Тапталлаах Тумаппыт үбүлүөйэ

Ааспыт ый ортотугар Усуйаана улууһун «Тумат национальнай нэһилиэгэ» төрүттэммитэ 75 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх бырааһынньыгын олохтоохтор уонна ыалдьыттар үөрэн-көтөн уонна өрө көтөҕүллэн бэлиэтээтилэр. Сэттэ уон алта сыл анараа өттүгэр, Аҕа дойдубут өлөр-тиллэр кырыктаах сэриитэ саҕаламмыта бастакы сылыгар, Сэбиэскэй Сойуус коммунистическай партията салайар государствота немецкэй-фашистскай халабырдьыттары утары элбэх хаан тохтуулаах хабыр хапсыһыытын кэмигэр, ыраах хоту сиргэ булчуттар саҥа бөһүөлэктэрин, кинилэр оҕолоро үөрэнэллэрин туһугар саҥа оскуоланы тутууну дьаныһан туран саҕалаабыттара. Ол бэйэтин туһугар эмиэ оччотооҕу дьон килбиэннээх героическай кыайыылара этэ диэн толору этэр, сырдатар бырааптаахпыт диэххэ наадалаах. Оччолорго Нуучча үрэҕэр Баатаҕай бөһүөлэгин холкуоһугар, эбэтэр Илин Сыалаахха баар «Күүрэ» холкуоска аҕыйах ахсааннаах төрүт уус булчуттар эрэ олорбуттара. Эмиэ ити курдук Чоондоон үрэҕэр баар Кыыл Тимирбит диэн учаастакка сылгыны, сүөһүнү иитэр дьон, төһө да аҕыйах ахсааннаахтарын иһин, холкуос быһыытынан үлэлээн-хамсаан, бэйэлэрин ииттэн, быр-бааччы олорбуттара. 1940 сыллаахха кыракый холкуостары бөдөҥсүтүү бэлиитикэтэ күүскэ ыытылларын саҕана Чоондоон, Илин Сыалаах, Нуучча үрэхтэрин устунан баар кыракый холкуостар уонна түмсүүлэр бары бииргэ холбоһон, бөдөҥсүйэн олорорго, саҥа бөһүөлэги тутарга анал миэстэни буларга, көрдүүргэ уопсай мунньаҕынан быһаарыы ылыммыттара. Ол сайын Чоондоон үрэҕин үөһээ уонна аллараа өттүгэр тоҕоостоох сири көрдөөннөр, холкуостар уопсай мунньахтарынан талыллыбыт аналлаах хамыыһыйа, хас да тыынан сылдьан саҥа бөһүөлэги тутар сири сыныйан, талан көрдөөбүттэрэ. Кинилэр элбэх сири сирийэн үөрэтэн, кэпсэтэн, ырытан уонна үгүс мөккүөр кэнниттэн сүрдээх хойуу мастаах, ойуурдаах, үрдүк туруору таас чаркы биэрэктээх, сирэ-буора кытаанах, бу билиҥҥи Тумат турар миэстэтин олус сөбүлүү көрбүттэрэ. Бөһүөлэги манна тутуохха сөп эбит диэн биир санааҕа кэлбиттэрэ. 1941 сылтан ыла саҥа бөһүөлэги тутуу күүскэ уонна күргүөмнээхтик саҕаламмыта. Бастатан туран булчуттар уонна табаһыттар олорор анал дьиэлэрэ, оҕолор үөрэниэхтээх оскуолалара, нэһилиэнньэни аһынан-таҥаһынан хааччыйар маҕаһыын, олохтоох Сэбиэт дьиэтин тутуу ыытыллыбыта. Саҥа дьиэлэри тутуу маһын туруу үлэһиттэр Чоондоон үрэх үөһээ өттүгэр саас эрдэ баран, кэрдэн, бэлэмнээбиттэрэ. Уунан уһааран бөһүөлэк тутуллуохтаах сиригэр аҕалбыттара. Историяттан биллэринэн, 1941 сыл сайыныгар оскуола дьиэтин үөрэ-көтө, таһаарыылаахтык, өхтөөхтүк тутан үлэлии-хамсыы сырыттахтарына, АН-2 самолет кэлэн кууллаах почтаны бырахпыт. Почтанан кэлбит суругунан тэлэгэрээммэни олохтоох Сэбиэт үлэһитэ тутааччыларга уонна нэһилиэнньэ бары дьонугар дорҕоонноохтук аахпыт. Онно немецкэй-фашистскай талабырдьыттар Сэбиэскэй Сойууска кыыллыы, уоран саба түспүттэрин туһунан этиллибит. Онон туох-баар үлэ Кыайыы туһугар, туох барыта фронт туһугар диэн сүгэ-балта тылларынан кытаанах ыҥырыы этиллибитэ ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитин курдук ынырыктыйан иһиллибитэ. Сонно бөһүөлэги тутааччылар уонна бары олохтоохтор мустан немецкэй-фашистскай халабырдьыттары утары таһаарыылаах, кыайыылаах үлэнэн охсуһарга диэн ыҥырыы миитин оҥорбуттара. Уоттаах сэрии аас-туор сылларыгар бэйэни харыстаммат дьаныардаах үлэ түмүгэр, Тумат бөһүөлэгин 1942 сыллаахха тутан бүтэрбиттэрэ уонна ити сылы бөһүөлэк төрүттэммит сылынан ааттаабыттара. Итинтэн ыла Тумакка булчуттар, табаһыттар уонна балыксыттар тоҕуоруһан, уутуйан олохсуйбуттара. Хоту дойду кылааннаах түүлээҕин үрүҥ кырсаны бултааһыны, судаарыстыбаҕа туттарыыны, нэһилиэк сорсуннаах сонордьуттара кыайа-хото бултаабыттара. Үлэҕэ үрдүк