Аҕаларын, эһэлэрин туйаҕын хатаран

Соторутааҕыта Тэҥкэ нэһилиэгэр (Сунтаарга) учуутал Д.С.Федоров төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан оҕолоро, сиэннэрэ таһаарбыт “Учуутал Дмитрий Спиридонович” диэн кинигэлэрин сүрэхтэниитэ буолла. Дмитрий Спиридонович 1943 сылтан 1960 сылга диэри Тэҥкэ оскуолатыгар учууталынан үлэлээбитэ. Кини сыралаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, 37 саастааҕар Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учууталын аата иҥэриллибитэ. Ол гынан баран, хомойуох иһин, кини үлэтин үгэнигэр сылдьан, 1960 сыллаахха быстах ыарыыттан сэттэ уу-кырбас оҕотун кэргэнигэр Акулина Иннокентьевнаҕа хаалларан, олохтон туораабыта. Долгутуулаах тэрээһиҥҥэ тэҥкэлэр бэртээхэйдик бэлэмнэммиттэр. Кинилэр дьон көрүүтүгэр Дмитрий Спиридонович урукку докумуоннарын уурталаабыттар, баннер оҥорон ыйаабыттар. Онтон оскуола үөрэнээччилэрэ Дмитрий Спиридонович олоҕун, педагог быһыытынан үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээтилэр. Үөрүүлээх чааһын Бордоҥ орто оскуолатын учуутала Мария Алексеева ыытта. Кинигэ ис хоһоонун кэлбит дьоҥҥо улуустааҕы бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрэ Татьяна Иванова кэпсээтэ. Кини кинигэ үрдүк хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубут, таҥыллыбыт диэн үрдүктүк сыаналаата. Улуустааҕы үөрэх управлениетын аатыттан эҕэрдэ тылы уонна Махтал суругу Альберт Иванов туттарда. Кини бэйэтин этиитигэр Д.С.Федоров Г.Е.Бессонов, Б.Н.Андреев курдук улуу дьону кытта биир кэккэҕэ туруохтаах ураты мындар киһи бэрт кылгас кэмҥэ олорон ааспытыттан хомойорун эттэ. Ытык киһи үөрэнээччилэрин ааттарыттан Б.Е.Герасимов, М.Е.Чогулова, В.Г. Федорова, А.Д.Игнатьев, К.А.Матросова тыл эттилэр. Ксения Арьяновна учууталын туһунан олус истиҥник аҕынна. Бэйэтэ Тэҥкэҕэ өр учууталлаабыт киһи элбэх үөрэнээччитин көрсөн үөрдэ-көттө. Дмитрий Спиридонович оҕолоро тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттарга махтанан туран, бэлэхтэри туттардылар, кинигэлэри бэлэхтээтилэр. Мустубут бар дьоҥҥо Алена Алексеева ис дууһатыттан иэйэн ыллаата. Бу ытык-мааны киһибит туһунан ааҕааччыларга анаан кылгастык билиһиннэрэ түһүөххэ. Дмитрий Спиридонович үлэтин сэрии ыарахан сылларыгар саҕалаабыта. Оһох курунньуктаах уонна уулаах отонноох чэрэниилэнэн суруйар түгэннэрэ бааллара. Ыраахтан сатыы хааман кэлэр буолан, сорох оҕолор аһара эрдэлииллэрэ. Дьэ, ол иһин кини эрдэттэн оскуола ааныгар оҕолору маныыра, хас биирдиилэрин кытта тэҥнээҕин курдук кэпсэтэрэ. Ол эрээри, уруок кэмигэр аһара ирдэбиллээҕэ. Өссө кини оҕолору айылҕаҕа чугас буоларга уһуйбута. Айылҕаҕа үгүстүк сырытыннарара. Оскуола территориятыгар мас олордоллоро, сайынын үүннээйинэн дьарыктаналлара. Оскуолаҕа күөх муннук баара. Онно араас көтөрдөр чуучалалара тураллара. Саас эрдэ тиит мутукчатын киллэрэн тилиннэрэллэрэ, оччоҕо дьиэ иһэ мутукча сытынан дыргыйара. Нэһилиэккэ буолар туох баар бырааһынньыктары, быыбардары барытын кини тэрийэрэ. Кыраһыын лаампа уотугар сирдэтэн дириҥ ис хоһоонноох дакылааттары ааҕара. Саҥа дьыл харыйатын оҕолор бэйэлэрэ киэргэтэллэрэ. Ол тула Тэҥкэ дьоно улаханныын-кыралыын бары бырааһынньыктыыллара. Бу чахчы олус талааннаах, дьоҕурдаах киһи үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта. Дмитрий Спиридоновиһы хас да төгүл оройуоҥҥа үлэҕэ ыҥыра сатаабыттарын аккаастаммыта. Бу ытык киһи туруорсан туттарбыт оскуолата билигин да үлэлии турар. 2005 сыллаахха оскуолаҕа Д.С.Федоров аатын иҥэрбиттэрэ. Өссө Тэҥкэҕэ кини аатынан уулусса баар. Маны сэргэ, 2015 сыллаахха киниэхэ аналлаах мемориальнай дуоска үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыта. Билигин Д.С.Федоров оҕолоро, сиэннэрэ аҕаларын, эһэлэрин туйаҕын салҕаан учуутал идэтин талан, олус таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар. СӨ Үөрэх министиэристибэтин 2014 сыллааҕы Уурааҕынан Федоровтар 10 чилиэннээх, 231 педагогическай ыстаастаах учууталлар династиялара баар буолла.

Аҕаларын, эһэлэрин туйаҕын хатаран
© ЯСИА.RU