Войти в почту

Улуус олоҕо: Тыа хаһаайыстыбатын чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһаныы

[vc_row][vc_column][vc_column_text]Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччыларга 2017 сылга чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрии туһунан иһитиннэриини өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары биһирии истибиттэрэ. Ол эрээри кирэдьиит тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларыгар – тыа хаһаайыстыбатын потребительскэй кэпэрэтииптэригэр, тэрилтэлэригэр уонна урбаанньыттарга эрэ бэриллэр. Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ «Улуус олоҕо» бырайыак чэрчитинэн, «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрика иһинэн, тыа хаһаайыстыбатын чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһаныы тула кэпсэттибит. Медиа-кииҥҥэ буолбут төгүрүк остуолга Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кылаабынай исписэлииһэ Герман Николаев, «Россельхозбаан» Саха сиринээҕи филиалын исписэлииһэ Ксения Миронова, Сбербаан Саха сиринээҕи салаатын исписэлиистэрэ Елена Слепцова уонна Саян Иванов, СӨ бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна кэпэрэтииптэрин ассоциациятын толорооччу дириэктэрэ Вера Лиханова, Бүлүү улууһун Тылгыны баһылыга Иван Тимофеев, Амма улууһун фермерэ Александр Фомин кыттыыны ыллылар. Маны таһынан кэпсэтиигэ «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Анивера Акимова, Василий Никифоров уонна Прокопий Бубякин кыттыстылар. Министиэристибэ исписэлииһэ Герман Герасимович кэпсииринэн, хомойуох иһин, күн бүгүн чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ ким даҕаны туһана илик эбит. Уопсайа 80-тан тахса сайаапка киирбит эрээри, бааннар кимиэхэ даҕаны утары бара иликтэр. Ыйытыы: Чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһаныыга Сбербааҥҥа ханнык ирдэбиллэр туралларый? Хоруй: Елена Слепцова, Сбербаан Саха сиринээҕи салаатын исписэлииһэ: – Бастатан туран, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин анал испииһэгэр киллэриллибит буолуохтаахтар. Кирэдьиити ылыан баҕалаахтар тэрилтэлэрин үбэ-харчыта туруктаах буоларын таһынан, солуок уурар баайдаах буолара ирдэнэр. Билигин сбербааҥҥа баара-суоҕа 8 сайаапка киирдэ. Мантан иккитэ аналитиктарга барда. Чурапчыттан уонна Мэҥэ Хаҥаластан киирбит сайаапкалар. Уопсай суумата 10 мөл. солкуобай. Ыйытыы: Алексей Матвеев, Эдьигээн улууһун хаһыатын эрэдээктэрэ: Чэпчэтиилээх кирэдьиити тиэхиньикэни атыылаһыыга, ыарахан уйуктаах массыына ыларга эрэ биэрэллэр. Бу оннугар бураны, уу мотуорун, кыра тиэхиньикэни атыылаһарга биэрбэттэр. ГСМ ыларга эмиэ көрүллүбэт. Эдьигээн общиналара чэпчэтиилээх кирэдьиити туруорсаллар. Уопсайынан, общиналар бааннарга быһа тахсан кэпсэтиэхтэрин, сүбэлэһиэхтэрин сөп дуо? Хоруй: Елена Слепцова, Сбербаан Саха сиринээҕи салаатын исписэлииһэ: – Биһиэхэ кирэдьиит хас да көрүҥэ баар. Холобур, «Бизнес-Авто» бырагырааманан туһанааччылар таһаҕас тиэйэр тырааныспары уонна да атын анал тиэхиньикэни атыылаһыахтарын сөп. «Бизнес-Оборот» диэн бырагыраама эмиэ баар. 150 тыһ. солк. үөһээ суумаҕа бэриллэр. Эбэтэр «Сбербаан-Лизинг» нөҥүө Россия иһигэр оҥоһуллубут тиэхиньикэни, ол иһигэр «Беларусь» тыраахтары атыылаһыыга кирэдьиит бэриллэр. Билигин бу бырагыраамаҕа аахсыйа ыытылла турар. РФ бырамыысыланнаска уонна атыы-эргиэн министиэристибэтинэн субсидия көрүллэр. Манна эбэн СӨ бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна кэпэрэтииптэрин ассоциациятын толорооччу дириэктэрэ Вера Лиханова бэйэтин санаатын эттэ: – Ити буран туһунан этиэм этэ. Уопсай классификатордар бааллар. Хомойуох иһин, буран, уу мотуора ол классификаторга киирбэттэр. Ити испииһэккэ дьоҕус тыраахтардар уонна итиннэ туттуллар пресс-подборщик, от охсор, мунньар тиэхиньикэ, сыарҕа уонна да атыттар киирэллэр. Уматык боппуруоһун эттэххэ, кинилэр 5 бырыһыаннаах кирэдьииккэ хабыллаллар. Иккиһинэн, докумуону хомуйууга уһун бириэмэ барарын таһынан, көрүллүүтэ уһуур уонна ирдэбиллэрэ кытаанах. Барыта түргэнник ыытыллара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Бааннар бааһынайдарга утары баран үлэлиэ этилэр. Ыйытыы: Василий Никифоров, “Саха сирэ» хаһыат ырытааччыта: – Бааннар килийиэннэргэ сыһыаннара уратылааҕын туһунан бааһынайдар санааларын этэллэриттэн сирдэтэн билэбин. Холобур, Чурапчы Мындаҕаайытыгар хортуоппуйу үүннэриинэн дьарыктанар эдэр фермер Данил Павлов маннык суруйар: “Россельхозбаантан» кирэдьиит ылаары гыммыппар уустук баҕайытык кэпсээбиттэрэ. Биир да киһи сатаан ыла илик диэбиттэрэ. Докумуон оҥоһуутугар 1,5 тыһ солк көрдүүллэр эбит. Ол иһин Сбербааҥҥа барбытым. Онно тута докумуоннарбын оҥорон туттарбытым. Икки күнүнэн эппиэт биэрбиттэрэ. Иккис түһүмэххэ эбии докумуоннарбын хомуйан туттардым. Үчүгэйдик сүбэлээн-амалаан биэрдилэр. Уопсайынан, бааннар үчүгэйдик сүбэлээн-амалаан биэрбэттэрэ хомолтолоох. Маныаха майгынныыр балаһыанньаҕа түбэспитин туһунан Амма эдэр фермерэ Александр Фомин этэр: – Бааннары кытта үлэлээн баччаҕа кэллэхпит. Кирэдьиитэ суох кыайан үлэлээбэккин. “Россельхозбааҥҥа” докумуон туттарбытым. Көрдүүр суумам улахан буолан, солуок уурар тиэхиньикэм сыаната эппиэттэспэтэ. Ол иһин аккаастанарым буолуо. “Россельхозбаан” миэстэтигэр исписэлиистэрэ, холобур Амма улууһугар, суох буолбуттара куһаҕан. Докумуоммун Сбербааҥҥа туттардым. Мин бу 5 бырыһыаннаах кирэдьиити чэпчэкитин эрэ диэн ылбаппын. Тэрилтэбэр угаары, үлэлээри-хамсаары ылабын. Хайдах буолар көрүөхпүт. Хоруй: Ксения Миронова, «Россельхозбаан» Саха сиринээҕи филиалын исписэлииһэ: – Биһиги итини үөрэтиэхпит. Улуустааҕы офиспытыгар сибээскэ тахса сылдьыахпыт диэн эрэннэрэбин. Уопсайынан, биһиги хас биирдии килийиэммитин кытары ыкса үлэлэһэбит. Биир эбит итинник түбэлтэ тахсыан сөп. Ыйытыы: Василий Никифоров, “Саха сирэ» хаһыат ырытааччыта: – Бу күҥҥэ диэри тэриллиилээх улахан хаһаайыстыбалар – кэпэрэтииптэр, бааһынайдар чэпчэтиилээх кирэдьиити ылар суолларын кыайан тобулбакка сылдьан, биирдиилээн кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалларга (биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 80 тыһ. тахса баар) биэрии туһунан саныыр даҕаны сатамньыта суох буоллаҕа?.. Хоруй: Герман Николаев, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кылаабынай исписэлииһэ: – Биһиги бу боппуруоска үлэлэлэһэ сылдьабыт. Таах олорбоппут диэххэ наада. Федеральнай таһымҥа уонна бааннарга туруорсабыт. Ирдэбил наһаа ыарахан. Ыйытыы: Василий Никифоров, “Саха сирэ» хаһыат ырытааччыта: – Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтигэр бу боппуруоска анаан селекторынан түөрт төгүл мунньах ыытыллыбыта. Миниистири бастакы солбуйааччы Наталья Дягилева баан исписэлииһэ суох улуустартан тыа хаһаайыстыбатын управлениелара кирэдьиит ылыан баҕалаах хаһаайыстыбалар баһылыктарын, салайааччыларын