Устудьуон, хайдах олордуҥ?

Эбээн-Бытантай улууһун оҕолоро оскуоланы бүтэрэн ханна үөрэнэ киирбиттэрин билиһиннэрии үтүө үгэскэ кубулуйда. Бу сырыыга урут эрдэ бэйэлэрин үөрэхтэрин туһунан билиһиннэрбит, бастакы куурус долгуйууларын кытта үллэстибит устудьуоннар, улахан кууруска тахсан төһө санаалара уларыйбытын билэр сыаллаах кэпсэтиини ыыттыбыт. Вова Сыроватскай, ИрНИТУ геолог идэтин устудьуона: — Былырыын сайын оскуолабын бүтэрээт Иркутскай куоракка ИрНИТУ диэн үөрэххэ киирбитим туһунан кэпсээбитим. Билигин бастакы куурустааҕар номнуо холку соҕус сылдьабын диэххэ сөп. Тоҕо диэтэр преподтары кытта хайдах кэпсэтэрбин, хайдах сыһыаннаһарбын иҥин билбэт этим, сессия да диэни билбэт этим. Нууччалыы үчүгэйдик билбэтим мэһэйдиирэ, боппуруостарга тылынан эппиэттиир ирдэнэрэ, ол ыарахан буолара. Оттон билигин үчүгэйэ диэн преподтартан наһаа куттаммаккын, үчүгэйдик кэпсэтэр буолаҕын. Куһаҕана диэн, идэм предметтара элбээтэ, оскуола предметтара үксүлэрэ барыта бүттэ, барыта саҥа препод уонна үксэ кырдьаҕастар. Бүтэрэрим 4 сыл хаалла. 2020 сыл бүтүүтэ бүтэбин, уопсайа 5,5 сыллаах. Быйыл мин үөрэхпэр 17 оҕо Саха сириттэн кэлбитэ. Оттон мин идэбэр (геолог) 2 оҕо. Эбээн-Бытантайдартан ким даҕаны үөрэнэ кэлбэтэҕэ. Оскуола оҕолоругар баҕарыам этэ, оскуола кэмнэрин сыаналааҥ, устудьуоннуу кэллэххитинэ наһаа ахтыаххыт. Учууталларгытын убаастааҥ, тылларын истиҥ. Үөрэххитигэр кыһаллыҥ, баҕарбыт үөрэххитигэр киирэргитигэр. Сыаллаах-соруктаах буолуҥ. Айта Лаптева, НГТУ устудьуона: — Новосибирскай Государственнай Техническай Университетка үөрэнэбин, идэм «Электротехника и Электроэнергетика». Билигин 4 кууруспун. 2013 сылга професиональнай үөрэхтээһин, хаадырдары бэлэмнээһин уонна аттарыы министиэристибэтэ саас аайы ыытар олимпиадатыгар кыттан бу үөрэххэ киирбитим. Үөрэхпин олус сөбүлүүбүн, кыратык ыарырҕатабын да буоллар. Бастакы кууруска 22 этибит, онтон иккис куурус бүтүүтэ алта атын группа оҕолоро кэлбиттэрэ. Билигин 19 буолан хааллыбыт. Бастакы кууруска соҕотох саха этим группабар, билигин үһүөбүт. Мин санаабар, бастакы кууруһу кытта тэҥнээтэххэ үөрэхпит сылтан сыл аайы ыараатар ыараан иһэр, ол гынан баран интэриэһинэй буолан иһэр. Устудьуон олоҕор улахан туох да ыараханы көрсүбэтэҕим, арай бастакы сылга отой аҕыйаҕы саҥарарым уонна пара кэмигэр көҕө суох этим, ол барыта тугу эрэ нууччалыы тиэрэ, сыыһа саҥарыам диэн кутталтан. Уопсайбыт ыраас, киэҥ уонна саҥа өрөмүөннээх. Үөрэҕим уопсайтан чугас, суолу эрэ туоруохха наада, метро эмиэ чугас. Студгородокпутугар барыта баар — спортивнай саала, бассейн, футбол уонна баскетбол площадкалара, кыһын каток арыллар, поликлиника, остолобуой уонна автошкола. Кыра куурус устудьуоннарыгар үөрэх таһынан сөбүлүүр дьарыккытын быраҕан кэбиһимэҥ, спордунан, ырыа — үҥкүү дьарыккытын илдьэ сылдьыҥ, тыллары үөрэтиҥ диэн сүбэлиэм этэ. Элбэх саҥа доҕоттордонуҥ. Бириэмэҕитин туһалаахтык атаара сатааҥ. Былааннаабыккытын ситиһиҥ. Бары устудьуоннары анал күммүтүнэн эҕэрдэлиибин! Сессияҕытын этэҥҥэ туттарыҥ диэн баҕарабын! Тулуурдаах уонна дьулуурдаах буолуҥ! Сергей Аммосов, НИТУ МИСиС Горнай институтун устудьуона: — Мин “Национальный исследовательский технологический университет Московский институт стали и сплава”, НИТУ МИСиС Горный институтугар 2 кууруска «Взрывное дело» диэн идэҕэ үөрэнэ сылдьабын. Үөрэнэргэ ыарахан соҕус, группабытыгар 19 буолан үөрэнэбит. Универга сахалар элбэхпит, ол гынан баран кэнники сылларга аҕыйаан эрэр эбиппит диэн көрөбүн. Уопсайга биир хоско 4 