Таатта тыйаатыра оҕо аймах айымньытын киининэн буолар

Оҕо сааһыттан сценкаларга талбыт оруоллары толорбут, культурнай-сырдатар училищены бүтэрэр дипломнай үлэтигэр оҕолору кытта сэмдэйдэһэн 1974 сыллаахха Гаврил Колесов «Булчут сиэнэ» диэн кыракый испэктээгин Кыйы кулуубугар ситиһиилээхтик туруорбут Матрена Николаевна Вырдылина тыйаатырга умсулҕаннаах олоҕо кустук араас өҥүнүү оонньоон кэрэтик саҕаламмыта. Ол кэмтэн ыла Чөркөөх орто оскуолатын иһинэн оҕо театральнай кэлэктиибэ тэриллэн 2005 сыллаахха «Кустук» оҕо образцовай тыйаатырыгар диэри үүнэн-сайдан тахсыбыта. Матрена Николаевна Гаврил Гаврильевич Вырдылинныын тапталларын холбоон, элбэх оҕолоох ыал буолан Чөркөөххө олорон кэлбиттэрэ. Оҕолоро үөрэхтэнэн, үлэһит, ыал-дьон буолан, дьон-сэргэ сэҥээрэр үтүөкэн дьон буолан таҕыстылар. Кэргэнэ Гаврил Гаврильевич, оҕолоро ийэлэрин үйэтитэн «Оҕолорго анаммыт олох» диэн ахтыы-кинигэни таһаардылар. 1974 сылтан 2000 сылларга диэри 68 араас испэктээги, инсценировкалары, ити иһигэр саха элбэх классик, аныгы суруйааччыларын драмаларыттан, прозаическай айымньыларыттан, олоҥхолортон туруорбута. Матрена Николаевна кэргэнинээн Гаврил Гаврильевичтыын СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев 70 сааһын туолуутугар анаан, СӨ бырабыыталыстыбатын үлэҕинэн, кини туһунан «Хотугу хотой оҕо сааһа» диэн инсценировканы суруйан, сыл кэриҥэ бэлэмнээн ситиһиилээхтик туруорбута. Испэктээх 2007 сыллаахха сэтинньи 2 күнүгэр күн сирин көрөн, Саха тыйаатырыгар уонна бэрэсидьиэн төрөөбүт сиригэр тахсар кэмигэр, хомойуох иһин, Матрена Николаевна бу олоххо суоҕа. Онон, оҕолор турунан туран, үтүө киһи, тапталлаах салайааччыларын сырдык ыра санаатын, бүтэһик үлэтин хайаан да таһаарарга соруммуттара уонна ситиһиилээхтик оонньообуттара. Үбүлүөйдээх туруорууга уола Гаврил Гаврильевич уонна Саха Роман Дорофеев кыһаллан чыпчаал көстүүнү оҥорбуттарыгар бу испэктээк кыттыылаахтара махтаналларын туһунан суруллар. Михаил Ефимович оҕо сааһынааҕы уобараһын оччотооҕу үөрэнээччи Семен Вырдылин билигин Дьокуускай куоракка үлэһит ааттааҕа буолан, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьарын, ыал буолан, оҕолонон этэҥҥэ олорорун Гаврил Гаврильевич астына бэлиэтиир. Ити курдук, СӨ култууратын туйгуна, талааннаах артыыс, умсугутуулаах салайааччы, олоҕун оҕоҕо анаабыт учуутал, иитээччи, Күн Күбэй Ийэ, аҕа табаарыс, кэрэ киһи Матрена Николаевна Вырдылина сырдык аатыгар бэһис төгүлүн оҕолор театральнай кэлэктииптэрин бэстибээлэ Ытык Күөлгэ П.А.Ойуунускай аатынан Тааттатааҕы норуот тыйаатырыгар кулун тутар 1 күнүгэр үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Бэстибээли кэргэнэ Гаврил Гаврильевич, уолаттара Гаврил уонна Эдуард, улахан кыыһа Марианна Гаврильевна Неустроева, дьиэ кэргэн, чугас аймахтара, доҕотторо күүстэрин, сатабылларын түмэн, улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы салалтата тэрийдилэр. Бэстибээл икки түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакыга Томпо, Амма, Ньурба,Орто