Войти в почту

Сунтаарга «Молодежь — энергия развития» дьыалабыай оонньуу буолла

Ааспыт нэдиэлэҕэ Тойбохой нэһилиэгэр дьыалабыай оонньуу буолан ааста. Манна уопсайа 10 хамаанда кытынна. Оонньууга «Үрдэл» (Күндэйэ), «Ньургуһуннар» (Тойбохой), «Хардыы» (Элгээйи), «Дамы в красном» (Бүлүүчээн), «Энерджайджер» (Уһун Күөл), «Сарыал» (Күүкэй), «Тосхол» (Кириэстээх), «Олох эрэлэ» (Дьаархан), «Куб» (Устье), «Сайдыс» (Сунтаар) хамаандалара кытыннылар. Тиэмэлэрэ өрөспүүбүлүкэбитигэр Ыччат сыла биллэриллибитинэн благоустройствоҕа, айылҕа харыстабылыгар уонна социальнай хайысхалаах бырайыактарга ананнылар. Хамаандалар киэһэ биэс чааска диэри бэриллибит тиэмэлэринэн бырайыактары оҥордулар уонна дьүүллүүр сүбэ иннигэр бырайыактарын көмүскээтилэр. Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар улуус баһылыга Анатолий Григорьев, баһылыгы бастакы солбуйааччы Николай Александров, баһылыгы экэнэмиичэскэй сайдыыга уонна стратегическай былааннааһыҥҥа солбуйааччы Максим Прокопьев, баһылыгы социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Ульяна Попова, ыччат бэлиитикэтин отделын начаалынньыга Евгений Данилов, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалыньыга Иван Тихонов, улуустааҕы Айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин салайааччыта Сергей Николаев, «Биисинэс-Киин» МАТ дириэктэрэ Мария Саввинова бааллар. Күрэх түмүгүнэн I миэстэни Бүлүүчээн «Дамы в красном» хамаандата ылла. Кинилэр көмүскээбит бырайыактарын аата «Тойон хотуур». II миэстэҕэ «Сынньанар сир» диэн бырайыагынан Уһун Күөл хамаандата таҕыста. Бочуоттаах III миэстэни кириэстээхтэр «Сила добра» диэн бырайыактарынан ыллылар. Ону таһынан Күүкэй, Устье, Дьаархан нэһилиэктэрин хамаандалара анал сэртипикээти туттулар. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев кыайбыт хамаандалары эҕэрдэлээн туран, бу сырыыга кыайан миэстэлэспэтэх хамаандаларга туһаайан ис дууһатыттан «санааҕытын түһэрбэккэ иннигит диэки эрэллээхтик баран иһиҥ, оччоҕо кыайыы тосхойуо» диэн алгыс тылын эттэ.

Сунтаарга «Молодежь — энергия развития» дьыалабыай оонньуу буолла
© ЯСИА.RU