Войти в почту

«Иэйиилэр» 65 сылларын «Арчы дьиэлээх» көрүстүлэр

1951 сыллаахха алтынньыга Үөһээ-Бүлүүгэ Үөдүгэй нэһилиэгин кулууп дьиэтэ ааҕар балаҕантан арахсан, И.Яковлев дириэктэрдээх туһунан тэрилтэ быһыытынан үлэтин саҕалаабыта. Ол кэмтэн ыла «Иэйии» сынньалаҥ киинэ буолан, нэһилиэккэ культурнай-сырдатар, иитэр үлэ утумнаахтык сайдан барбыта. Культура үлэһиттэрэ норуоттан тахсар талааннары сайыннарыыга, көччөх гынан көтүтүүгэ, дойду ыытар политикатын тэнитиигэ сомоҕолуур модун күүс буолан, 65 сыл устата үгүс өрүттээх үлэни үрдүк таһымнаахтык ыытан кэллилэр. «Иэйии» сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Виктория Павлова 1982 сылтан культура эйгэтигэр үлэлии киирээт, Давыдов учаастагар кулууп сэбиэдиссэйинэн анаммыта. 1994 сылтан Үөдүгэйгэ көһөн, сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччытынан үлэлиир, 2001 сылтан дириэктэрдиир. — Сардаана Егорова дириэктэрдии сылдьыбыта. Кини билигин Дьокуускайга Норуот айымньытын киинигэр Арктика отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Алексей Константинов Үөдүгэйдээҕи сынньалаҥ киинигэр уус-уран салайааччынан үлэлээбитэ. Гаврил Николаев аан бастаан «Хотун Бүлүү» күрэһин кэннэ «Үрүҥ түүн» ырыа куонкуруһун Гран-при хаһаайынынан буолбута. Хаарыан талаан биһиги ортобутуттан олус соһуччу барбыта хомолтолоох. Гаврилбыт курдук «Үрүҥ түүн» күрэстэн үктэллэнэн, ырыа аптаах абылаҥар куустаран, улахан сыанаҕа тахсыбыт дьон элбэхтэринэн киэн туттабыт. 1992 сылтан, Сардаана Петровна үлэлиир кэмигэр саҕаламмыт бырайыагы, билигин Үөдүгэй сынньалаҥ киинин «иитийэхтээн таһаарбыт оҕото» диэн ааттыыбыт. Ону кытта асчыттар шоу-күрэстэрэ, баянистар хит-парааттара о.д.а. сэргэх тэрээһиннэр мэлдьи ыытыллаллар. Саастаах дьоҥҥо анаммыт баянынан үҥкүү, ырыа күрэһэ, биэчэрэ буолла да, биһиги дьиэбитигэр буолар үгэстэммитэ ыраатта. Онтон бары үөрэбит, астынабыт. «Сааһы билиммэт кэрэ абылаҥ» диэн үҥкүүгэ күрэхтэһии биэс сыл анараа өттүгэр үҥкүүһүт идэлээх Любовь Федотовна Григорьева 60 сааһын туолар үбүлүөйүн чэрчитигэр анаан тэриллибитэ. Бастакы 5 сыллаах үбүлүөйдээх күрэс Бүлүү бөлөх улуустара кыттыылаах ыытылынна. Маныаха ортотунан аҕыстыы киһилээх 13 үҥкүү бөлөҕө, сүүстэн тахса киһи кыттыыны ылбыта далааһыннаах тэрээһин буолбутун кэрэһилиир. Салайааччы үөрүүлээх бэлиэ күнү көрсө культура дьиэтигэр үлэлээн ааспыт биир идэлээхтэрин ахтан-санаан ааста. — Культура эйгэтигэр, чуолаан бу дьиэҕэ, өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээбит улуус культуратын Бочуот кинигэтигэр киллэриллибит Мария Горохова 36 сыл усталаах-туоратыгар культура дьиэтэ ыраас, кыраһыабай буоларын туһугар үлэлээбитэ. Кини «Уус-уран самодеятельность сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, «Дьүөгэ» түмсүү саамай көхтөөх кыттааччыта. Ону сэргэ, биһиги киэн туттар киһибит, ССРС культуратын туйгуна Раиса Матвеева өр сылларга библиотекардаабыта. Үлэ, тыыл бэтэрээннэрэ Мария Иванова, Анисия Касьянова эмиэ өр кэмҥэ олус үчүгэйдик үлэлээбиттэрэ. Тумус туттар киһибит, ССРС культуратын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Аммосов төһө да 83 хаарыгар сырыттар, Чурапчы Дириҥиттэн анаан-минээн ыалдьыттыы кэлбитэ үөрүүлээх.