VI-с Мандар Уус түһүлгэтэ эдэр чинчийээччилэри Бүтүн Билии, Ийэ тыл, Уһуйуу тула түмтэ

«Мандар түһүлгэтэ» научнай-практическай конференция ыытыллыыта дириҥ силистээх-мутуктаах. Борис Неустроев үөрэхтээһин эйгэтигэр сыһыаннаах санааларын ситимигэр, өр сылларга иитиэхтээбит толкуйдарыгар олоҕуран, Баайаҕа орто оскуолатын үлэтин ис хоһооно торумнаммыта, дириҥээбитэ. Мандардыы эттэххэ, үлэ сүрүн тосхоло Бүтүн Билиигэ, Ийэ тылга, Уһуйууга сытар. Борис Неустроев-Мандар Уус үөрэхтээһин сыалын-соругун эбии үөрэхтээһин ситимин нөҥүө көрбүтэ. Оҕо бэйэтин личность быһыытынан сыаналанарыгар, баҕаран туран дьарыктанарыгар, дьоҕура, талаана арылларыгар эбии үөрэхтээһин эйгэтэ улахан хамсааһыны таһаарбыта. Улууска сахалыы тыыннаах оскуолалар ситимнэрэ үөскүүрүгэр, айымньылаах алтыһыы эйгэтин акылаата түһэригэр үөрэх улуустааҕы салалтатын үлэһиттэрэ Г.П.Решетников, А.П.Саввин олук уурбуттара. Итинтэн тирэҕирэн, оскуола «Мандар кыһата» уһуйуу оскуолатын тэрийбитэ, «Мандар түһүлгэтэ» НПК ыыппыта. «Мандар түһүлгэтэ» I-ы республикатааҕы ааҕыылар түһүлгэлэрэ 2007 сыллаахха кулун тутар 3-4 күннэригэр Баайаҕа Томторугар ыытыллыбыта. Ааҕыылар бастаан Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус олоххо, этнопедагогикаҕа философскай көрүүлэрин ырытыынан, чинчийиинэн, Мандар Уус олоҕун, айар үлэтин, тылын-өһүн, оһуорун-мандарын үөрэтииттэн саҕаламмыттара. 120 араас дакылаат ааҕыллыбыта. Ааҕыыларга урукку сылларга экспердэринэн үлэлээбиттэрэ: К.Д.Уткин-Нүһүлгэн, профессор, К.Д.Дьячковскай-Анаарар, доцент, А.С.Попова, Е.Г.Винокуров – философия кандидаттара, С.Д.Егинова – филология доцена, И.А.Сивцева – педагогика кандидата, В.Н.Шевелева – культуролог, улуустааҕы үөрэх салаатыттан Г.П.Решетников – начаалынньык, А.П.Саввин – научнай салайааччы, В.В.Винокуров – методическай киин салайааччыта, Б.Ф.Неустроев, Н.И.Егоров, А.П.Лопатин, Ф.И.Чарин — уустар, Рустам Каженкин, Гаврил Андросов – СГУ устудьуоннара. Ксенофонт Дмитриевич Уткин: « Сүрүн болҕомтону бу күн үөрэнээччи ылар, кини үлэтиттэн учуутал үлэтэ, учууталтан оскуола үлэтэ тахсан кэлиэх тустаах»,- диэбит этиитэ оруннааҕын «Мандар түһүлгэтэ» ааҕыылар дакаастаатылар. Ааҕыылар сахалыы тыыннаахтарынан, үгэс, удьуор, утум үөрэтиллэринэн, чинчиллэринэн уратылаахтар, саха төрүт билиитигэр, дьоҕуру сайыннарар ураты ньыматыгар олоҕураллар. Онтон ыла ааҕыылар биэс төгүл ыытылыннылар. Научнай-практическай конференцияҕа кыттыбыт эдэр чинчийээччилэр дакылааттара, иһитиннэриилэрэ «Мандар түһүлгэтэ» хомуурунньукка киирдилэр (хомуйан оҥордо Егорова М.Р.). Үөрэнээччилэр чинчийиилэрин сэҥээрэн, философскай наука доктора, профессор Борис Николаевич Попов, филологическай наука кандидата Михаил Петрович Алексеев-Дапсы, саха итэҕэлин тарҕатааччы Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис, искусствоведение кандидата, доцент Ия Володаровна Покатилова, педагогическай наука кандидата Татьяна Григорьевна Васильева, преподавателлэр Матрена Алексеевна Алексеева, Мария Егоровна Филиппова, Григорий Григорьевич Попов-Боотой уо.