ситиһии, кыайыы сотору кэминэн баар буолбута. Ол курдук, 1957 сыллаахха аатырбыт булчут Колесов Николай Саввич кэккэ сылларга кырсаны бултааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ, Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн саамай элбэх ахсааннаах түүлээҕи бултаан, Социалистическай Үлэ Геройун үрдүк аатын ылбыта. Кини бииргэ сылдьыбыт, бултаабыт үөлээннээҕэ Томскай Алексей Алексеевич II эмиэ түүлээҕи бултааһыҥҥа үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Үлэ Кыһыл Знамятын икки төгүллээх кавалера буолбута. Николай Саввич ииппит, үөрэппит эдэр булчута Колесов Сергей Иванович Үлэ Кыһыл Знамятын булт идэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ, Сэбиэскэй Сойууска бастыҥ көрдөрүүлэрин иһин ылар чиэскэ тиксибитэ. Таба иитиитигэр уһулуччу бастыҥ көрдөрүүтүн сыаналааннар, биллиилээх табаһыт Томскай Алексей Алексеевич I Өктөөбүрүскэй өрөбөлүүссүйэ биэс уон сылыгар аналлаах мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Ити курдук Тумат нэһилиэгин үтүө-мааны дьон үлэҕэ, үөрэххэ ситиһиилэрэ элбэх. Тумат нэһилиэгэ төрүттэммитэ 75 cылыгар аналлаах үбүлүөй дьон-сэргэ санаата кэлэн, олсу үчүгэйдик ааста. Тэрээһин истиҥник уонна өрө күүрүүлээхтик ыытылынна. Хаһаччыйаттан уонна Усуйаанаттан элбэх киһи кэлэн олохтоохтор үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэһиннилэр. Хаһааччыйаттан ырыа ансаамбыла олохтоохтору эҕэрдэлээн ырыа бастыҥын ыллаан олохтоохтору улаханнык сэргэхситтэ. Усуйаанаттан «Кэрэчээнэ» үҥкүү кэлэктиибэ бэртээхэй үҥкүүлэринэн үөртүлэр. Усуйаана нэһилиэгин аҕа баһылыга Никита Кимович Филиппов биир дойдулаахтарыгар анаан эҕэрдэ тылларын тиэртэ, ис сүрэҕиттэн долгуйан, иэйэн туран ырыа ыллаан бар дьонун махталын, хайҕалын ылла. Үөрүүлээх бырааһынньык түһүлгэтигэр мустубут ыалдьыттар бастакы күн бэйэ-бэйэлэрин кытта билистилэр, ирэ-хоро сэһэргэстилэр. Дьоро киэһэ туматтар эҕэрдэ кэнсиэрдэрэ ыытылынна. Манна ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт, Сахабыт сирин эстрадатын биллиилээх ырыаһыттара Сахаайа, Василий Еремеев, Александр Максимов кыттыһан, бэртээхэй кэнсиэри көрдөрөн, бу күүтүүлээх уконна долгутуулаах бэлиэ даатанан истиҥник эҕэрдэлээн көрөөччүлэри үөртүлэр. Сарсыныгар күн-дьыл туруга төһө да мөлтөөбүтүн, туманнырбытын, хаардаабытын иһин, бөһүөлэк аттыгар бэрт сэргэх күрэхтэһии буолла. Манна дьиэ кэргэттэр хамаандалара саанан ытыыга, чэйи түргэнник оргутууга, кырсаҕа хапкаан иитиитигэр уонна да атын көрүҥнэргэ күөн көрүстүлэр. Илин-кэлин түсүһүү, күрэхтэһии бэрт эриһиилээх, хатыһыылаах буолан, дьон-сэргэ олус астынна. Түмүккэ, түргэн-тарҕан туттунуулаах Хаһааччыйа олохтоохторо Надежда, Алексей Филипповтар кыайыылааҕынан таҕыстылар. Иккис миэстэни булчут дьиэ кэргэн Анна, Айаал Томскайдар (Тумат) ыллылар. Бу киэһэ Хаһааччыйа уонна Усуйаана ыалдьыттара кыттыһан бэртээхэй кэнсиэри көрдөрдүлэр. Үһүс күн нэһилиэктэр икки ардыларыгар волейболга киирсии кытаанаҕа буолан, көрөөччүлэри ууга-уокка түһэрдилэр. Хаһааччыйаттан икки, Усуйаанаттан биир, олохтоохтортон оҕолор уонна улахан дьон хамаандалара кытыннылар. Күрэхтэһиигэ ыалдьыппыт, саха эстрадатын биллэр ырыаһыта Василий Еремеев кыттыһан оонньоспута тыа сирин дьонун-сэргэтин санаатын өрө көтөхтө, сэргэхситтэ. Онтон дьахталларга Тумат кыргыттара былырыыҥҥы кыайыыларын өссө төгүл бигэргэтэн, хайҕал маанытын ыллылар. Кинилэр ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан кубогы илдьэ хааллылар. Ити курдук Тумат нэһилиэгэ төрүттэммитэ 75 сылын үөрүүлээх үбүлүөйэ олус үчүгэйдик, астыктык, үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Олохтоохтор уонна ыалдьыттар бары бу бырааһынньыктан олус астынан, дуоһуйан тарҕастылар. 1 из 5

Тапталлаах Тумаппыт үбүлүөйэ
© ЯСИА.RU