Халыма, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Таатта, Уус Алдан улуустарыттан сайаапкаларынан 250 оҕо кытынна. Видеонан уһуллубут испэктээктэртэн Тааттаттан Уус Таатта, Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолаларын, «Кустук» оҕо тыйаатырын, Амма Абаҕатын, Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүн оҕо театральнай кэлэктииптэрэ ыҥырыллан, тус бэйэлэрэ оонньоон көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэни П.А.Ойуунускай аатынан Саха судаарыстыбаннай тыйаатырын артыыһа, ССРС судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ народнай артыыһа Герасим Семенович Васильев салайда. Сүбэҕэ Матрена Николаевна улахан кыыһа, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей педагога Марианна Гаврильевна, СӨ үөрэҕириигэ туйгуна, любитель-артыыс Виктор Васильевич Винокуров үлэлэстилэр. Бэстибээл үрдүк наҕараадатын Гран-Прини Амма улууһун Абаҕа орто оскуолатын үөрэнээччилэрин театральнай кэлэктиибэ (сал. Е.Н.Попова) ылла. Гражданскай сэрии ыарахан хартыыната «Абаҕа сулустара» испэктээккэ чопчу көрдөрүлүннэ. Испэктээк туруоруллуута, таҥаһа, реквизиттэрэ, тыаһа, муусуката, уотунан киэргэтиитэ, өҥү-дьүһүн туттуллуута, сценографията, артыыстар саҥалара, хамсаныылара, буолар быһыы-майгы орун-оннугар. Тыйаатыр ускуустубатын бары сокуоннарынан сөптөөхтүк туруоруллубут, толоруллубут сценическэй айымньыны көрдүбүт. Этэргэ дылы, бу испэктээккэ оонньообут оҕолор айымньы олоҕунан олордулар. Куонкурус «Эр киһи оруолун бастыҥ толорооччу» анал аата Алеша Калашниковка, «Муусуканан бастыҥ киэргэтии» аат эмиэ бу кэлэктиипкэ бэрилиннэ. Абаҕа оскуолатыгар оҕону патриотическай иитии үлэтэ дириҥ ис хоһоонноохтук ыытыллара бу оҕолор оонньуулларыгар чаҕылхайдык көһүннэ. Куонкурус биир бастыҥ испэктээгин Мэҥэ Хаҥалас Төхтүр орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кэлэктиибэ (сал. Екатерина, Алексей Вензеллэр уонна Алексей Говоров) биэс уолун сэрии толоонугар атаарбыт Феврония Малгина туһунан «Ийэ сүрэҕэ» инсценировканы эмиэ Абаҕалардыы үрдүк таһымнаахтык көрдөрдүлэр. Бу испэктээккэ Хобороос уобараһын толорбут Тома Неустроева «Дьахтар оруолун бастыҥ толорооччу», «Бастыҥ көстүүмнэрдээх испэктээк» анал ааттар бэрилиннилэр. Н.Д.Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатын «Чэчик» тыйаатыр куруһуогун (сал. А.С.Кочнева, А.Н.Винокурова) С.Омоллоон «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык» кэпсээнинэн инсценировкатыгар суруйааччы айымньыта саҥа тыыннанан көһүннэ. Ол курдук, урукку өттүгэр судургутук көрдөрүллэр эбит буоллаҕына, билигин оҕо үөрэхтэниэн баҕарар ыра санаата «түүл нөҥүө» көрдөрүллүбүтэ сонун буолла. Кыракый артыыстар улахаттары кытта бэркэ табыллан, муусуканы, уоту, тыаһы табан туруоран, оонньоотулар. Бу испэктээккэ «Саха классическай уус-уран айымньытын сценическэй уобарас быһыытынан үйэтитии», «Бастыҥ сценография» анал ааттара иҥэрилиннилэр. 1 из 2 Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрин драмкэлэктиибэ (сал. А.П.Колмогорова, Г.Ф.Им) Н.Д.