д.а сыаналаабыттара, ырыппыттара. Быйылгы ааҕыылар уратыларынан сатабылга (технологияҕа) улахан болҕомто уурулунна. Оҕо бэйэтин нөҥүө аһарбытын, илиитинэн-атаҕынан тутан оҥорбутун, туппутун-хаппытын көмүскээбитэ, ханнык баҕарар ыйытыыга чопчу эппиэти биэриитэ, санааларын сайа этиитэ экспердэри астыннарда. Түһүлгэ судургуттан уустукка айаннаан иһэр тосхоло сөптөөҕүн көрдөрдө. Бу сырыыга экспердэринэн тимир уустара, норуот маастардара Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус, Николай Николаевич Аржаков-Боло Уус, Сарыал Константинович Билюкин, Николай Иванович Егоров-Баайаҕыын, Федор Иванович Чярин, иистэнньэҥнэр, норуот маастара Арина Николаевна Большакова, Александра Васильевна Трофимова, «Саха сирин уустарын сойууһун» пресс-сэкиритээрэ Гаврил Гаврильевич Андросов уо.д.а. үлэлээтилэр. VI-с Мандар Уус түһүлгэтин биир уратытынан нэһилиэк педагогическай династияларын, дьиэ-кэргэттэрин анал бириистэрин эдэр чинчийээччилэргэ туттарыы буолла. Кустуровтар учуутал династияларын бирииһин Харлампьева Айна, Андросовтар – Андросова Таня, Винокуровтар – Романова Алина, Слепцовтар – Винокурова Света, Егоровтар – Тимофеев Кирилл, Мандаровтар – Неустроева Элена, Неустроевтар – Петрова Ангелина, Малгиннар – Чуруков Чаҕыл туттулар. Ааҕыыларыгар кэмнэригэр «Төгүрүк остуол» ыытылынна, манна мустубут уустар, норуот маастардара, салайааччылар салгыы саха норуотун материальнай уонна духовнай култууратын сайдыытыгар салгыы ханнык хардыылары оҥорору, ыччаты төрүт дьарыктарга тардыыга тугунан кыттыһары ырыттылар. Баайаҕа Томторугар тутуллуохтаах моҕол ураһа бырайыагар көмөлөһөргө этиилэрин киллэрдилэр. Оҕолорго анаммыт түһүлгэттэн эдэр чинчийээччилэр санаалара: Винокурова Света (Чымнаайы) – Эбэм, ийэм иистэнньэҥнэр, мин эмиэ иискэ-күүскэ чугаспын диэн санааттан дьарыктанабын. Оҕо айар үлэтин секциятыгар «Коробка для рукоделия» диэн маллаах иһити тигэн аҕалан кытта сылдьабын. Мандар ааҕыыларыгар бастакыбын кыттабын, оскуолаҕыт наһаа үчүгэйин кэрэхсээтим, оҕолор бары наһаа талааннаах эбиттэр. Андросова Аля (Баайаҕа) – Таҥаска сахалыы ойуулары түһэрии араас ньымаларын үөрэппитим, чинчийбитим үһүс сылым. Быйыл точечнай роспись уонна акриловай кыраасканан таҥаска уруһуйдааһын туһунан дакылаатынан кытынным. Ити курдук, эдэр чинчийээччилэр, салайааччылар түһүлгэттэн астынан, үөрэн-көтөн, аны икки сылынан көрсүһүөх буолан тарҕастылар уонна оскуола кэлэктиибигэр (дириэктэр Кларова А.А.), үөрэнээччилэр түмсүүлэригэр (президент Христофоров Гена) тэрээһиннээх, иһирэх көрсүһүү иһин махтаннылар.

VI-с Мандар Уус түһүлгэтэ эдэр чинчийээччилэри Бүтүн Билии, Ийэ тыл, Уһуйуу тула түмтэ
© ЯСИА.RU