Далырга – дьоллоох олох уйата

Хаһан баҕарар саҥа дьиэҕэ көһөн киирии үтүмэн үөрүүнү аҕалар. Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгэр «Моя Якутия – 21 век» бүтүн Саха сирин хабар үтүө дьыала бырагыраама өйөбүлүнэн, эдэр үлэһиттэргэ саҥа дьиэ аанын тэлэччи арыйар долгутуулаах күнэ олохтоохтору муста. Саҥа дьиэ хаһаайыттарыгар быйыл Далыр баһылыгынан талыллыбыт Георгий Иванов дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан күлүүстэри туттартаата. Ол кэннэ бары сандалы тула олорон үүттээх итии чэйи иһэ-иһэ ирэ-хоро сэһэргэстилэр, үөрүүнү үксэттилэр. Түгэнинэн туһанан эттэххэ, бу иннинэ нэһилиэги салайан олорбут Аркадий Донской уонна чааһынай урбаанньыт Георгий Чылбынов дуогабардаһан, дьиэ атаҕа икки сыллааҕыта түһэриллибитэ. Георгий Иванович салайыытынан түөрт кыбартыыралаах уопсай дьиэни сэттэ киһилээх хамаандата тутта. Бэрдьигэстээхтэн төрүттээх Владимир Федоров маннык үлэҕэ улахан үөрүйэхтээх биригээдэтэ бэрт түргэнник дьиэ холлоҕоһун туппута. Буруус дьиэ уопсайа 216 кв. миэтэрэ иэннээх. Уотун үс киһилээх Алексей Сунтаров, ититиитин ситимин, толору хааччыллыылаах буолуутун Кэбээйиттэн кэлбит Михаил Иванов биригээдэлэрэ хаачыстыбалаахтык тарданнар, чахчы киһи эрэ олоруох дьиэтэ дьэндэйдэ. Онуоха нэһилиэккэ ванналаах дьиэ аан бастакы тутуллуута диэн олохтоохтор үөрүүлэрэ, сэҥээриилэрэ муҥура суох. – Бастатан туран, Аркадий Дмитриевич Донскойга тылынан этиллибэт, суругунан суруллубат улахан махталбын тиэрдэбин. Кини үтүөтэ элбэх. Ол курдук, күһүҥҥү ардаҕы, сииги-силбиги аахсыбакка, нэһилиэгим, дьонум туһа диэн диэн түүннэри-күнүстэри биһигинниин тэҥҥэ сүүрбүтэ-көппүтэ. «Урал» массынатынан икки төгүл Маайга утары көрсөн тутуу матырыйаалын аҕалбыттара. Халлаан көммүтүн кэннэ Иннокентий Яковлев камаһынан матырыйаалы таһыыга сэттэ сырыы оҥорбута. Олохтоохтор да көмөлөрө, өйөбүллэрэ баар. Аркадий Дмитриевич тиийээппитин кытта уоппутун холботторо охсон, биригээдэ үлэтин саҕалыырыгар туох-баар усулуобуйаны тэрийбитэ. Олорор сирбитин, аспытын-үөлбүтүн, уубутун-хаарбытын, уматыкпытын бүүс-бүтүннүүтүн быһааран, чааһынай кунг бырысыабын уларсан барытын түргэнник тэрийбитэ. Кэлбит биригээдэлэр бары биир уопсайга олорон үлэлээбиппит. Онон өрө көтөҕүллүү тиийбит күммүтүттэн олохтоммута, – диэтэ Георгий Чылбынов. Итиэннэ дьиэни тутууга үлэлээбит дьон: «Итэҕэспитин-быһаҕаспытын тута быһаарар, уһаппакка баар гынар салайааччы бастыҥа. Кини быһаччы көмөтүнэн үлэлиирбитигэр ыарахаттары көрсүбэтибит»,- диэн махтаналларын, үрдүктүк сыаналыылларын эттэ. Бу дьиэ – нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах тутуу. Нэһилиэккэ саҥа үлэлии кэлбит Таатта улууһуттан Варвара Чахова дьиэ кэргэнинээн, дьаһалта кылаабынай спецалиһа Изабелла Саввинова дьиэ кэргэнэ, «Арчы» дьэтин үлэһитэ Мария Горохова, нэһилиэк тутаах үлэһитэ Январь Тимофеев үөрэ-көтө аалай лиэнтэни быстылар. Далырдар саҥа дьиэ сылаас буоларыгар, ыраас тыыннанан дьоллоох олох уйата диэн өйдөбүллэнэн эдэрдэри угуйа-ыҥыра турарыгар эрэллэрэ улахан. «Инникитин маннык бэртээхэй дьиэлэр хас нэһилиэк аайы баар буолан истиннэр, тыа сиригэр эдэр үлэһиттэри өйөөһүҥҥэ олук буоллуннар», – диэн далырдар махтаннылар, баҕа санааларын тиэртилэр.

Далырга – дьоллоох олох уйата
© ЯСИА.RU