Кирбэй эбэҥкилэрин оттубут уоттара сөҕүрүйбэтин
Эбэҥки омуга көс олохтоох табаһыт, булчут буолан, өбүгэтин сиэринэн аар айылҕалыын алтыһан, күн-дьыл өксүөнүн, олох араас ыарахаттарын этинэн-хаанынан билэн, оттубут кутаа уотун сылааһыгар угуттанан, кэрэни-сырдыгы ыралаан ийэ, аҕа ууһунан тэнийэн баччаҕа тиийэн кэллэҕэ… Харыйалаах бөһүөлэгэр оччотооҕу колхуостары бөдөҥсүтүү политикатын тутуһан Кирбэй, Сухаана, «Победа» колкуос дьоно-сэргэтэ көһөн кэлиэҕиттэн Кирбэй нэһилиэгэ аатырар. Ол сылларга «Өлөөн» сопкуоһу хаһаайыстыбаннай үлэҕэ эриллибит уопуттаах салайааччылар салайан улахан болҕомтолорун, кыһамньыларын таба иитиитигэр, кыыл табаны, күндү түүлээҕи бултааһыҥҥа уурбуттара. Оттон бөһүөлэк иһигэр дьон олорор дьиэлэрин, социальнай-культурнай хайысхалаах тэрилтэлэри былааннаахтык тутан, ордук ыччаты дойдуга бэриниилээх буоларга, кирбиилээх үлэҕэ-үөрэххэ ииппиттэрэ. Өлөөҥҥө Кирбэй национальнай нэһилиэгин үбүлүөйдээх 75 сылын түмүктүүр дьоро киэһэтэ ахсынньы 2 күнүгэр «Илкээньи» культура киинигэр дьон тоҕуоруһа мустубут саалатыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолла. Күндү ыалдьыттарынан Кирбэй нэһилиэгин кытта быстыспат ситимнээх «Өлөөн» сопхуос удьуор табаһыт, булчут бэтэрээннэрэ, араас эйгэҕэ күүрээннээх үлэ үөһүгэр сылдьыбыт дьоҕурдаах исписэлиистэр, кийиит-күтүөт буолан дьылҕаларын бииргэ ситимнээбит, оҕо-уруу төрөтөн силис тарпыт талба дьоммут, үлэттэн дьоллорун булбут бөһүөлэк олохтоохторо. Үөрүүлээх киэһэни «Алакуо» этнофольклорнай ансаамбыл толорооччулара эбэҥки сиэринэн аал уоту оттон, кэлбит ыалдьыттары алҕаан саҕалаатылар. Манна даҕатан эттэххэ, тэрээһин сэтинньиттэн нэһилиэк түөрт түөлбэтин уус–уран самодеятельноһын кэнсиэртэриттэн саҕаламмыта. Үс нэдиэлэ устатыгар норуот маастардарын, иистэнньэҥнэрин быыстапкалара, оскуола иһигэр үөрэнээччилэргэ араас тэрээһиннэр, «Туойабын төрөөбүт дойдубун» олохтоох ааптардар ырыаларынан ырыа күрэһэ, «Күөнэлэкээн» көс оскуола 25 сыллаах дьоро киэһэтэ, «Нэһилиэк биир саастыылаахтара» ытык кырдьаҕастары баһылык эҕэрдэлээһинэ о.д.а. ыытыллыбыттара. Бастатан, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун муниципальнай тэриллиитин дьаһалтатын аатыттан баһылыгы бастакы солбуйааччы Саввинов Иван Александрович үбүлүөйүнэн истиҥ эҕэрдэтин этэн туран харчынан бириэмийэ сертификатын туттарда. Салгыы нэһилиэк 75 сылынан, «Өлөөн» сопхуос тэриллибитэ 55 сылынан оройуон социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин «Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун бочуоттаах олохтооҕо» ааты тыыл бэтэрээнигэр Николаев Николай Ивановичка, оройуон муниципальнай тэриллиитин бочуотунай грамоталарын Христофоров Василий Нестеровичка, Николаева Мария Васильевнаҕа, Семенов Иван Семеновичка, Степанова Анна Евдокимовнаҕа, Сергеев Виктор Васильевичка туттартаата. Маннык бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыт «Өлөөн» сопхуос бэтэрээнэ, чуум үлэһитэ Зоя Афанасьевна Иванова сырдык аатыгар сүгүрүйэн кэриэстэбил мүнүүтэтин анаатылар. Бу кэнниттэн оройуон депутаттарын Сэбиэтин «Суглан» бэрэссэдээтэлэ З.Д.Григорьева, киин балыыґа кылаабынай бырааһа В.В. Кучаров, үөрэх управлениетын начальнигын солбуйааччы М.С. Федорова, Өлөөн, Дьэлиҥдэ, Солоҕоон нэһилиэктэрин баһылыктарын ааттарыттан бэрэстэбиитэллэр, Өлөөнтөн производственнай-хаһаайыстыбаннай, социальнай тэрилтэлэр салайааччылара баһылык Иван Яковлевич Егоровка итиэннэ бэйэлэрин үтүө суобастаахтык үлэлиир бастыҥ үлэһиттэригэр махтал суруктарын, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Салгыы тылы баһылык И.Я. Егоров эҕэрдэлээн нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин нэһилиэк МТ Бочуотунай грамоталарын араас үлэ хайысхаларыгар үлэлээбит бэтэрээннэргэ, духуобунай култуураны харыстыыр дьоҥҥо туттартаата. Бу кэнниттэн уус-уран самодеятельность фестивалин түмүгүнэн бастаабыт түөлбэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, бастаабыт «Сайдам», иккис – «Давдын», үһүс – «Күн сардаҥата», төрдүс «Арун» нэһилиэк грамотатын, харчынан бириэмийэлэрин туттулар. Оттон «Күөнэлэкээн» көс оскуола салайааччыта Клара Васильевна Кириллова сценаҕа слайдаларынан нэһилиэк төрүттэммит историятын, киэн туттар дьоннорун көрдөрдө, кэпсээтэ. Бу кэнниттэн Гала-концертка фестиваль лауреаттара, дипломаннара ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, оһуокайдаан дьоро киэһэни олус киэргэттилэр. Кирбэй нэһилиэгин салалтата дьонун-сэргэтин салгыы түмэн, инникитин бу кэккэ сылларга төрүт дьарыктарын ыһыктыбакка эбии сайыннаралларыгар баҕа санаа бастыҥа этилиннэ. Онтон олохтоохтор аныгылыы дьаһанан олорор усулуобуйаларын тупсарынан, 120 миэстэлээх саҥа таас оскуола, 75 миэстэлээх оҕо саадын тутуллан киирэллэригэр, саҥа подстанция дьэндэйэригэр, сылтан-сыл дьиэлэр толору хааччыллыылаах буолууларын ситиһэргэ эрэл кыыма сөҕүрүйбэт. «Эбэҥки оттубут кутаата олоххо тардыһан кытыаста умайарыгар» күүстээх ыра санаа баар.