья Попова, культура үлэтин ветерана Светлана Горохова, Кустуур оскуолатын директора Анна Никитина, кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Светлана Черепанова тиэртилэр. Саҥа Киин маны таһынан өссө спортивнай саала буолан ыччаты күүс-уох, спорт өттүнэн сайыннарыа турдаҕа. Үбү-харчыны ааҕынар-суоттанар уустук кэм кэлбитинэн, бу тутуу нэһилиэк таһымыгар духуобунай, сырдатар култуура Киинэ уонна ыччат дьон эрчиллэр спорт саалата буолан хас да социальнай кыһалҕаны быһаарыаҕа. 1 из 14 Нэһилиэк баһылыга Константин Старостин саҥа тутуу туһунан кэпсээтэ уонна үлэлээбит дьоҥҥо Махтал суруктары туттартаата. Үлэлээбитэ биир сылын саҥа ааспыт эдэр баһылык туох да улахан үбэ-харчыта суох («Үтүө дьыала» нөҥүө киирсэ сатаабыттара да, үп көрүллүбэтэх) нэһилиэк бюджетын экономиятын суотугар уонна улуус баһылыга Иван Горохов өйөбүлүнэн бу улахан тутууну дьэндэтэн таһаарбыттар. Ититиитин систиэмэтин киллэриитин ороскуотун оччолорго ОДьКХ ГУП директора Александр Ноговицын бэйэтигэр ылан, саас кыл мүччү тиэйэннэр олус сылаас гына киллэрбиттэр. Кыаллыбат диэн олорон хаалбакка, эдэр баһылык харса суох түһүммүт. Урут тутууга үлэлии кэлэн баран күтүөт буолан хаалбыт, уопуттаах тутааччы Д.И.Иванов субподрядчик буолан иилээн-саҕалаан бу бигэ-таҕа тутуу түргэнник барбыт. Тендергэ кыайбыт ИП «Дьулустан Семенов» подрядчик быһыытынан үлэлээбит. Нэһилиэк эр дьоно, барыта олохтоох ыччат, бэл, оскуола улахан кылааһын оторой-моторой уолаттара, уопсайа 37 киһи үлэлээбит. Ыраах хайалар быыстарыгар бүгэн сытар, суола-ииһэ кыһыҥҥы эрэ кэмҥэ арыллар нэһилиэккэ, баһылык Константин Старостин культура Киинин салайааччыта Степан Слепцовтуун сорох матырыйааллара тиийбэккэ, дьиэнэн сылдьан кытта хомуйан, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ ким да аккаастаабакка бары турунан субуотунньуктаан, бу саҥа дьиэ үлэҕэ киирдэ. Онон норуот тутуута буолар ааты толору ылла дьиэххэ сөп. Махтал суруктарын ылбыт эдэркээн уолаттар симиктик туттан тахсалларын көрөммүн испэр олус үөрэ санаатым. Уолаттар манна төрөөбүт-үөскээбит дьон буолан ис сүрэхтэриттэн хаачыстыбалаахтык ылсан үлэлэспиттэрэ саҥа дьиэ ис эйгэтигэр кытта иҥэн сылааһынан-сырдыгынан сыдьаайарга дылы. Нэһилиэк баһылыга ыччатын, үлэтэ суох дьонун, нэһилиэнньэтин маннык түмэ тардан, бу улахан тутууга үлэлэппитэ үтүө түмүктээх буолбута, бэйэ кыаҕар тирэҕирбитэ уонна дьоҥҥо бэйэ күүһүгэр, кыаҕар эрэли үөскэппитэ нэһилиэк инники сайдыытыгар олук ууруоҕа. Манна кинилэр бары өттүнэн сүүйүүлээх хаалаллар: олохтоох дьон харчыланар, иккиһинэн, кинилэр суобастаахтык туталлар. «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» буоларын кинилэр дьыаланан көрдөрбүттэрэ нэһилиэк ис туруга күүстээҕин, сырдыкка тардыһыыта дьулуурдааҕын, түмсүүлээҕин үтүө туоһутунан буолла. Хаһан да буолбатах уулаах-хаардаах олус уустук сайын да турдар, саҥа баһылык бэйэтинэн сылдьан ыксаллаах быһыыга-майгыга сулууспа оруолун толорон, ууга хаайтарбыт отчуттарын таһаартаан, халаан уутугар отторун былдьатан олус уустук тургутууну да аастар, санаатын түһэрбэккэ, үп-харчы суох диэн олорунан кэбиспэккэ нэһилиэк духуобунай, чөл-чэбдик олоҕун түстүүр Киинин туттаран таһаарбытыгар бар дьоно махтаныан махтанна. Саҥа киин аһыллыыта — саҕахтан быкпыт күн бастакы сардаҥатыныы, ахсынньы күнэ суох тымныы кыһынын үтүрүйэн сылааһынан-сырдыгынан сыдьаайда. Нэһилиэк саҥа күнү уруйдуу саҥа кэрдиис кэмҥэ эрэллээхтик үктэннэ.

Кустуур: Кириисискэ сыҕаммакка бэйэ күүһүгэр тирэҕирэн саҥа кулууп туттулар
© ЯСИА.RU