Күүстээх санаалаах Бииктэр Горуохап
Уол оҕо олоҕун тухары элбэх моһолу көрсөр. Кини хайдах-туох дьылҕаланан тахсара онно быһаарыллар. Сорох ыһыктынан кэбиһэр, эрэйдээх-буруйдаах олоххо тэбиллэр. Оттон сорохтор бэйэ бодотун тардынан, куһаҕан кэмэлдьини киэр илгэн, дьон ортотугар сылдьар үтүө киһи буолан үөрдэллэр. Мин бүгүн кэпсиир киһим Горуохап Бииктэр диэн. Депутатскайга, Хаһааччыйаҕа, Уус Куйгаҕа кинини элбэх киһи билэр, доҕотторо да элбэхтэр. Бииктэр киһи киэнэ кылааннааҕа, байанайдаах кусчут, балыксыт ааттааҕа, уу мотуорун эргиччи сүүрдэр эр бэрдэ. Бииктэри аан бастаан, 90-с сыллар саҕаланыылара, күһүн сэтинньигэ, Хаһааччыйа сиригэр балыктыы бара сылдьан көрбүтүм. Харбыт учаастагыттан Березкин Ньукулай Лааһарабыстыын бураанынан кэлэн иһэн, утары айаннатан иһэр балыксыттары көрүстүбүт. Хотугу дьон сиэринэн, тохтоон кэпсэтэ түстүбүт. Онно СКС бинтиэпкэтин ноторуускалыы иилиммит, эрэһиинэ саппыкылаах, саҥарбыт-иҥэрбит орто саастаах эр бэрдин өйдөөн хаалбытым. Кэлин барбыттарын кэнниттэн, Коляттан ыйытабын: “Ити кимий? Атаҕа тоҥмот дуо?”. Колям: “Атах таҥаһын оҥорооччу Бииктэр Горуохап. Кини атаҕа тоҥмот”, — диэтэ. Онно дьэ өйдөөтүм, Депутатскайга, бытовой кэмбинээккэ үлэлии сылдьар диэн истибит уолум эбит. Бииктэр олоҕо урут наһаа үүт тураан буолбатаҕа, бэйэтин кэмигэр элбэх эрэйи-муҥу көрсүбүтэ. Кини 1960 сыллаахха Хаһааччыйаҕа күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Кэтэриинэ Сүөдэрэбинэ Горуохаба буҕаалтыр идэлээх этэ. Хаһааччыйа оройуон киинэ эрдэҕинэ, үөрэх салаатыгар идэтинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Болуодьа, Александр, Светлана уонна Бииктэр бииргэ төрөөбүттэр этилэр. Олортон билигин эдьиийэ Светалыын бааллар. Светлана билигин Хаһааччыйаҕа ытыктанар ыал ийэтэ. Александр Горуохап (Шурик) норуокка биллэр ырыаһыт, худуоһунньук этэ. Кини уруһуйдаан хаалларбыт болотуналара билигин элбэх ыал (ордук куорат бас-көс ыалларын) дьиэтин киэргэтэр. Чэ, Бииктэрбитигэр төннүөххэ. Кыра кылаастарга үөрэнэ сырыттаҕына, кыра уолу аймаҕа оҕонньор, Горуохап Баһылай Сэмиэнэбис диэн Үлэ Албан Аата уордьаннаах балыксыт, сынньалаҥнарыгар Көппөх диэн учааскаҕа ытынан илдьэ барааччы. Баһылай оҕонньор Бииктэри элбэххэ үөрэппитэ: илими баайарга, үтэргэ, балыксыт бары албастарын билэргэ уһуйбута. Оскуоланы бүтэрээт, «Усуйаана» сопхуоска үлэлии киирбитэ. Слепцов Дмитрий диэн тырахтарыыска куруусчугунан сылдьыбыта, араас таһаҕаһы бөһүөлэк иһигэр, ыраах учаастактарга тиэйэллэрэ, улахан сопхуос бүппэт үлэлээҕэ. Ол быыһыгар син биир балыкка