Улуус олоҕо: Тыа сиригэр оҕо саадын кыһалҕата
«Сахамедиа» иһинэн үлэлиир «Улуус олоҕо» бырайыак чэрчитинэн «Тыа сиригэр оҕо саадын кыһалҕата» диэн тыын суолталаах боппуруос тула медиа-кииҥҥэ төгүрүк остуол буолан ааста. Быһа эфиргэ ордук тыа сиригэр оҕо саадын тутуутун туһунан кэпсэттибит. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 887 миэстэлээх 10 оҕо саада тутуллан үлэҕэ киллэриллибитэ. Бу да үрдүнэн ордук тыа сиригэр оҕо саадын тутуу боппуруоһа сытыытык турар. Кыттыыны ыллылар экспертэр: “СӨ Үөрэҕириитин сайдыытын хааччыйар киин” тэрилтэ салайааччыта Владимир Владимирович Аржаков, “СӨ Үөрэҕириитин сайдыытын хааччыйар киин” исписэлииһэ Елена Афанасьевна Томтосова, “Мин Сахам сирэ –ХХI үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһын салаатын салайааччыта Иван Софронович Емельянов, “Адгезия” ХЭТ дириэктэрин солбуйааччы Захар Иннокентьевич Степанов, Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Васильевич Григорьев, Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгин баһылыга Денис Александрович Уваров, Эбээн-Бытантай улууһун дьокутаата, “Хаарчаана” оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Любовь Ивановна Стручкова, Амма улууһун “Амма олоҕо” хаһыат эрэдээктэрэ Наталья Егоровна Бубякина, Дьокуускай к. оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын кылаабынай исписэлииһэ Мария Павловна Степанова. «Улуус олоҕо» бырайыак салайааччыта Полина Николаева, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Татьяна Маркова, Людмила Попова уонна Александр Тарасов, улуус хаһыаттарын кылаабынай редактордара, суруналыыстара өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баар балаһыанньа тула ыҥырыллан кэлбит салайааччылартан токкоолостулар. ЫЙЫТЫЫ: Кэлиҥҥи сылларга судаарыстыбаннай-чааһынай партнерствоҕа олоҕуран өрөспүүбүлүкэҕэ хас даҕаны оҕо саада тутулунна. Холобур, Сунтаар Кутанатыгар тутуллубутун билэбин. Анатолий Васильевич, Сунтаар улууһугар балаһыанньа хайдаҕый? Анатолий Григорьев, Сунтаар улууһун баһылыга: — Биһиги улууспутугар оҕо саадынан 3-тэн 7-гэр диэри саастаах 2200 оҕо хабыллан олорор. Бу иннинэ биһиги “Үтүө дьыаланан” дьыссааттары тутууну саҕалаабыппыт. Бу “Үтүө дьыала” улахан хамсааһыны таһаарда диэх кэриҥнээхпин. Нэһилиэктэргэ элбэх оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах объект тутуллан, үлэҕэ киирдэ. Ол гынан баран, тутууга көрүллэр үбэ 40 мөлүйүөҥҥэ диэри – 50 миэстэлээх оҕо саадын тутууга аналлаах. Онтон элбэх миэстэлээх буоллаҕына тутуу инвестиционнай бюджет нөҥүө барыахтаах. Ол иһин биһиги саҥа хайысхалары көрдөөн, судаарыстыбаннай-чааһынай партнерство — бииргэ үлэлээһин (ГЧП) ньыматынан уонна “выкуп” нөҥүө, холобура, Кутана нэһилиэгэр 80 миэстэлээх оҕо саадын үлэҕэ киллэрбиппит. Ону таһынан, Уһун Күөлгэ 50 миэстэлээх детсады туттубут. Итиэннэ Сунтаарбыт нэһилиэгэр 80 миэстэлээх оҕо саадын киллэрдибит. Билигин аны, “Дорожнай карта” ирдэбилинэн оҕону 2 сааһыттан детсаадынан хааччыйыахтаахпыт. Биһиэхэ 700 оҕо уочаракка турар. Оттон төрөөбүт оҕо уопсай ахсаана 1000-тан тахса. Онон, оҕону барытын детсаадынан хааччыйыыга, биллэн турар, кыһалҕалар бааллар. Онуоха, биһиги бырабыыталыстыбаҕа туруорсар боппуруоспут – “Үтүө дьыаланы” өссө сайыннаран, тутууга көрүллэр үбүн 75 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыннарарга диэн, оччотугар биһиги нэһилиэктэрбитигэр 80 миэстэлээх детсаадтары тутарбытыгар кыах үөскүөх этэ. ЫЙЫТЫЫ: Сунтаар нэһилиэгэр тутуу хайдаҕый? — Сунтаар сэлиэнньэтигэр 240 миэстэлээх оҕо саадын ГЧП нөҥүө тута