Саха тылын кэскилин, дьылҕатын туһунан Ил Түмэҥҥэ дьүүллэстилэр
Саха тылын кэскилин, инники дьылҕатын, төрөөбүт тылы чөл хаалларыыга туох кыһалҕалар баалларын Ил Түмэҥҥэ кулун тутар 13 күнүгэр дьүүллэстилэр. «Төгүрүк остуол» Антонина Григорьева бэрэссэдээтэллээх Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин көҕүлээһининэн уонна салайыытынан ыытылынна. Төгүрүк остуолга кэмитиэт чилиэннэрэ, норуот депутаттара Марфа Филиппова, Иван Андросов уонна Алексей Филиппов, туһааннаах министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, саха тылын чинчийээччилэр, үөрэтээччилэр, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Хотугу норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун преподавателлэрэ, Дьокуускай куорат оскуолаларын учууталлара, уопсастыбаннай түмсүүлэр чилиэннэрэ, төрөппүттэр, саха тыла сайдарыгар бары күүһү-уоҕу биэрэн үлэлии сылдьар дьон муһуннулар. Тэрээһин саҕаланыытыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева тыл боппуруоһа былыр-былыргыттан дириҥ улаҕалааҕын, улахан бэлиитикэ биир быстыспат сорҕотун быһыытынан биллэрин санатан эттэ. «Төрөөбүт тыл көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр, ханнык баҕарар норуот — улуу нэһилиэстибэтэ. Киһи-аймах ытык өйдөбүллэриттэн тирэхтэнэн, олох олуктарыттан биирдэстэрэ буолар. Тыл оҕоҕо тулалыыр эйгэтин кыраҕатык билэригэр-көрөрүгэр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруһарыгар, иэйиитэ уһуктарыгар, өйө-санаата сайдарыгар, өбүгэтин үөрэҕин утумнууругар сүрүн эйгэтэ. Ол иһин оҕону кыра сааһыттан уһуйааҥҥа, оскуолаҕа төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии сүрүн ирдэбил быһыытынан биллэриллэн, Россия Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити өйдөбүл туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быһыытынан көмүскэллээх. Билиҥҥи усулуобуйаҕа үгүс норуот тыла чөл туруктаах хааларыгар тирэх буолар», — диэтэ. Антонина Афанасьевна эппитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саха тылын төрөөбүт тыл быһыытынан үөрэтии 1922 сыллаахтан тиһигин быспакка үгүс оскуолаҕа үгэскэ кубулуйан, уопсай үөрэхтээһин оҕону сайыннарар биир сүрүн предметин быһыытынан билиниллэр. Ити кэм устатыгар сэбиэскэй да, билиҥҥи да кэмҥэ орто үөрэх тиһигэр буолбут араас реформа сыалыгар-соругар сөп түбэһиннэриллэн, үөрэтии таһыма, хайысхата, ис хоһооно сайдан иһэр. Билигин төрөөбүт тыл федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх стандартын ирдэбилинэн уопсай үөрэхтээһин булгуччулаах чааһыгар киирэн базиснай үөрэх былааныгар федеральнай былааҥҥа миэстэтэ, үөрэтиллэр чааһа чопчу ыйыллан, үөрэтиллэр таһыма үрдүөхтээх. Алын сүһүөх оскуола таһымыгар төрөөбүт тылы үөрэх предметин быһыытын үөрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх стандарта (ФГОС) сүрүннүүр. Муус устар 4-5 күннэригэр Дьокуускай куоракка аан бастакытын өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылын уонна литературатын учууталларын съеһэ буолара былааннанар. Бу суолталаах тэрээһин иннинэ ыытыллыбыт «төгүрүк остуол» онуоха төһүү буолуоҕар саарбахтаммат: санаалары истэн, түмэн, сөптөөх түмүктэр оҥоһулуннулар. Ол курдук, кэпсэтии киэҥ хабааннаах буолла. Тэрээһин кыттыылаахтара 90-с сыллартан саҕалаан кэккэ ситиһии баарын, ол эрэн атахтыыр, туорайдыыр өрүт тэҥҥэ үктэһэн иһэрин бэлиэтээтилэр. Билигин даҕаны оскуола үөрэҕин тосхолугар наукатын чааһа баһылыыр-көһүлүүр, оттон уу сахалыы ситимнээх саҥа күлүккэ сылдьар. Ол гынан оҕо бодоруспат, кэпсэппэт буолан, ийэ тылыттан тэйэр кутталлаах. Инньэ гынан, 2014 сыл ахсынньы 15 күнүгэр илии баттаммыт «Үөрэх туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар «төрүт оскуола» («национальная школа») диэн өйдөбүл киириэхтээҕин, үөрэх эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэ «Тыл туһунан» сокуонугар тирэнэбит диэн этии баар буолуохтааҕын туһунан Дьокуускай куорат «Айыы кыһата» оскуолатын дириэктэри иитэр чааска солбуйааччы, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Рустам Каженкин этии киллэрдэ. Билигин төрөөбүт тылы үөрэтиигэ хас чаас ананарын оскуола итиэннэ улуус, куорат салалталара бэйэлэр быһаараллар. Ол эбэтэр үөрэх кыһата ФГОС бэһис варианын таллаҕына эрэ, тылга уонна литератураҕа нэдиэлэҕэ биэс чаас бэриллэр. Арай өскөтүн ыйааһын бэскитигэр математика эбэтэр саха тылын предметэ буоллаҕына, үгүс оскуолаҕа төрөөбүт тыл кэнники үтүрүллэр. Учууталлар билиҥҥитэ нэдиэлэҕэ биирдии чаас үөрэтэллэрин аҕыйах диэн билиннилэр. Маны таһынан, саха тылын, култууратын нуучча тыллаах оскуолаларга үөрэтии билиҥҥи туругун туһунан кэпсэттилэр. Саха тылын, култууратын нууччалыы эйгэҕэ тарҕатыы, сырдатыы үлэтэ олох атын хайысхалаахтык барарын ыйдылар. Куорат оскуолаларыгар саха тылын судаарыстыбаннай тыл быһыытынан нуучча тыллаах оскуолаларга чопчу бигэргэммит бырагырааманан уонна 2009 сыллаахха тахсыбыт үөрэх учебниктарынан сүүрбэ биир оскуолаҕа үөрэтиллэр. Бу учебниктар ахсааннара 3000, ол иһин бары оскуолаларга учебник толору тиийбэт, эргэрбит урукку учебниктарынан үөрэнэ олороллор. Манна даҕатан эттэххэ, араас босуобуйа кинигэтинэн хааччыллыы боппуруоһа эмиэ сытыытык турарын ыйдылар. 2016 сылга Үөрэх министиэрстибэтин сакааһынан ФГОС ирдэбилигэр сөп түбэһэр учебниктар бэчээккэ бардылар. Ааптардар куорат оскуолаларын учууталлара уонна ХИФУ преподавателлэрэ. Тахсыахтаах учебниктарынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нуучча кылаастарыгар үөрэнэр оҕолор бары хааччыллыахтаахтарын туһунан туруорустулар. Инники өттүгэр учебниктары оҥорууга учууталлары тардар инниттэн үөрэтэ сылдьар практик-учууталлар оҥороллоро ордук дэстилэр. Биир научнай салайааччы көмө-тирэх буоларын ыйдылар. Грамматиканы билэр булгуччулаах, ол эрэн, аһара онно тирэҕирбит научнай кинигэ оҕону предметтэн олус тэйитэр. Саха тылын учебнига учуонай оҕолору иитэн таһаарар буолбакка, тыл суолтатын, айымньы тылын өйдүүр, санаатын таба этэр, суруйар, ийэ-аҕа буолан, оҕолоругар тыл сүмэтин тиэрдэр кыахтаах дьону бэлэмнээн таһаарар аналлаах буолуохтааҕын бэлиэтээтилэр. Кэлэр сылларга төрүт оскуоланы сайыннарар саҥа Концепция оҥоһуллар кэмэ тирээн кэлбитин «төгүрүк остуол» кыттыылаахтара бэлиэтээтилэр. Ол Концепция олоххо киирэр күннээх эбит буоллаҕына – сүрүн туһаайыы оҕо төрөөбүт тылын сайыннарыыга, тылын баайа сайдарыгар, ситимнээх саҥаҕа, ол эбэтэр бодоруһар, саныыр-өйдүүр таһыма үүнэригэр-үрдүүрүгэр болҕомто ууруллуохтааҕын эттилэр. Оҕону оскуолаҕа олорор сирдэринэн ылыы өссө биир кыһалҕа. Киин куоракка үгүс төрөппүт оҕотун саха кылааһыгар киллэрээри ууга-уокка түһэр, туруорсар, сүүрэр-көтөр. Ол гынан баран, бүтэһик уһугар аҥардас оскуола салалтатыттан кэлэн иҥнэрэ бэрт кыһыылааҕын М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Хотугу норуоттар тылларын уонна култууратын институтун дириэктэрин наукаҕа солбуйааччыта Матрена Попова санаатын үллэһиннэ. «Оскуола дириэктэрэ оскуолаҕа саха кылааһын аһарын-аспатын бэйэтэ быһаарар. Төһөлөөх элбэх төрөппүт дириэктэргэ тиийэн, кыайан арыллыбат диэн эппиэти истибитэ буолуой?! Оттон дириэктэрдэртэн ыйыттахха, төрөппүттэр баҕарбаттар диэн буолар. Хомойуох иһин, итинник таһымнаах кэпсэтиилэр бараллар», — диэтэ кини. Инньэ гынан, тыл этээччи бу хайысхаҕа хонтуруол баар буоларын туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. 