Войти в почту

Нам улууһа Эйэ, Үлэ, Маай бырааһынныьыган көрсө

Нам улууһа Эйэ, Үлэ, Маай күнүн көрсө улуус киининэгэр кыра оҕотуттан саҕалаан кырдьаҕаһыгар тиийэ, бары тэрилтэ үлэһиттэрэ үөрэ-көтө сэлээлии хаамтылар. Үлэни өрө туппут тэрилтэлэр бу күн парады Арассыыйыҕа экология, Өрөспүүбүлүкэҕэ ыччат, улууска государственнай уонна политическай деятель М.К. Аммосов төрөөбүтэ 120, Ленскэй нэһилиэккэ доҕордоһуу сылыгар анаатылар. Эйэ, Үлэ, Маай бырааһынньыгар мустубут дьону, ыалдьыттары «Нам улууһа» МТ баһылыга Александр Атласов, «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыга Андрей Новгородов, Ленскэй нэһилиэк депутаттарын Сэбиэтин председателэ Александр Кириллин, профсоюзтар комитеттарын председателэ Александр Шарапов итии-истиҥ эҕэрдэлэрин эттилэр. «Бастакы маайынан! Доҕоттоор» диэн бырааһынньыктааҕы кэнсиэри тоҕуоруһан дохсун ытыс таһынан биһирии көрдүлэр. Үгэс быһыытынан бу күн үөрэнээччилэр ортолоругар XVI төгүлүн ыытыллар бырааттыы Кириллиннэр ааттарын үйэтитэр чэпчэки алтетикаҕа күрэхтэһии буолла. 1 из 24

Нам улууһа Эйэ, Үлэ, Маай бырааһынныьыган көрсө
© ЯСИА.RU