Эдьигээҥҥэ нэһилиэк дьаһалтата үлэтин отчуоттаата
Бу күннэргэ Эдьигээн нэһилиэгин дьаһалтата 2016 сыллааҕы үлэтин отчуоттаата. Нэһилиэк баһылыга Василий Сорокин, солбуйааччы Анна Федорова уонна үп-харчы, социальнай политика, тыа хаһаайыстыбатын, суол-иис, сир-уот, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар туһааннаах исписэлиистэр туох үлэ ыытыллыбытын кэпсээтилэр. Дьаһалта нэһилиэнньэни биир өйгө-санааҕа түмэр, дьону-сэргэни общественнай үлэҕэ көҕүлүүр сыаллаах-соруктаах үгэскэ кубулуйбут тэрээһиннэрин олохтоохтор биһирииллэрин биллэрдилэр. Маныаха хас биирдии исписэлиис үлэ 5-6-лыы хайысхатын иилиир-саҕалыыр. Дьон-сэргэ быйыл нэһилиэк баһылыгын Ороһуоспатааҕы көрсүһүүтүгэр оскуола 160 туйгун, үчүгэй үөрэнээччилэрэ кыттыбытарыттан үөрэр, киэн туттар. «Бу ааспыт сыллааҕар 40 бырыһыанынан үрдүк көрдөрүү», — диир Анна Федорова чахчы үөрбүт быһыынан. Маныаха үөрэх дьылын түмүгүнэн оҕо саадын иитиллээччилэригэр, оскуола үөрэнээччилэригэр нэһилиэк баһылыгын Граннара туттарыллара итиннэ тирэх буолара саарбахтаммат. Маны сэргэ, дьаһалта олохсуйбут тэрээһиннэринэн уокуруктарынан спартакиадалар, Саҥа дьыллааҕы киэргэтиилэр, Кириһиэнньэ, Бакалдын, Ыһыах, Эдьигээн күннэрэ, бастыҥ тиэргэннээх хаһаайкаларга анаммыт куонкурус буолаллар. Билигин оройуоҥҥа ыытыллар биир кэтэһиилээх спортивнай тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор спартакиадалара буолар. Бу күрэхтэһии аан бастаан нэһилиэк дьаһалтатын көҕүлээһининэн ыытыллыбыта, улахан сэргэхсийиини таһаарбыта. Бу киэһэ киэҥ кэпсэтии таҕыста. Саалаҕа мустубут дьон сир-уот, бэйдиэ сылдьар ыттары суох оҥоруу, ДНД тэриллитин туһунан, кэтэх дьиэлээхтэргэ, чуолаан Олбинскай уулуссаҕа ититэр ситим салгыы тардыллыытын, о.д.а. кыһалҕаларын ыйыттылар. Эдьигээн нэһилиэгин санитарнай туругун туһунан кэпсэтии улахан болҕомтону тарта. Ульяна Ханчаева 2016 с. бары хайысханан нэһилиэк дьаһалтата элбэх үлэни ыыппытын эттэ. «Нэһилиэк дьаһалтата кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо, кырдьаҕастарга балыгынан көмөлөһөрүн мин ордук хайгыыбын, сэргиибин. Маны сэргэ, дьону-сэргэни спорка көҕүлээһиҥҥитин киһи эмиэ хайгыах эрэ тустаах. Баҕарарым диэн, дьон-сэргэ кэскиллээхтик олорорун туһугар, саҥа тутуллар дьиэлэр хаачыстыбаларыгар болҕомтоҕутун күүһүрдэргитигэр. Онтон ыстаадаларга үлэлиир табаһыттарга кинигэ, хаһыат, сурунаал хомуйан ыытар буоллар, дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ сонуну ыраах олорор дьоммут-сэргэбит эмиэ истэ, билэ олоруох этэ. Аны, биһиги ортобутугар сибэкки үүннэрээччилэр элбээн иһэллэрэ үөрдэр. Сайынын ыал тиэргэнэ, нэһилиэкпит иһэ дьэрэкээн үүнээйинэн киэркэйэрэ көрүөхтэн олус кэрэ. Бу ордук ыраахтан кэлэр ыалдьыттар харахтарыгар тута быраҕыллар. Онтон үүнээйини олордуу, бүөбэйдээһин олус сыралаах үлэ эбээт. Онон кинилэри киэҥник сырдатыахха баар этэ диибин», – диэн санаатын үллэһиннэ.