1 из 7 Хонтуруолу күүһүрдэри таһынан төрөөбүт тылы ситимнэхтик үөрэтэр оскуолалары өйүөххэ диэн төрөппүттэр, учууталлар эттилэр. Маныаха анал бырагырааманы тобулуохха, агро-оскуолалар курдук үбүлээһини, гранынан өйөбүлү көрүөххэ диэн учууталлар санаалаахтар. Билиҥҥитэ КСЭлээх уонча предмеккэ эбии үбүлээһин бэриллэр. Саха тылын уонна литературатын оҕо оскуоланы бүтэриэр диэри үөрэтиэххэ диэн санаа этилиннэ (саха тыла 9 кылааһынан бүтэр, литература – 11 кылааһынан), ол эрээри 9 кылааһынан бүтэриэх курдук сир аннынан кэпсэтиилэр баалларын эттилэр. «Төгүрүк остуолга» оҕо Интернет нөҥүө нууччалыы, атын омук тылынан саҥардыллыбыт мультиктары, биэриилэри көрөрүн туһунан кыһалҕа таарылынна. Маныаха сахалыы тыыннаах эйгэни Интернет ситимигэр киллэрэр, үөскэтэр, болҕомтону ууран, анаан дьарыктанар туһунан кэм тирээн кэлбитин бэлиэтээтилэр. Манна даҕатан эттэххэ, Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, сахалартан бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүтэ 125 сылыгар, сахалыы алпаабыт төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ саха тылын аныгы кэмҥэ хайдах харыстыыр, чөл хаалларар туһунан туһуламмыт этиини оҥорбута. Ол курдук: «Сотору кэминэн аан дойду омуктарын тылларын дьылҕатыгар бу тыллар Интернет аан дойдутааҕы ситимин, кибер-куйаар эйгэтигэр төһө киирбиттэрэ, төһө онно олохсуйбуттара быһаарар суолталаах буолуоҕа», — диэбитэ Ил Түмэн спикерэ. Онон Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бу үлэни уталыппакка, анал бырагыраама да оҥорон туран, саҕалыах тустаах. «Биһиги өссө 1993 сылтан саҕалаан Саха судаарыстыбаннай университетыгар саха олоҥхотун архыыптартан хомуйан, сыыппараҕа көһөрүүнү саҕалаабыппыт. Ол үлэ билигин да салҕанар гынан баран, ити олус кыра уонна бытаан. Биһиги иннибитигэр олоҥхону эрэ буолбакка, саха норуотун, аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар тылынан айымньыларын, култуурунай нэһилиэстибэлэрин олоччу сыыппараҕа көһөрөн, аан дойду ситимигэр, кибер-куйаарга олохсутар, онно сатаан туттуллар гына оҥорор сорук турар. Улахан, элбэх ахсааннаах омуктар ити үлэни хайы-үйэ саҕалаатылар. Биһиги онтон хаалыа суохтаахпыт. Билигин хааллахпытына, кэлин хаһан даҕаны ситиэхпит суоҕа», — диэн эбэн бэлиэтээбитэ. Норуот депутата, «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа салайааччыта Иван Андросов 2008 сылтан саҕалаан ыытыллыбыт бэлиитикэ түмүгэр саха тыллаах биэрии 67%-ҥа тэҥнэспитин иһитиннэрдэ. Арай Саха араадьыйата өрөспүүбүлүкэҕэ 10 эрэ чаас саҥарар. Онуоха дьон сахалыы араадьыйаны 24 чаас тухары истэллэрин ситиһэр туһугар съезд кыттааччыларын бу боппуруоһу туруорсарга ыҥырда. Маны таһынан, мультимедийнай босуобуйаҕа тэлэбиидэнньэ архыыбын матырыйылаарын туттарга, туһанарга этии киллэрдэ. Аһаҕас кэпсэтиигэ маны тэҥэ үөрэх кинигэлэрин оҥоруу, саха тылын уонна литературатын учууталларын бэлэмнээһин, сахалыы бэчээт, көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ туһунан киэҥник ырыттылар. Бу этиилэри муус устар 4-5 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан ыытыллар саха тылын, литературатын учууталларын съеһигэр дьүүллэһиэхтэрэ.