сылдьабыт. ЫЙЫТЫЫ: Ити ГЧП – судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии бырагырааматынан “Адгезиялар” эмиэ тутууну ыыта сылдьаҕыт дии, Захар Иннокентьевич, баһаалыста кылгастык билиһиннэр эрэ. Захар Степанов, “Адгезия” ХЭТ дириэктэрин солбуйааччы: — Биһиги былырыыҥҥаттан Экономика министерствотын уонна “Алмаасэргиэнбааны” кытта үлэлэһэн, түөрт объегы тута сылдьабыт – Анаабырга, Сааскылаахха 80 миэстэлээх, Амма Болугуругар 75 миэстэлээх, итиэннэ Уус Алдан Оҕуруоттааҕар уонна Орто Халымаҕа эмиэ 75-тии миэстэлээхтэри. МСК диэн саҥа технологиянан тутабыт, бу саҥа ньыманан үлэлээбиппит 4 сыл буолла, ааспыт сылларга 2 детсаады тутан олоххо киллэрбиппит. ЫЙЫТЫЫ: Хаачыстыбата хайдаҕый? — Хаачыстыбата ирдэбиллэргэ эппиэттиир, себестоимоһа кыра уонна тутуу түргэнник барар. Биир сыл иһигэр объегы туттарабыт. Хотугу улуустарга кыһалҕабыт – суол-айан туруга матырыйаалларбытын тиэйиигэ-таһыыга уустуктары үөскэтэр. Холобур, Сааскылаахха диэри тутуу матырыйаалын сылы быһа таһарга тиийэҕин. 1 из 9 ЫЙЫТЫЫ: Тутуу ханнык улуустарга барыахтааҕын ким быһаарар? — Аан маҥнай улуус дьаһалтатыттан сайаапка киирэр, ол Үөрэх министиэристибэтин кытта быһаарыллар, онтон бааны кытта кэпсэтиһии барар. ЫЙЫТЫЫ: Амма Болугуругар тутулла турар оҕо саада быйыл хайаһар? — Үлэҕэ киириэҕэ. ЫЙЫТЫЫ: Булуҥ улууһун Быыкабыгар саҥа детсаад дьиэтин тутууну туруорсаллар эбит. Владимир Аржаков, “СӨ Үөрэҕириитин сайдыытын хааччыйар киин” салайааччыта: — 2002-2016 сылларга биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр уопсайа 206 оҕо уһуйаана үлэҕэ киирдэ. Онтон 131 – тутуу ньыматынан, 32-тэ “выкуп” (“приобретение”) диэн хайысханан. Биир хайысха – федеральнай үбүлээһининэн хаппытаалынай өрөмүөн оҥоһулунна. 2016 сылтан саҥа федеральнай бырагыраамаҕа киирдибит. Оттон Булуҥ оройуонун ылар буоллахха, Быыкап, биллэн турар, уһук хотугу нэһилиэк буолар. Итиннэ “Үтүө дьыала” хайысханан 50 миэстэлээх оҕо саада тутуллуон сөп. Биллэн турар, хайа баҕарар тутуу, ирдэбил быһыытынан, бырайыактаах, изысканиелаах, симиэтэлээх буолуохтаах. ЫЙЫТЫЫ: Чааһынай детсаадтары өйөөһүҥҥэ туох үлэ барарый? Елена Томтосова ,“СӨ Үөрэҕириитин сайдыытын хааччыйар киин” исписэлииһэ: — Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн лицензиялээх 47 ИП үлэлиир. Чааһынай детсаадтарга субсидия көрүллэр. Биир оҕону үөрэтии иһин ыйга – куорат уокуругар 8505 солк., тыа сиригэр 11653 солк., арктическай зонаҕа 12902 солкуобай. Оҕону көрүүгэ-истиигэ субсидия – ыйга 3917 солк., арктическай зонаҕа – 5608 солкуобай. Лицензията суох чааһынай детсаадтарга субсидия эмиэ көрүллэр. Уопсайа 2015-2016 с.с. судаарыстыбаннайа суох үөрэхтээһин тэрилтэлэрин субсидиялыырга 1284198,7 солкуобай көрүллүбүтэ. Мария Степанова, Дьокуускай к. оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын кылаабынай исписэлииһэ: — Биһиги СӨ Бырабыыталыстыбатын 284 N-дээх уурааҕар олоҕуран баран иһэр бырагырааманан үлэлии сылдьабыт. 2015-2016 сылларга куоракка 42 предприниматель бу бырагырааманан үлэлиир. Тустаах бэрээдэгинэн. Ол иһинэн 3917 солкуобай көрүллэ сылдьар, бу харчы астарын тэрийиигэ уонна коммунальнай ороскуокка барар. Ый аайы отчуоттуулар. Дьокуускайга 28 лицензиялээх предприниматель үлэлиир. Бу детсадтар 200- тэн, 100- тэн тахса оҕолоох буолуохтарын сөп, оттон лицензията суох, кыбартыыраҕа үлэлиир детсаадтар оҕолорун ахсаана саамай кырата 19-тан саҕаланыахтаах. Ирдэбил улаатан иһэр. Холобур, сорох чааһынай детсаадтар кыһалҕаларынан оҕолор оонньуур былассааккалара суоҕа буолар. Онуоха, бырабыыталыстыбабыт