Нам улууһа Ржев оройуонун кытта хардарыта сибээстэһэр

Нам улууһа уонна Ржев оройуоннара хардарыта бииргэ үлэлэһиигэ Сөбүлэһии түһэрсибиттэрэ хас да сыл буолла. Сыл аайы улуус делегацията баран билсэн-көрсөн кэлэр. Бу сырыыга Нам улууһун эдэр специалистара: Олоҥхо дьиэтин уус-уран салайааччыта Алла Максимова, Нам 1 №-дээх, Хамаҕатта орто оскуолаларын уонна улуустааҕы гимназия историяҕа учууталлара Сардана Ядрихинская, Михаил Нестеров, Чаҕыл Павлов, «Эҥсиэли» хаһыат корреспондена Анна Созонова Ржев оройуонугар ыалдьыттаан кэллибит. Онно тиийэн Ржев оройуонун эдэр специалистарын кытта уопут атастастыбыт, ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ санааларбытын үллэһиннибит. Биллэн турар, бастаан дойду тэбэр сүрэҕэр — Москваҕа — тиийдибит. Саха республикатын Россия президенигэр бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр тиийэн, социальнай боппуруостарга, межрегиональнай уонна общественноһы кытта сибээстэргэ салайааччы, биир дойдулаахпыт Быкова Ольга Сергеевналыын көрсөн ирэ-хоро кэпсэттибит, Ржевкэ барар бырагыраамабытын кытта сиһилии билистибит. 1 из 3 Иккис күн Ржевскэй оройуоҥҥа айаннаан тиийдибит уонна эбиэт кэнниттэн араас салаа салайааччыларын кытта көрүстүбүт. Көрсүһүүгэ үөрэх отделын сэбиэдиссэйэ А.В. Макурин, культура, туризм уонна ыччат дьыалатын сэб. Н.А. Иванова, физическэй культура уонна спорт отделын сэб. В.В. Богданов кыттыыны ыллылар. Хомойуох иһин, эдэр специалист олох суоҕун кэриэтэ, бары, ханна да буоларын курдук, кииҥҥэ талаһан, көһөн бараллар эбит. Онтон Ржев куорат патриотическай иитии киинигэр тиийдибит. Салайааччы С.М. Петухов үлэһиттэрин кытта немец саллааттарын кылабыыһаларыгар, казах буойуттарыгар анаммыт мемориалга, музейдарыгар бэрт интэриэһинэй экскурсия оҥордулар, бэйэлэрэ оҥорбут документальнай киинэлэрин көрдөрдүлэр. Үһүс күммүтүгэр Филькино дэриэбинэ аттыгар турар саха буойуттарыгар анаммыт мемориалга сибэкки дьөрбөтүн ууран, дойдубутуттан илдьибит буорбутун кутан, сирбитин алаадьынан аһаттыбыт. Ол кэнниттэн Победа бөһүөлэк устун баһылык солбуйааччыта М.С. Румянцева сырытыннарда. Бу бөһүөлэккэ Нам улууһун аатынан Намскай диэн уулусса баар, онно турар Мэҥэ тааһы көрдүбүт. Сэрии сылларыгар олохторун толук уурбут саллааттарга анаммыт мемориалга сибэкки дьөрбөтүн, алаадьыбытын ууран баран, ол аттыгар турар В.А. Обручев аатынан орто оскуолаҕа сылдьан үөрэнээччилэри, учууталлары кытта көрүстүбүт, албан быһыы хоһугар киирэн, оҕолор хоһооннорун иһиттибит, Ржев туһунан документальнай киинэ көрдүбүт. Онтон Ржев куорат краеведческай музейыгар, диорамаҕа экскурсиялаатыбыт. Итинник хабааннаах панорама бэйэбит историко-этнографическай музейбытыгар баарын кэпсээтибит. Ржевскэй оройуон ветераннарын сэбиэтин кытта көрсөн, бэйэбит музыкальнай эҕэрдэбитин тиэртибит. Ветераннар бэйэбит культурабытын, таҥаспытын-саппытын илдьэ сылдьарбытын, араас сиргэ сылдьан тарҕатарбытын сөҕөн-махтайан, бэйэлэрин махталларын тиэртилэр. Онтон салгыы А.Н. Островскай аатынан Ржев куорат киин библиотекатын көрдүбүт-иһиттибит. Аныгыс күнүгэр «Дорогой тяжкою, дорогой славною» диэн экскурсионнай айаҥҥа туруннубут. Хорошево дэриэбинэҕэ «Калининский фронт. Август 1943 года» музейга сырыттыбыт. Кокошкино дэриэбинэҕэ баар Становскай орто оскуола музейыгар Л.В. Агеева экскурсиялатта, онтон «Сишка» мемориальнай комплекска, «Биллибэт саллаакка» пааматынньыкка сырытыннарда. Хас биирдии сылдьыбыт сирбитигэр өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт, хардары-таары бэлэх бэристибит. Ржев оройуонугар барыыбытын-кэлиибитин, массыына булан-талан, Н.А. Иванова солбуйааччыта Светлана Геннадьевна Дементьева салайа сырытта. Махталбыт бэлиэтин туоһулаан, киниэхэ дэйбиири бэлэх ууннубут. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Ржев оройуонугар саамай улахан өлүү-сүтүү тахсыбыт буолан, олохтоохтор ол кэми бэрт ыардык ылыналлар. Ол иһин аныгы сайдыыны наһаа батыспакка, уруккуларын кэриэстээн олорор курдуктар. Сылдьыбыт дэриэбинэлэрбитигэр, биһиэхэ холоотоххо, улахан тутуу суох, барыта эргэ, эмэхсийбит дьиэ. Ол эрэн дьоно-сэргэтэ эйэҕэс-сайаҕас, ханна да тиийдэрбит үөрэ көрсөллөр, саха саллааттарыгар улахан махталлаахтара өтө биллэр, көстөр. Ону таһынан, биир дойдулаахпыт Михаил Романович Петухов туһунан олус истиҥник, махтана саныылларын эт кулгаахпытынан истэн үөрдүбүт.

Нам улууһа Ржев оройуонун кытта хардарыта сибээстэһэр
© ЯСИА.RU