буолан олоробут — казах, молдаван, нуучча уонна мин. Усулуобуйа барыта баар, үчүгэй, туох да куһаҕана суох. Бастакы сылбыттан туох да уларыйбатах курдук. Туох ханна баарын, турарын билэбин да онон бүттэҕэ дии. Биэс сыл үөрэниэхтээхпин. Сылтан сыл оҕолор туттарсаллара аҕыйаан иһэр, былырыын биһиги 10 — тан тахса буолан киирбиппит, быйыл биэстэр эрэ. Биһиги улууспутуттан ким да кэлбэтэ. Бу иннинэ Мирнэйгэ Светлое диэн бөһүөлэккэ индустриальнай техникумҥа «Релейная защита автоматики» диэн исписээлинэскэ 3 сыл үөрэммитим. Онтон «Алроса» көмөтүнэн Москваҕа үөрэнэ киирбитим. Салгыы үөрэнэ барар баҕалаах оҕолорго экзаменнар иннинэ математикаҕа, физикаҕа, нуучча тылыгар консультация иҥин оҥорбуттара. Ким туттарбыт киирбиппит. Кеша Тарабукин, Национальный исследовательский политехнический университет, Институт Кибернетики, специальность: Автоматизация технологических процессов и производств, 3 курс бакалавриат: — Үөрэх ыарахан, куруутун иэс саптарга сылдьабын. Бу үөрэҕим таһынан «Газпром» институтугар үлэ исписээлинэстэригэр үөрэнэбин. 2-с кууруска «Линейный трубопроводчик» диэн этэ, билигин 3-кэ «Оператор газораспределительной станции» буолла. Группабытыгар 17 буолан үөрэнэбит. Томскай куоракка Саха сириттэн уопсайа 200 — тэн тахса оҕо үөрэнэр. Ким бакалавриатка, ким магистратураҕа. Бу куоракка олус элбэх университеттар уонна омук дьонноро бааллар. Уопсайдарбыт коридорнай типтаах. Душтанар хос коридорга биир эрэ. Кыргыттар уонна уолаттар диэн туһунан, сарсыарда 10-тан түүн 12 чааска диэри үлэлиир. Туалеттар эмиэ этээскэ уопсай. Онон усулуобуйа син аҕай диэххэ сөп. Биһиги улууспутуттан Новосибирскайга эрэ бааллар быһыылаах. Күнү быһа үөрэх, каникул диэн атырдьах ыйыгар уонна Саҥа дьылга эрэ. Үчүгэйдик үөрэнэр буоллаххына стипендия араастаһыытын сороҕун Департамент төлүүр. Саха сирин түмсүүлэрэ буолаллар сороҕор. Уопсайынан мин санаабар, абитуриеннарга улахан перспективалар бааллар. Сыл аайы киин үрдүк үөрэхтэргэ целевойунан киирэр кыах баар. Киин сиргэ үөрэххэ киирбиттэргэ сылга биирдэ Департамент бырайыас төлүүр, ону таһынан эмиэ департаментан стипендия көрүллэр, итинник араас чэпчэтии, көмө элбэх. Киин сиргэ үөрэнэр буоллаххына үгүс араас дьону кытта билсэҕин, көрсөҕүн. Маннык бэлэм усулуобуйаны, престижнай сиргэ үөрэнэри туһаммат сыыһа буолуо дии саныыбын. Егор Потапов, Р.И.Дмитриев аатынан Олимпийскай резервалар училищелара: — Мин быйыл 2 куурууска тахсан үөрэнэ сылдьабын. Биһиэхэ улахан уларыйыы суох курдук, УОР оскуолатын бүтэрээччилэргэ. Тоҕо диэтэргин, 11 кылаас кэнниттэн УОР-га үлдьү устудьуоннуу хаалбытым. Киирэргэ алгебра, нуучча тыла, биология предметтэригэр БКЭ-ни туттараҕын, 3 сыллаах үөрэх. Сарсыарда 8 — тан 11,30 диэри үөрэх, онтон 11:30 дьарык, эбиэт, онтон эмиэ 13:40 — 16:55 үөрэх, 5-тэн 7 чааска диэри эмиэ дьарык, киэһээҥҥи аһылык, онтон дьэ сынньалаҥ. Оскуола эрдэҕиттэн спордунан дьарыктанар дьоҥҥо бу үөрэх үчүгэй, элбэх араас күрэхтэргэ кыттыыны ылаҕын, куруук эрчиллэ сылдьаҕын, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар кэммититтэн киирэр ааммыт эрэ уларыйбыт диэххэ сөп. Барыта биир дьиэ, ааннара эрэ арахсар, чэ уонна көҥүл бэйэҥ хаһан баҕар киирэҕин, тахсаҕын. Оскуолаҕа эбэһээт дьонноох буоллаххына, дьонуҥ кэлэн суруйтаран эрэ баран таһаараллар этэ. Ити курдук улууспут оҕолоро дойду араас муннуктарыгар ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьалларын туһунан кылгастык билиһиннэрдилэр. «Бытантай уоттара» хаһыат.

Устудьуон, хайдах олордуҥ?
© ЯСИА.RU