«Булчут мүччүргэннээх сырыылара» күөн-күрэс удьуор булчуттар дойдуларыгар

Хаҥалас улууһугар оһуокай түмсүүтэ тэриллиэҕиттэн, улууспут култуураҕа салалтатын, норуот айымньытын Киинин, Борисов Юрий Петрович салайааччылаах «Илгэ» бэчээт дьиэтин үлэһиттэрэ сэтинньигэ эр дьону сомоҕолуур, түмэр сыаллаах «Байанайга” аналлаах тэрээһин ыыталлар. Үгэскэ кубулуйбут күрэхтэһии номнуо алтыс сылыгар барда. Бырайыак олоххо киириэҕиттэн эр дьон бырааһынньыгар кубулуйда. Ол курдук, булчут эр санаалаах дьону, балыксыттары түмтэ, худуоһунньуктар, маастардар, хаартыскаҕа түһэрээччилэр үлэлэрин кэрэхсэттэ, түөлбэ үлэтин, аҕалар түмсүүлэрин түмтэ, сэргэхситтэ. Быйылгы тэрээһиммит сэтинньи 18 күнүгэр Улахан-Аан нэһилиэгэр «Булчут мүччүргэннээх сырыылара» диэн ааттанан ыытылынна. Эдэрдиин-эмэнниин алта кыттааччы баара: Улахан-Аантан удьуор булчут Иванов Василий Гаврильевич, Борисов Афанасий Ильич, Иванов Валентин Дмитриевич, эдэр ыччаттан Ефремов Виктор, Трофимов Илья, Өктөмтөн Белолюбскай Андриан Семенович. Күөн күрэс түөрт түһүмэҕинэн ааста. Бастакынан кыттааччы бэйэтин билиһиннэрдэ, иккиһинэн кыттааччы бултаабыт түгэниттэн мүччүргэннээх сырыыларыттан ирэ-хоро кэпсээтилэр, үсүһүнэн кыыл-сүөл, кус-хаас саҥатын үтүктэн көрдөрдүлэр, төрдүс түһүмэххэ «Байанай бэлэҕэ» диэн ааттаан, байанайтан бэриһиннэрбит астарын сырдаттылар, дьүүллүүр сүбэни күндүлээтилэр. Бу күн үгэс быһыытынан «Байанай» сурунаалга чэпчэтиилээх сурутуу буолла, сүүйтэриитэ суох лотерея оонньонно, атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ. Олохтоохтор Хатас сибиинньэ комплекс бородууксуйатын хамаҕатык атыыластылар, олохтоох библиотека Байанайга аналлаах кинигэ быыстапкатын туруорда, түөлбэлэр хаартыска быыстапкатын тэрийдилэр, удьуор булчут Ивановтарга анаан хаартыскалардаах, булка туттар тэриллэрдээх быыстапка оҥорбуттар. Илгэлэр күрэс быыһыгар булка сыһыаннаах көрдөөх-нардаах оонньууну ыыттылар. Дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарар кэмигэр биллэр-көстөр алгысчыппыт Саввинов Александр Васильевич-Алгыстаах Өлөксөөн эдэр ыччакка анаан бултка таҕыстахха хайдах дьаһанан сиэри-туому тутуһан сылдьалларын кэпсээтэ, мустубут дьоҥҥо дьолуону түһэрэр алгыһын анаата. Күөн-күрэс кыттыылаахтарыгар анал ааттар иҥэрилиннилэр. Булчут удьуорун утумун салҕааччы, үс оҕо амарах аҕата Иванов Валентин Дмитриевич «Булчут мүччүргэннээх сырыылара» аатын ылыан ылла. Бары кыттыылаахтарга култуурабыт салалтатын аатыттан сыаналаах сертификаттар туттарылыннылар. Күөн күрэс кыттыылаахтарыгар, тэрийээччилэргэ махтал суруктарын туттартаата нэһилиэк аҕа баһылыга Иринеев Олег Валерьевич, түгэнинэн туһанан булчуттар түмсүүлэрин салайааччыта ООО «Кэтэмэ» бэрэссэдээтэлэ Павлов Афанасий Афанасьевич сорсуннаах булчуттарыгар махтал суруктары уонна сэмэй бэлэхтэрин туттарда. Тэрээһини Улахан-Аан оһуокайдьыттара киэҥ түһүлгэлээх оһуокайынан түмүктээтилэр. Дьоро киэһэҕэ сылдьыбыт дьон дьиэлэригэр илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар. Инникитин даҕаны бу кэскиллээх тэрээһиммит кэтит кэскилэ кэтирээтин, уйгулаах олохпут уруйа улааттын, бардам биэриилээх, барылы кэскиллээх баай Байанайбыт бэриһиннэрэ турдун.

«Булчут мүччүргэннээх сырыылара» күөн-күрэс удьуор булчуттар дойдуларыгар
© ЯСИА.RU