Хаҥаластааҕы «Уол оҕо – олоҥхо бухатыыра» үбүлүөйдээх фестивальга 122 оҕо кытынна

Покровскай куорат «Арчы» дьиэтигэр «Уол оҕо – олоҥхо бухатыыра» улуустааҕы фольклорнай фестиваль үтүө үгэскэ кубулуйан, 10 төгүлүн бэрт тэрээһиннээхтик ааста. Бырайыак ааптара Гаврильева Мотрена Егоровна. Фестиваль алгыһынан саҕаланна, алгыһы толордо «Арчы» дьиэтин сэбиэдиссэйэ Лидия Харитонова. Улууспут депутаттарын, Олоҥхо Ассосияциятын, бэрэссэдээтэлэ Протодьяконов Борис Петрович тэрээһин кыттыылаахтарын уон сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ. Улуус култууратын салалтатын аатыттан бары уһуйааччыларга махтал тылын эттэ уонна бу фестиваль түмүгүнэн тахсыбыт дьоһун кинигэлэрин туттарда. Уол оҕону олоҥхо эйгэтигэр сыһыарыы, дьоҕурун сайыннарыы, кини оруолун үрдүктүк тутуу, үтүөҕэ-сырдыкка иитии, уһуйуу туһунан санаалар, этиилэр, уопут атастаһыыта ыытылынна. Үс хайысханан ааста: олоҥхону олоҕурбут ньыманан биирдиилээн, бөлөҕүнэн толоруу, олоҥхону чинчийии, олоҥхо тиэмэтигэр уруһуй. Саастарынан үс бөлөххө араҕыста: 1 бөлөх – 6 сааһыгар диэри; 2 бөлөх – 7-12 саастаахтар; 2 бөлөх – 13-18 саастаахтар; Дьыссаат иитиллээчилэрин оҕолоругар уруһуйга бириистээх миэстэҕэ тигистилэр: 1 миэстэ – Гермогенова Аня, «Сардаана», салайааччылара Пермякова Ольга Васильевна, Местникова Наталья Ивановна. 2 миэстэ – Филиппова Сандаара, «Сардаана», салайааччылара Ильина Мираида Климентовна, Ушницкая Ася Егоровна. 3 миэстэ – Николаев Максим, салайааччыта Борисова Т.А. Уруһуйга биһирэннилэр: Николаева Аина, Хоточчу дьыссаат иитиллээччитэ, салайааччылара Егорова Екатерина Михайловна, Старостина Олеся Михайловна, Семенов Сережа Хачыкаат «Колосок» иитиллээччитэ, салайааччыта Тырылгин Николай Егорович, Прокопьева Уля, «Сардаана», салайааччыта Ильина Мираида Климентовна, Павлов Глеб, «Сардаана», салайааччылара Егорова А.В., Скрыбыкина М.М. 8-13 саастарыгар диэри оҕолорго: Өктөм оскуолатын үөрэнээччилэрэ. Олоҥхону олоҕурбут ньыманан толорууга: 6-гар диэри саастаахтарга: Өктөм нэһилиэгиттэн үс эрэ саастаах Сарыал Захаров «Дьурулуйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон толорон «Сыл бастыҥ саҕалааччыта» анал аат иҥэрилиннэ, салайааччыта эбэтэ Фомина Федора Ивановна. 1 – 2 миэстэ Улахан-Аан «Кыымчаан» дьыссаат иитиллээччилэрэ Богдан Слепцов, Айгыл Алексеев салайааччылара Олесова Айна Михайловна. 7-12 саастарыгар диэри оҕолорго: 1 миэстэ Улахан-Аан орто оскуолатын 2-с кылааһын үөрэнээччитэ Дархан Тихонов салайааччыта Трофимова Валентина Михайловна. 2 миэстэ Өктөм орто оскуолатын 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ Айсен Михайлов салайааччыта Трофимова Светлана Николаевна. Олоҥхону бөлөҕүнэн толорууга: Оҕо саадын иитиллээччилэрэ: 1 миэстэ Ой нэһилиэгин «Чуораанчык» оҕо саада салайааччылара Матвеева Оксана Прокопьевна. 7-12 саастарыгар диэри оҕолорго: 1 миэстэ «Саһарҕа» бөлөҕө Күөрдэм оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ, салайааччылара Ефремова Февронья Ивановна, Гермогенова Валентина Герасимовна. 13-18 саастарыгар диэри оҕолорго: Чыпчаал бирииһи «Бэргэн» бөлөҕө Петр Игнатьев “Кулан Кыыртай бухатыыр ” олоҥхотуттан быһа тардан тойугунан толордулар Тиит-Эбэ оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ, салайааччылара Прокопьева Софья Ивановна. Олоҥхону чинчийэр үлэҕэ: “Саха киһитэ сылгыга сыһыанын олоҥхолортон кэтээн көрүү” тематын бэрт сиһилии кэпсээн, ыллаан-туойан арыйда Улахан-Аан орто оскуолатын 2-с кылааһын үөрэнээччитэ Дархан Тихонов, салайааччыта Трофимова Валентина Михайловна. Чинчийэр үлэ хайысхатыгар оскуолалар үлэ ыыппатахтара хомолтолоох. Бастыҥ уһуйааччы аатын ылла: Тиит-Эбэ оскуолатын «Бэргэн» бөлөҕүн салайааччыта Прокопьева Софья Ивановна. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Гаврильева М.Е., Харитонова Л.В., Ющенко Д.Д, Никитин Н.И., Федорова Н.Н. Кыайыылаахтарга уонна биһирэбил ылбыт оҕолорго улуус култууратын аатыттан дипломнары, махтал, туоһу суруктары, вымпеллары, значоктары туттарылынна. Уон сыллаах үлэ түмүгүн кэтээн көрдөххө, бу бырайыак уол оҕо тус бэйэтигэр эрэллээх буолуутугар, дьоҕура арылларыгар туһалааҕа билиннэ. Холобур, Тиит-Арыыттан Максим Аммосов республикатааҕы М.К. Аммосовка аналлаах үбүлүөйдээх ыһыахха олоҥхону толорууга бастаан, чулуу олоҥхоһуттар ахсаанарыгар киирбитэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин Гранынан наҕараадаламмыта, Кондратьев Максим Эргис ааҕыылара регионнааҕы научнай-практическай конференцияҕа 2-с миэстэни ылары ситиспитэ, Прокопьев Данил 2014 сыллаахха Хаҥаласка ыытыллыбыт 8-с өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар кыайыы өрөгөйүн билэн, Париж куоракка барар путевканан наҕараадаламмыта, Адамов Миша Дьокуускайдааҕы култуура коллеһын норуот айымньытын салаатыгар туттарсан киирбитэ, билигин армияҕа сулууспалыы сылдьар. Бу тэрээһини ыытыыны өрүү өйүүр Хаҥалас улууһун эбии үөрэхтээһин киинин үлэһиттэригэр, салайааччы Леонтьева Марина Иннокентьевнаҕа тус бэйэтигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Инникитин сүдү олоҥхобутун, олоҥхоһуттарбытын үйэтитиигэ үлэни күүскэ ыытан, олоҥхобутун, түөлбэ олоҥхоһуттарын ааттата туруоҕа.

Хаҥаластааҕы «Уол оҕо – олоҥхо бухатыыра» үбүлүөйдээх фестивальга 122 оҕо кытынна
© ЯСИА.RU