Биир дойдулаахпыт «Абилимпикс-2016» II-с Национальнай чемпионат кыайыылааҕа

Соторутааҕыта батсаап ситимэ үөрүүлээх сонунунан туолла. Ол курдук, биһиги биир дойдулаахпыт, Ньурба ыччата, Григорий Андреев Москуба куораккка ВДНХ-ҕа доруобуйаларынан хааччахтаах дьон профессиональнай маастарыстыбаларыгар «Абилимпикс» II-c Национальнай чемпионат кыттыылааҕа буолан, аргоновай сыбааркаҕа кыттан бастаата. Мобильнай сибээс көмөтүнэн мин Григорийдыын кэпсэттим. Григорий Дьокуускайдааҕы индустриальнай технологическай институт IV кууруһун устудьуона. Кини үөрэнэр кэмигэр сварочнай производство маастарыгар Ефимов Вадим Васильевичка TIG инертнэй гааһынан аргон алюминийы иһэрдэн оҥорууга биэс күн 1,5 чаастыы үөрэммитин кэпсиир. Бүтэһик кууруһун түмүктүүрүгэр «Универсальнай тыа хаһаайыстыбатын прицебэ» дипломнай үлэтин бырайыагар салайааччынан Иванов Михаил Семенович буолбут. Эдэр киһи маннык таһымнаах улахан күрэхтэһиигэ аан бастаан кыттыбыт. — Москуба куоракка сэтинньи 18-19 күннэригэр ыытыллыбыт ВДНХ “Абилимпикс” Национальнай чемпионакка барыта 63 регионтан 500-тэн тахса киһи кытынна. Биһиги хайысхабытыгар Чечен өрөспүүбүлүкэтиттэн, Санкт-Петербургтан уонна мин Саха сириттэн кытынныбыт. Дьэбинирбэт тимир, алюминий матырыйааллартан конструкцияны чертёһунан иһэрдэн таҥмыппыт. Манна дьүүллүүр сүбэ үлэ хаачыстыбатын сыныйан, кичэйэн көрдө-иһиттэ, сыаналаата, — диир Григорий. Григорий кыратыттан оскуола сааһыттан механикаҕа сыстаҕаһа биллэн, оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар, быыс буллар эрэ массыына өрөмүөннүүрүнэн дьарыктаммыт. Билигин кини бу олус туһалаах дьарыгын сэргэ, тимир олбуордары иһэрдэн оҥоруунан эмиэ дьарыктанарын этэр. Ылбыт идэтин, үөрэммит үөрэҕин кэнэҕэс олохпор туһалыа диэн эрэнэр. Үөрэппит, уһуйбут учууталларыгар уонна Москубаҕа киниэхэ өйөбүл буола сылдьар Иванов Михаил Семеновичка махтанар. Арассыыйаҕа улахан таһымнаах күрэстэһиигэ Григорий бастаабыта биһиги барыбыт үөрүүтэ.

Биир дойдулаахпыт «Абилимпикс-2016» II-с Национальнай чемпионат кыайыылааҕа
© ЯСИА.RU