испииһэктээн (пааспардарын, ИНН-нарын ыйан туран) ыыталларыгар дьаһайбыта. Эһиги бааҥҥытыгар оннук испииһэк киирбитэ дуо? Хоруй: Елена Слепцова, Сбербаан Саха сиринээҕи салаатын исписэлииһэ: – Бу бырагыраама олоххо киириэҕиттэн, икки испииһэк ыытыллыбыта. Бастакы испииһэккэ 44 киһи баара. Барыларын үөрэтэн көрбүппүт. Хомойуох иһин, сорохтор кирэдьиитинэй историялара куһаҕан, атыттар үлэлээбэккэ олорор буоланнар, сыыйыллыбыттара. Инньэ гынан, 23 киһи хаалбыта. Иккис испииһэккэ 65 киһи киирбититтэн, 15-һин талбыппыт. УЛУУСТАРТАН КИИРБИТ ЫЙЫТЫЫЛАР Ыйытыы: Яина Власьева, «Сунтаар сонуннара» хаһыат суруналыыһа: – «Россельхозбаантан» тыа сирин дьоно элбэх кирэдьиит ылан олорор. Ол эрээри биһиги улууспутугар офиһа суох. Банкомата эмиэ. Бу дьон кирэдьииттэрин төлүүллэригэр атын баан өҥөтүнэн туһаналлар. Аны ол бааннар өҥө оҥорбуттарыгар бырыһыан туталлар. Саатар, терминал туруораллара буоллар. Хоруй: Ксения Миронова, «Россельхозбаан» Саха сиринээҕи филиалын исписэлииһэ: – Сунтаардар ыйытыыларын салалтабар хайаан да тириэрдиэм. Бүгүҥҥү туругунан, «Россельхозбаан» Бүлүүгэ, Намҥа, Уус Алдаҥҥа, Хаҥаласка, Тааттаҕа, Ньурбаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга, Өлүөхүмэҕэ, Томпоҕо, Үөһээ Бүлүүгэ, Аммаҕа, Ленскэйгэ, Горнайга эбии офистаах уонна 74 банкоматы, 18 терминалы үлэлэтэр. Ыйытыы: Анфиса Белоногова, Орто Халыма улууһун хаһыатын суруналыыһа: – Сбербааннар тыа хаһаайыстыбатын кирэдьиитин биэрэллэр дуо? Манна биһиги ааспыт сыл кирэдьиит ханнык көрүҥнэрин биэрэҕит диэн ыйытыылаах тиийбиппитигэр СМИ-гэ иһитиннэрии биэрбэппит диэбиттэрэ. Хаһыат нөҥүө нэһилиэнньэҕэ иһитиннэриини оҥорууну үөһэттэн тоҕо бопсоллоруй? Хоруй: Елена Слепцова, Сбербаан Саха сиринээҕи салаатын исписэлииһэ: – Хоту улуус эрэ киинигэр эрэ филиаллардаахпыт. Улуустааҕы хаһыат суруналыыһа туһалаах иһитиннэриини, баан бырагыраамаларын туһунан анал сайпытыгар киирэн көрүөн сөп. Оттон интэриниэт суох түбэлтэтигэр, суруналыыс офис салайааччытыгар сурук суруйуохтаах. ТҮМҮК. САНААЛАР… Прокопий Бубякин, “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа: – Сахалар докумуон чааһыгар мөлтөхпүтүн билиниэх кэриҥнээхпит. Граҥҥа сайаапка суруйуу, баан кирэдьиитигэр докумуон толоруу киһиттэн элбэх билиини уонна уопуту ирдиир. Докумуон эргиирэ быраабылалардаах, олохсуйбут үгэстэрдээх. Киһи ылбычча өйдөөбөт дьыалата. Иккиһинэн, бааннар килийиэҥҥэ сыһыаннара өрүү тыйыс буолааччы. “Кирэдьиит эйиэхэ наада, биһиэхэ наада суох!” диэн санаалаах олорооччулар. Ити – урут. Кэлиҥҥи кэмҥэ конкуренция үөскээн сервис өттө арыый тубуста эрээри, кинилэргэ үүнэр сир өссө да баар. Иван Тимофеев, Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгин баһылыга: – Тылгыны – Бүлүү улууһун биир түгэх нэһилиэгэ. Үчүгэй бырагыраама киирэн эрэриттэн үөрэбит. Бааннары кытта үлэлэһэ сатыыбыт. Тыа сиригэр кирэдьиит кэпэрэтииптэрэ бааллар. Кинилэри бу бырагыраамаҕа киллэрбэтэхтэрэ сыыһа. Миэстэтигэр баар кэпэрэтииптэн элбэх киһи тииһиниэ этэ. Дьон киин сиргэ айанныыра уустук. Билигин киин куораттарга эрэ баар улахан бааннар биэрэр кыахтаахтар. кинилэргэ тыа дьоно тиийэрэ уустук. Анивера АКИМОВА, Василий НИКИФОРОВ, Прокопий БУБЯКИН. [/vc_column_text][/vc_column][/vc_row][vc_row][vc_column][vc_video link=»https://youtu.be/vVnqKZjJg94″][/vc_column][/vc_row]

Улуус олоҕо: Тыа хаһаайыстыбатын чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһаныы
© ЯСИА.RU