Хаҥаласка Ньургуһун күнэ

Өрөспүүбүлүкэбитигэр ыам ыйын 18 күнүн ньургуһун күнүнэн биллэриэхтэриттэн биһиги, «Арчы” дьиэтин үлэһиттэрэ, бу бастакы тыллар сибэккибитин уруйдаан, иккис сылын ньургуһун күнүн бэлиэтиибит. Иэйэхсит ыйын көрсө бу нэдиэлэ иннинэ Хаҥалас улууһугар култуура управлениетын салайааччы Громова Сахаайа Владимировна этии киллэрэн, биһиги дьаһалта үлэһиттэригэр Иэйэхсити иҥэрии туомун толорон баран, ньургуһун күнүн көрсө тэрээһин ыыттыбыт. Бу күн күндү ыалдьыт буолан кытыннылар Халыматтан төрүттээх баяниспыт Валерий Бубякин, эмтээх отторунан дьарыктанар Аввакумова Маргарита. Маргарита Николаевна ньургуһунунан хайдах эмтэнэри, хаһан хомулларын билиһиннэрдэ. Онтон олохтоохторго анаан ньургуһун күнүн тэрийдибит. Бу күн мин арчылаатым уонна ньургуһун күнүн туһунан сырдаттым. Тэрээһиҥҥэ «Утум» дьахталлар, “Дьулуур” бэтэрээннэр ансаамбыллара, мелодист, ырыаһыт Александр Уваровскай кытыннылар. Покровскай куорат дьокутаата, Хаҥалас улууһун маастардарын «Уран» түмсүү салайааччыта Лариса Константинова Варвара Федорова – Сэйгэ «Ньургуһуннар 100 ырыа» диэн саҥа ырыаанньыгын билиһиннэрдэ. Биһиги, Саха сирин олохтоохторо, ньургуһуну үтүө холобур оҥостон, Ньургуһун күнүн көхтөөхтүк ыллаан-туойан көрсөрбүт буоллар, олус кэрэ, умнуллубат бырааһынньык буолуо этэ. Онон ньургуһун курдук тулуурдаах, дьулуурдаах, көхтөөх, кэрэ-нарын дууһалаах, сирбитин, дьоммутун киэргэтэр дьон буола чэчириэххэйиҥ, сайдыаххайыҥ, кэрэни көҕүлүөххэйиҥ.

Хаҥаласка Ньургуһун күнэ
© ЯСИА.RU