сылдьара. Онтон… Дьэ, 80-с сыллаахха алдьархай ааҥнаабыта. Эдэр уол ол саҕана, оччотооҕу сорох ыччат курдук куһаҕан дьаллыкка ылларбыта, арыгыны иһэр буолбута. Ол сылдьан, кыһын кырбанан баран атаҕын үлүппүтэ. Онно кини икки атаҕыттан мэлийбитэ…… Бииктэргэ ол саҕана араас санаа барыта киирбитэ. Ол гынан баран аймахтарын, доҕотторун өйөбүллэрэ муунтуйбут санаатын сааһылаабыттара, бэттэх аҕалбыттара. Дьэ онтон саҕаламмыта, өр сыллаах реабилитация, атахха туруу. Олоххо тардыһылаах эдэр уолу, Хаһааччыйа нэһилиэгин салалтата Депутатскайга үлэҕэ кэпсэтэн, бытовой кэмбинээккэ ыыппыта. Депутатскайга кэлэн Бииктэр атах таҥаһын улларааччы үөрэнээччитинэн үлэлээн барбыта. Нуучча ньургуннара, бытовой кэмбинээт маастардара элбэх саҥалаах, чаҕыйан, толлон турбат уолу тута сөбүлээбиттэрэ. Петр Глушков, Николай Журавлев диэн идэлэрин дэгиттэр баһылаабыт маастардар Бииктэри элбэххэ уһуйбуттара. Кини билигин да, ол саҕана бииргэ үлэлээбит Коля Ефимовын, Петя Фроловун кытта үөрэ-көтө алтыһар. Петя Бииктэр үлэлиирин саҕана үөрэнээччинэн кэлэн баран, аны Усуйаана улууһугар атах таҥаһын бастыҥ оҥорооччу буолбутуттан олус үөрэр. «Оо, дьэ элбэх тыс кэлэр этэ”, — диэн оччотооҕу кэми Бииктэр Ньукулаайабыс ахтар. Кэмбинээккэ төһө да өр үлэлээтэр, Хаһааччыйатын сирин ахтан, балыксыт буолар баҕата батарбакка, дойдутугар төттөрү барбыта. Дойдутугар кэлэн «Дьааҥы» общинаҕа харабыллаабыта. Ол сылдьан, дьоҥҥо балыктата илдьэ барыҥ диэн тылланан көрөрө да, бары куттана санаан буолуо, ылбаттара. Хата, аҕа табарыыһа, доҕоро Гуляев Алексей Петрович, иннинэн киһи буолан, сөбүлэһэн илдьэ сылдьыбыта. Өлөксөй Бөтүрүөбүс “Дьааҥы” община биир туллубат тутааҕа, бастыҥ балыксыта Бииктэри илдьэ сылдьан барытын саҥаттан үөрэппитэ. “Дьэ, сэмэһит киһи, манна сыыстыҥ, оннук оҥор» диэн элбэхтик мөхпүтэ»,— диэн кэлин Бииктэр күлэр. Ситинник сылдьан, орто киһиттэн хаалсыбат балыксыт, сааһыт буолбута. Манна диэн эттэххэ, кэлин атын сиртэн кэлбит табаарыстарын элбэххэ бэйэтэ үөрэппитэ. “Дьааҥы” община солбуллубат биригэдьиир-балыксыта буолбута. Ботуччу соҕус былааннааҕын куруук толорор этэ. Онтон соҕотоҕун ииппит, төрөппүт уола Коля, тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ сырыттаҕына, , эдэр киһи үлэлиэ-хамсыа диэн «Уочаракаан” кэпэрэтииби, балыктыыр учаастагын киниэхэ анаан, ааттаан-суоллаан тэрийбитэ. Уочаракаан ийэтин төрөөбүт, улааппыт сирэ буолан, киниэхэ бу сир ордук чугас этэ. Тэрилтэтин оҥосторугар, үлэлэтэригэр табаарыһа Горохов Владимир Васильевич улаханнык көмөлөспүтүн Бииктэр улаханнык махтана