Неустроев «Нууччатымсыйбыт» комедиятынан испэктээги туруордулар. Бу комедиянан араас кэлэктииптэр элбэх испэктээктэри туруортаабыттара. Алампа оскуолатын оҕолорун кэлэктиибин туруоруута бу сырыыга ордук уратыланна. Ол курдук, манна уобарастар уустаан-ураннаан атыннык арылыннылар. Атын омук тыла-өһө, таҥаһа-саба, туттуута-хаптыыта, быһыыта-майгыта атына, саха киһитигэр сөбө суоҕа, атын айылгынан көстө сатаабыт тойон киһи толоос, сүөргү майгыта Алгыс Монастырев толоруутугар итэҕэтиилээхтик көһүннэ. Оттон бу киһи ойоҕун уобараһын, кини дьүөгэтин кэпсэтиилэрин, остуолга туттан-хаптан олорууларын, оччотооҕу дьахталлар быһыыларын-таһааларын кыракый артыыстар олус табан көрдөрдүлэр. Атын киирэр-тахсар, быстах уобарастары испэктээх уопсай хаамыытын, ол кэм тыынын ситэри ойуулаан, артыыстар табыллан толордулар. Онон, «Оруолу кэскиллээх толорооччу» анал ааты Алгыс Монастырев сүктэ. Оттон «Дьахтар оруолун бастыҥ, кэскиллээх толорооччу» аата Валерия Саввинаҕа иҥэрилиннэ. Испэктээк «Бастыҥ уус-уран арыйыы» анал аатынан бэлиэтэннэ. Бэстибээл ураты болҕомтотун Таатта култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын иһинэн үлэлиир Т.И.Захарова салайааччылаах «Кустук» оҕо образцовай тыйаатырын испэктээгэ ылла. «Кустуктар» С.Омоллоон «Бэйэтэ эмтиэкэ» кэпсээнинэн чочулуннаҕына дьон интэриэҕин тардыах бэртээхэй испэктээги көрдөрдүлэр. Испэктээк муусуката, маассабай сценалары табан туруоруута, уотунан киэргэтиитэ, оруоллары артыыстарга аттарыыта табыллыбыт. Оччолорго, кэпсээн суруллубут кэмигэр да, аныгы кэмҥэ да билиҥҥи олох хаамыытын ситэри хардыылаан сиппэт биирдиилээн дьон, эбэтэр атын киһи кыһалҕатыгар ситэри кыһаллыбат дьон бааллара баар суол. Ол курдук, манна аныгы технологиялар да олоххо туттуллалларын үрдүнэн сааһырбыт, ардыгар «түҥ-таҥ соҕус» кырдьаҕас билигин да бэйэтэ билэринэн, бэйэтин кээмэйинэн эмтэнэбин диэн моһуоругуруон сөбүн ойуулаабыттара сөптөөх. Кэлэктиипкэ «Кэскиллээх айар бөлөх» аата бэрилиннэ. Оттон Макар кырдьаҕас уобараһын чаҕылхайдык толорбут Алеша Петровка «Эр киһи оруолун толорууга сайдар, кэскиллээх артыыс» аата иҥэриллибитэ барыбытын үөртэ. Бэстибээлгэ туруоруллубут сыал-сорук туолла. Кыттыбыт оҕолор кыратыттан улаханыттан тутулуга суох биһиги классик суруйааччыларбыт, норуот устуоруйатын уус-уран суруйуунан патриотическай тыыҥҥа иитэр айымньыларын сиһилии ааҕан, бэйэлэрэ оонньоон, тыыннааҕымсытан көрдөрүүгэ үлэлэһэн улахан үлэни көрдөрдүлэр. Инникитин манна хабааннаах үлэни өссө дириҥ ис хоһоонноон, аныгы оҕону телефон «арааска кучуйар ис хоһоонноох» технологияларыттан тэйитэргэ, «дууһа кылын таарыйар» айымньылары туруоруу тоҕоостооҕо көһүннэ. Матрена Николаевна кэргэнигэр Гаврил Гаврильевич Вырдылиҥҥа, оҕолоругар, аймахтарыгар, улуус култууратын салалтатыгар үрдүк таһымнаах тэрээһиҥҥит иһин махталбытын биллэрэбит. Үтүө киһи аата кустук курдук киһини үөрдэн, ыраахха, бүтэр уһуга биллибэт умсулҕаннаах айымньыларга ыҥыра, угуйа туруохтун!

Таатта тыйаатыра оҕо аймах айымньытын киининэн буолар
© ЯСИА.RU