өйөөн, былырыын Предпринимателлэр министиэристибэлэрин иһинэн дьиэ атыылаһалларыгар анаан “выкуп” диэн бырагыраама үлэлээбитэ. Ол биһиэхэ тоҕоостоох буолла. ЫЙЫТЫЫ: Лицензиялаах уонна лицензията суох диэн туох атыннаахтарый? — СӨ Үөрэҕин минристиэристибэтин лицензиятын ылбыт детсаад Рособрнадзор бэрэбиэркэтин ааһан, оҕону үөрэтэр уонна иитэр быраабы ылар. Оттон лицензията суохтар оҕону көрөр эрэ бырааптаахтар. Кэпсэтиигэ Денис Уваров, Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгин баһылыга кыттыһар: — 1700 нэһилиэнньэлээхпит, икки детсаадпытыгар 100 оҕо сылдьар. Уочаракка турар оҕобут элбэх. Биһиэхэ 120 миэстэлээх улахан детсаад тутуллуон наада. Бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр туруорсубуппут. Любовь Стручкова, Эбээн-Бытантай улууһун дьокутаата, “Хаарчаана” оҕо саадын сэбиэдиссэйэ олохтоох балаһыанньатын билиһиннэрэр: — Хотугу улуустар кыһалҕалара маарыннаһар. Ол курдук, Саккырыырдааҕы оҕо саадыгар 167 оҕо сылдьар, бары 3 дьиэнэн тарҕаһан үлэлиибит. Эргэ – 1954-56, саамай “саҥата” 1986 сыллааҕы типовой буолбатах тутуулар. Ирдэбил быһыытынан, оҕолору 3 сааһыттан барыларын детсаадынан хааччыйабыт. Саҥа детсаады тутууну өссө 90-с сыллартан саҕалаан туруорсубуппут, кэлин намырыы сылдьан баран, 2013 сылтан, нэһилиэнньэ көхтөөхтүк туруорсар даҕаны, эһиэхэ бастаан оскуола тутуллуохтаах дииллэр. Биһиэхэ саамай кырата – 160 миэстэлээх саҥа детсаад тутуллуон наада. ФГОС быһыытынан, оҕо Москваҕа да олордун, Эбээн Бытантайга да олордун — биир тэҥ усулуобуйаҕа үөрэхтээһини барыахтаах. Оттон билигин былаан быһыытынан арыый саҥатык дьиэбитигэр пристрой оҥостуохпутун баҕарабыт. Онон, Иван Софроновичтан ыйытыам этэ, “Үтүө дьыала” хамсааһын чэрчитинэн, үлэлии турар детсаадка чуолаан спортсаалы эбии тутууга бырайыактар бааллар дуо уонна туох көмө оҥоһуллуон сөбүй? Иван Емельянов, “Мин Сахам сирэ –ХХI үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһын салаатын салайааччыта: — “Үтүө дьыала” хамсааһын нөҥүө 2000 сылтан саҕалаан, нэһилиэктэргэ уопсайа 90 детсаад, 11 оскуола-сад тутулунна. Бу хайысха үчүгэй өрүттэри көрдөрөр. Эбээн-Бытантайы ыллахха, детсаадтарга, оскуолаларга эбии тутууну ыытабыт. Онон, бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуона оҥоһуллан, биһиэхэ киирэн көмүскэниэхтээх. Онтон биһиги, балаһыанньаны барытын учуоттаан, Үөрэх министиэристибэтин кытта сөбүлэһиннэриини ыытабыт. ЫЙЫТЫЫ: Амма-Наахара нэһилиэгин Өнньүөс сэлиэнньэтин олохтоохторун өр сыллаах туруорсууларынан, кинилэри “Саха сирэ” хаһыат өйөөбүтэ, саҥа оскуола киирбитэ. Бу улуус биир саамай түгэх нэһилиэгэ буолар, Алдан улууһун кытта кыраныыссалаһар. Туризм сайдар кэскиллээх сирэ, манна эдэр ыаллар сөбүлээн олохсуйаллар, оҕо ахсаана элбиир. Оттон детсаадтара суох, эргэлэрэ көтүллүбүтэ, оҕолор билигин оскуола мастарыскыайыгар дьиэлэнэн олороллор. Оҕо саадын нэһилиэнньэ туруорсубута олус быданнаата. Бу боппуруос хайдах быһаарыллыан сөбүй? Владимир Аржаков: — Бу дьиэ бырайыагын оҥорорго диэн өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын сорудаҕа баар. Оттон бырайыактыыр-симиэтэлиирдокумуону оҥорууга тутуу министиэристибэтэ харчы көрөр. Ол испииһэгэр Өнньүөс детсаада баар. Хайа баҕарар тутуу барар буоллаҕына, бырайыактаах буолуохтаах. ЫЙЫТЫЫ: Дьааҥыга Дулҕалаахха 2015 сыллаахха киирбит детсаадтара олус тымныы эбит, итэҕэстэри ким туоратыахтааҕый? Иван Емельянов: — Мин былырыын Дулҕалаахха бара сылдьыбытым. Тутууга сакаасчыт, бэдэрээччит диэннэр бааллар. Сакаасчыт ирдэбилинэн бэдэрээччит итэҕэһи барытын көннөрүөхтээх.