Оттон саҥа үлэһит туһунан этэр буоллахха, олохтоох кадр – С.Яковлева норуот айымньытын исписэлииһинэн ананан үлэтин быйылгыттан саҕалаата, — диэн эттэ. Салгыы «Норуот айымньытын үйэтитиигэ ыччаты түмэр күүһүнэн исписэлиис буолуохтаах. Нэһилиэккэ бу өттүгэр улахан таһаарыылаах үлэ суоҕун кэриэтэ. Онон инникитин болҕомтобутун итиннэ туһаайыахпыт», — диэн санаатын үллэһиннэ. — Сүрүн тэрээһиннэрбит биир үксүн улуус уонна регион таһымнаахтар. Маныаха көмө буолар күүспүтүнэн «Дьүөгэлэрбит», тэрилтэлэрбит уонна түмсүүлэрбит буолаллар. «Манчаары оонньууларын» көрсө үлэбитин былааннаахтык саҕалаабыппыт. Ол курдук, ааспыт сылга тэрилтэбит тулатын көҕөрдүүгэ, сибэкки олордууга Ариадна Павлова «Дьүөгэ» түмсүү үүнээйинэн дьарыктаныыга салаатын салайааччытын үлэтигэр тирэҕирэн, Зоя Романова, Тамара Чоросова көмөлөрүнэн дьэрэкээн бэйэлээх сибэкки арааһын олордубуппут. Онон улуус киинигэр элбэх сиргэ турбут сибэккилэр биһиги үлэбит түмүгэ диэн киэн тутта, үөрэ этэбит. Бу «Манчаары оонньууларыгар» элбэх сибэккини олордорго бэлэмнэнии, холонуу курдук буолбута. Алтыс сылын айымньылаахтык үлэлии олорор уус-уран салайааччы Ньургуйаана Акимова үлэтин туһунан маннык билиһиннэрдэ: — «Компас» диэн оҕо түмсүүтүн кулуупка үлэлии киириэхпиттэн тэрийбитим. Аан бастаан түөлбэм оҕолорун бары ыытыллар тэрээһиннэргэ кытыннарар этим. Онтон салгыы түөлбэлэр оҕолорун түмэн, араас күрэстэри тиһиктээхтик тэрийэбит. Онтон биир сүрүн күрэспитинэн, үһүс сылын, оҕо көмүскэлин күнүгэр ыытыллар «Биһиги тиэргэммит оҕолоро» диэн куонкуруспут буолар. Бастакы сыл икки эрэ түөлбэ оҕолоро кыттыбыт буоллахтарына, былырыын түөрт хамаандаҕа тиийбитэ. Оттон быйыл алта түөлбэттэн кытыннылар. Маны сэргэ теннискэ, саахымакка, дуобакка күрэхтэһиилэри сыллата тэрийэбит. Үһүс сылын Үөдүгэй нэһилиэгин тэрилтэлэрин икки ардыларыгар спартакиада тэрийэбит. Манна спорт араас көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэрбитин таһынан, бальнай үҥкүүнү уонна концерт ньүөмэрдэрин балаһыанньаҕа хайаан да киллэрэбит. Оччотугар улууска ыытыллар бары күрэстэргэ, нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар спартакиадаҕа үчүгэй бэлэмнээх буолабыт, мэлдьи бириистээх миэстэлэргэ сылдьабыт уонна сылтан сылтан ол таһыммытын үрдэтэргэ кыһаллабыт. Үөдүгэйдээҕи культура уонна сынньалаҥ киинин иһинэн барыта 17 араас хайысхалаах түмсүүлэргэ, уус-уран кэллэктииптэргэ оҕолуун-уруулуун нэһилиэнньэ араас араҥата дьарыктанар. Ол курдук, «Дьүөгэ» бэтэрээн дьахталлар түмсүүлэрэ, ааспыт кэм үҥкүүлэрин үйэтитээччи Алла Григорьева тэрийбит «Иэйии» бальнай үҥкүү ансаамбыла, «Маркизалар + уоллар» театр кэллэктиибэ, иистэнньэҥнэр «Иис-уус» бөлөхтөрө сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүллэн, кэнники сылларга бэрт таһаарыылаахтык үлэлии олороллор. Виктория Павлова көҕүлээһининэн биэс сыл устата хас да кинигэ күн сирин көрбүт. Ол курдук, «Ытык киһибит эдьиий Морууса» диэн кинигэни Виктория Васильевна бэйэтэ түмэн, таҥан, бэлэмнээн, түбүгүрэн таһаартарбыт буолан, оҕотун