Кыһыл көмүс ыллык тыргыллыа, аартык арыллыа турдаҕа

Саха биллиилээх суруйааччыта, бэйиэтэ, литературнай критигэ Павел Николаевич Харитонов – Ойуку 75 сааһын Дьокуускай куоракка П.А.Ойуунускай аатынан академическай драмтеатрга ылар туһунан сурах-садьык от ыйын ортотуттан биһиги улууспутун, Саха сирин тилийэ сүүрбүтэ. Сэтинньи 16 күнүгэр 2016 сылга киэһэ 18 чаастан бу ааттаммыт уораҕайга баппат киһи муһунна. Ити аата суруйааччыны дьон-сэргэ улаханнык ылынарын, ытыктыырын бэлиэтэ. Бу түһүлгэни тэрийэн ыытар бөлөх силигин ситэрэн сиһилии бэлэмнээбитэ биллэр. Дьоруойбут олоҕун-дьаһаҕын оҕо эрдэҕиттэн сүһэн ылан, тыйаатыр сыанатыгар көрдөрдүлэр. Кырдьык да, аатырар-сураҕырар Тойон Арыы сиригэр-уотугар сэбиэскэй былаас маҥнайгы сылларыттан үс холкуос тэнийэн, байан-тайан олорбута биллэр. Кыра Байбал, дьадаҥы ыал оҕото, тирбэҕэ быстыбатынан бэрт эрэйи көрөн улааппыта көрөөччүнү итэҕэтэр гына бэлэмнэммит, сатабыллаахтык туруоруллубут. Ити кэнниттэн Саха сиригэр үлэлиир суруйааччылар икки Сойуустарын салайааччылара бэйэлэрин дьоннорун батыһыннаран тахсан Павел Николаевыһы эҕэрдэлээтилэр. Ити этиллибит Сойуустары түмэ тутан үлэлэтэр соруктаах СР суруйааччыларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров кэрэмэс кэрэ тылы эттэ. Бус кун бииртэн биир суруйааччы, салайааччы бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан тыл бөҕөтүн эттилэр, сурук-бичик, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаатылар. Биллэрин курдук, саха, нуучча норуоттара доҕордоһуулара 16-с үйэттэн олоххо киирбитэ. Уордаах Уйбаан Арассыыйаны салайан олорор кэмиттэн саха сиригэр айан суола тыргыллыбыта. Бэл Арассыыйаны кытары кэккэлэһэ сытар Илиҥҥи дойдуларга үлэлиир соруктаах посолларбыт бу саҥа арыллыбыт дьаам суолунан айаннаабыттара, сүүрдүбүттэрэ. Ити кэмтэн ылата саха уонна нуучча норуота эйэ дэмнээхтик олорбута, бэйэ-бэйэлэригэр хардарыта көмөлөсүһүүлэрэ саҕаламмыта. Ол туһунан Павел Николаевич Харитонов 4 томнаах “Хоболоох суол” диэн кинигэтэ күн сирин көрдө, дьонун-сэргэтин сөхтөрдө. Павел Николаевич Харитонов чугас доҕоро Василий Харысхал кэпсииринэн, кэскилигэр суруйааччы буолар дьылҕалаах, үс уол Сэргэлээх уопсайын биир хоһугар түмсэн олорбуттар эбит. Оччолортон Павел Николаевич таһынан дьалкыҥныы сылдьар талааннааҕа уолаттары сөхтөрбүт. Айылҕаттан бэриллибит талааннаах ырыаһыт, маанылаах уруһуйдьут, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, ылыннарыылаах литературнай критик буолара биллибит. Биир тылынан эттэххэ, өтөрүнэн буолбатах үтүө-мааны түһүлгэ буолан ааста. Түмүктээн этэр буоллахха, ХХI-ХХII-с үйэлэр алтыһыыларыттан саҕалаан Аан дойду дьоно-сэргэтэ билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта үтүмэнниир кэмэ. Ордук арылхайдык хоту сир уйулгута дьону-сэргэни угуйуо. Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыта, сайыҥҥы өҥүрүк куйааһа өйдөрүн-санааларын өрүкүтүө. Умнууга барбыт ыраахтааҕы ыллыга хаттаан тиллиэ, кыһыл көмүс ыллык буолан тыргыллыа, аартык буолан арыллыа турдаҕа. Ол кэмҥэ Павел Николаевич – Ойуку “Хоболоох суол” диэн романа суолдьут сулус буолан тырымныы умайыа. Бу буолуо суруйааччы буолуу дьоло-соргута.

Кыһыл көмүс ыллык тыргыллыа, аартык арыллыа турдаҕа
© ЯСИА.RU