Войти в почту

Үлэ үөрүйэҕин атастаһыы ыллыгынан

Кырдьаҕас Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн ыытыллыбыт кэмпириэнсийэҕэ Хаҥалас улууһуттан төрдүө буолан кытынныбыт. “Бүлүү улууһугар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинин боппуруостара. Олоҥхону истии эйгэтин тэрийии” олукка Хаҥалас улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын туһунан билиһиннэрдибит. Тэрийэн ыытыы уопутуттан сырдаттыбыт, туох сыыһа-халты баарыгар тиийэ ыйдыбыт, сэрэттибит. Бүлүү улууһун култууратын управлениетын эдэр салайааччытыгар Сергей Шамаевка олоҥхо сылыгар таһааттарбыт кинигэлэрбитин, бэлиэлэрбитин бэлэх ууннубут. «Олоҥхо ыһыаҕын тэрийиигэ семинардар уонна маастар кылаастар» олукка, култуура уонна искусство колледжын хореография салаатын преподавателэ, СӨ култуура туйгуна Ирина Аввакумова «Олоҥхону үҥкүүнэн дьүһүйүү» маастар кылааһыгар, Егор Лукин — Түммүт Дьөгүөр 1-кы Малдьаҕар олоҥхоһута Афанасий Алексеев «Хаҥалас Боотур» олоҥхотун суруйуутунан, Култуура министерствотын тус сыаллаах бырагырааматын көмөтүнэн туруортарбыт либретто-олоҥхотун туһунан сырдаттым. Либреттоҕа ханнык үҥкүүлэр киирбиттэрин слайданан көрдөрөн кэпсээтим. Түмүккэ улуустааҕы култуура салалтата таһааттарбыт «Хаҥалас Боотур» олоҥхо-либретто диискэтин, художественнай оскуолабыт таһааттарбыт кинигэтин бу тэрээһини тэрийсибит Бүлүү Чинэкэ нэһилиэгин култууратын исписэлиистэригэр бэлэхтээтим. Итиэннэ бу үлэбин ырытан, сыаналаан көрүүбүнэн, Култуура министиэристибэтигэр Граннарга туспа үлэ барыахтаах эбит диэн санааҕа кэллим. Хоточчу нэһилиэгин физикаҕа уонна информатикаҕа учуутала Раиса Черноградская «Олоҥхо педагогиката: олоҥхонон оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ, сайыннарыына кыһалҕалар» олукка, бэйэтэ үбүлээн таһааттарбыт уонна оскуолаҕа эбии үөрэхтээһин программатыгар киллэттэрбит «Бои трех миров в стране олонхо» диэн бэйэтэ айбыт остуол оонньуутун кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарыгар билиһиннэрдэ. «Төрүт үгэс: дьиэ кэргэҥҥэ оҕону олоххо бэлэмнээһиҥҥэ норуот педагогикатын туһаныы» олукка Улахан Аантан “Кыымчаан” оҕо саадын эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога Айна Олесова кытынна. Кини «Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону кыра сааһыттан олоҥхоҕо сыһыарыы» диэн тиэмэнэн, бэйэтин оҕотун олоҥхоҕо уһуйбут үөрүйэҕиттэн санаатын үллэһиннэ. Кыыһынаан Уйгулааналыын «Бөртө Боотур» диэн нэһилиэгин үһүйээнигэр олоҕуран суруйбут олоҥхолорун Покровскай куорат художественнай оскуола выпускниктара Людмила Харитонова салайааччылаах улахан витражнай уруһуй оҥороннор дипломнай үлэлэрин көмүскээбиттэр. Онтон оскуола директора Александр Харитонов өйөбүлүнэн кинигэ үс тылынан тылбаастанан тахсыбыт. Маны сэргэ, оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Зинаида Павлова өйөбүлүнэн 15 эрэ тираһынан тахсыбыт «Саха фольклорун кыра саастаах оҕолорго билиһиннэрии программата» кинигэтин билиһиннэрдэ.Түгэнинэн туһанан үлэтин-хамнаһын өйөөбүт бар дьонугар махтанна. Тэрээһиҥҥэ биир дойдулаахтарбыт норуот маастара Наталья Павлова уонна дизайнер-модельер Уруйдаана Харитонова таҥас тигиитигэр маастар кылаастары биэрдилэр. Сомоҕолоһон үлэлээһин түмүгэр кэмпириэнсийэ үрдүк таһымнаахтык ыыттылынна диэн кыттыбыт дьон улаханнык астынныбыт. Түгэнинэн туһанан, тэрээһини тэрийсибит бары үтүө дьоммутугар, ыраах сырыыга-айаҥҥа эрэллээхтик илдьэ сылдьыбыт суоппарбытыгар Александр Симеровка барҕа махталбытын этэбит. 1 из 3

Үлэ үөрүйэҕин атастаһыы ыллыгынан
© ЯСИА.RU