кэриэтэ саныыр. Аны туран, бу кинигэ салгыы мөлтөхтүк көрөр дьоҥҥо анаан оҥоһуллан таҕыста. Анна Иванова-Дмитриеваҕа аналлаах «Ырыа-олоҕум төлкөтө» диэн альбом-кинигэни Ньургуйаана Акимовалыын иккиэн суруйан таһаарбыттар. Өссө «Далбар Хотун дьүөгэлэр» диэн түмсүү 10 сыллаах үбүлүөйүн көрсө бэрт кыраһыабай кинигэ күн сирин көрбүтэ. Балары хас биирдиилэрин таһааралларыгар Любовь Ивановна көмөтө улаханын салайааччы бэлиэтиир. Тэрээһин чэрчитинэн, «Иэйии» үбүлүөйүн көрсө Виктория Павлова араас кэмнэргэ суруйан таһаарбыт хомоҕой тыллаах хоһооннорун хомуурунньугун сүрэхтэниитэ буолла. Дьоро күҥҥэ мустубут ыалдьыттарга ааптар: «Сылдьан эрэ суруйар идэлээхпин. Билиҥҥитэ бириэмэ тиийбэт буолан ситэри дьарык оҥостубакка сылдьабын», — диэн эттэ. Саҥа дьыл эрэ иннинэ Үөдүгэй дьаһалтатын үбүлээһининэн тутуллубут «Арчы дьиэтин» арыллыыта үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолла. Аалай кыһыл лиэнтэни быһыы долгутуулаах чааһыгар, Кириил Никииппэрэп алгыһыгар үгүс киһи тоҕуоруста. Умнуллубат бэлиэ түгэҥҥэ кэлбит ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, үрүҥ илгэнэн айах туттулар. — Дьүөгэ түмсүүнү кытары араас улуустарынан сылдьан хас биирдии общественнай түмсүүлэр туһунан дьиэлээхтэрин, муннуктаахтарын көрөн ымсыырар эрэ этибит. Маныаха баһылыкпыт Михаил Донской көҕүлээһиммитин өйөөн, олохтоох бүддьүөт үбүнэн тутууну өйөөбүтүгэр улаханнык махтанабыт. Ыра санаабыт туолан эрэриттэн улаханнык үөрэн-көтөн тураммыт, манна инникитин кэнчээри ыччаппыт сахалыы сиэргэ-туомга уһуйулларыгар, дьон-сэргэ өйө-санаата уһуктан, сахалыы эйгэлэрин сүтэрбэттэрин туһугар, аҥардастыы түмсүү эрэ дьиэтэ буолбакка, куту-сүрү, итэҕэли сүрүннүүр алаһабытынан буолуохтаах диэн былааннаабыппыт. Бу сырдык ыра санаабытын Игорь Яковлев сыыска-буорга түһэрбэккэ болҕомтолоохтук истэн баран, олус кыраһыабай, киэҥ-куоҥ тутуу бырайыагын оҥорон аҕалбыта. Онтон төһө да үп-харчы кырыымчыгын иһин, кулууппут өрөмүөнүгэр биир-биэс солкуобайы ылбаккабыт эрэ, бу дьиэбит моҕол ураһаҕа майгынныыр гына тутуллан таҕыста, — диир Виктория Васильевна. Манна оҕо саадын, оскуола саастаах оҕолору сахалыы сиэргэ-туомҥа уһуйарга күүскэ ылсан үлэлиир былааннаахтар. Билигин Виктория Васильевна дьыаланы саҕалыыр буоллахха ис-иһиттэн билиэхтээххин диэн санаанан салайтаран, Дьокуускайдааҕы Норуот айымньытын киинин иһинэн үлэлиир «Арчы дьиэтигэр» Афанасий Федоров «Уһуйуллуу оскуолатыгар» алгыһы, сиэри-туому ыытыыга анал үөрэхтээһини ааһа сылдьар. Ити курдук, күн бүгүн үрдүк таһымнаах тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытар киэҥ былааннаах культура уонна сынньалаҥ киинэ үс сүрүн үлэһиттээх. Маныаха кинилэр «Арчы дьиэтэ» аһыллыбытынан эбии үлэ миэстэтэ тахсан, көмө буолар культура идэлээх эдэр кадрдар эбиллэллэрэ буоллар диэн баҕа санааларын этэллэр. Түгэнинэн туһанан, айымньылаах үлэлээх, иллээх-эйэлээх «Иэйии» кэллэктиибин өссө төгүл 65 сыллаах үбүлүөйдэринэн эҕэрдэлээн туран ыра санаалара барыта барҕара, толкуйдаабыттара толору тобулла турарыгар баҕара хаалабыт. 1 из 3

«Иэйиилэр» 65 сылларын «Арчы дьиэлээх» көрүстүлэр
© ЯСИА.RU