саныыр. Бэйэтэ билинэринэн, кумааҕы үлэтин сатаабакка хаста да кэпэрэтиибин саба сыспыт. Ону, хата, аймахтара өйөөн саптарбатахтар. «Дьэ, балыктыыры баҕас сатыыбын, онтон кумааҕыга кэлэн “өлөн” хаалабын”, — диир Бииктэр. Уола дьэ үчүгэй баҕайытык үөрэнэн испитэ баара да…. Ыраах сиргэ тиийэн үөрэнэ сылдьар оҕочоон бэйэтин бэйэтэ көрүнээри, аҕатын моонньугар олорумаары үлэҕэ түсүһэн иһэрэ. Куоракка харчыланаары бииргэ үөрэнэр уолаттарын кытта дьиэ үрдүттэн хаар түһэрэ сылдьан оһолго түбэһэн, быстахха былдьаммыта. Бу Бииктэргэ ыраас халлааҥҥа эмискэ этиҥ эппитинии олус ыарахан, улахан охсуу этэ. Бииктэр бары аһыыны-абаны тулуйан, бэйэ бодотун туттунан олоҕун салҕаабыта. Кини күүһэ баарынан үлэлии-хамсыы сылдьар. Билигин иккиһин олоҕун оҥостон, кэргэннэнэн, оҕолонон, дьон сиэринэн үлэлии-хамсыы сылдьар. Кэргэнэ Яна Иннокентьевна Неустроева, Усуйаана киин бибилэтиэкэтигэр үлэлиир. Күннэрэ-ыйдара кыра уолларыттан, Витюшаттан тахсар. Биирдэ эмэ көрүстэххэ, сыыртан сырылатан үөрэн-көтөн иһэр буолаллар, эбэтэр туох эрэ минньигэһи ылан тиэтэйэ-саарайа илдьэн иһэр буолар. Сорох ааҕааччы ыйытыан сөп, Бииктэр туһунан үрүҥүн, үчүгэйин эрэ суруйбакка, олоҕор буолан ааспыт күлүк өттүн тоҕо дьон билиитигэр таһаардыгыт диэн. Дьэ, манна этиэхпин наада, өр, бэйэбэр иитиэхтээн, сыл толкуйдаан баран суруйдум. Бииктэрдиин бэйэтин да кытта кэпсэппитим, кини сөбүлэспитэ. Кистэл буолбатах, Депутатскайга даҕаны, атын да бөһүөлэктэргэ, нэһилиэктэргэ асоциальнай дьон аҕыйаҕа суох. Икки илиилээхтэр, атахтаахтар, төбөлөөхтөр, ханнык баҕарар үлэни кыайар кыахтаахтар. Ол гынан баран, хомойуох иһин, аһыы утаҕы батыһан ханна да үлэлээбэккэ сылдьаллар. Ити Депутатскайга, 27, 25 дьиэлэр тастарыгар баар ыскамыайкалары буулаан, кэлбит-барбыт дьонтон харчы умналаан күннэрин барыыллар. Атын дьон сынньанарын да мэһэйдииллэр. Итинэн тугу этээри гынабыный. Бииктэр Ньукулаайабыс курдук эрэйи эҥэринэн тэлбит эр бэртэриттэн холобур ылан, кэрэҕэ-үтүөҕэ дьону угуйуохха наада. Киһи санаата күүстээх, ыарахаттартан чаҕыйбакка олоҕу хайдах баарынан олоруохха наада. Бииктэр хаһан да муҥатыйа сылдьыбат. Били, этэргэ дылы, баары баарынан, суоҕу суоҕунан сылдьар көнө сүрүннээх. Сороҕор салалтаны кытта тылынан кииристэр да, кырдьыксыт, ис сүрэҕиттэн тэрилтэтэ, дойдута сайдарын туһугар кыһанар. Этинэн-хаанынан олох аһыытын-ньулуунун билбит киһиттэн, Бииктэртэн, холобур ылан, баҕар биир эмэ бүдүрүйбүт киһи көннөрүнэр суолга үктэниэ дии саныыбын. Биһиги Бииктэрбит курдук санаатын түһэрбэккэ иннигит диэки эрэллээхтик хардыылааҥ.