Майаҕа уопсастыбаннай приемнайга 23 сайабылыанньалаах кэлэн билистэ
«Биир ньыгыл Россия» баартыйа тэриллибитэ 15 сылын көрсө бары уопсастыбаннай приемнайдарга олохтоохтору биирдиилээн көрсөн кэпсэтэргэ дэкээдэ биллэрбитэ. Майаҕа Р.Г.Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр мусуойга СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын норуодунай дьокутаата Юрий Баишев «Биир ньыгыл Россия» баартыйа уопсастыбаннай приемнайыгар кэлэн олохтоохтору кытта көрсөн биирдиилээн кэпсэтистэ. Дьокутааты кытта Майа, Чүүйэ, Бөкө 23 олохтооҕо эрдэттэн суруйтаран кэлэн тус кыһалҕаларын итиэннэ бүттүүн улуус да боппуруостарын ыйыталастылар, көмөлөһөллөрүгэр көрдөстүлэр. Юрий Петровиһы кытта норуодунай дьокутаат көмөлөһөөччүтэ Иван Кривошапкин, оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччы, уопсастыбаннай приемнай салайааччыта Павел Сазонов, оройуон дьокутаата Дмитрий Тихонов, улуустааҕы нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолууга управлениетыттан Александр Игнатьев, улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын юриһа Игорь Васильев боппуруостары быһаарыыга көмөлөстүлэр. Александра Шестакова Майа сэлиэнньэтигэр култуура дьиэтин тутуута тохтотуллан турарыттан дьаахханарын этэн туран, салгыы үбү-харчыны түмүүгэ аахсыйалары тэрийэргэ этии киллэрдэ. Бөкө сэлиэнньэтин олохтоохторо нэһилиэккэ култуура дьиэтин тутуу туһунан туруорсууларыгар дьокутаат «Мин Сахам сирэ ‒ XXI үйэҕэ» үтүө дьыала өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын үбүлээһининэн үлэни саҕалыырга сүбэлээтэ, оттон саҕаламмыт чопчу көҕүлээһини өрөспүүбүлүкэ салалтата тута өйүүр кыахтааҕын бэлиэтээтэ. Дорожниктар микрооройуоннарын олохтоохторун аатыттан Петр Санников баар кыһалҕаны кэпсээтэ. Олорор дьиэлэри кэккэлэһэ аспаал оҥорор сыах үлэлии-хамсыы турарыттан олохтоохтор мэһэйдэтэллэрин эттэ. Суут быһаарыытынан быстах кэмҥэ сыах үлэтэ тохтотуллубут, ол эрээри итини кытта олохтоохтор сөбүлэспэттэрин, атын миэстэҕэ көһөргө эбэтэр олохтоохтору көһөрөргө модьуйда. 1 из 5 Пивоваровтар бааһынай хаһаайыстыбаларыгар мэччирэҥ сирэ тиийбэтин туһунан боппуруоһу эмиэ биэрдилэр. Майаҕа Исаев аатынан уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэҕэ гаас тардыллыбыта хас да сыл буолбут эрээри, бытовой гаас холбонулла илигэ быһаарыллыбатын эттилэр. Олохтоохтор дьокутаат олох-дьаһах, сир-уот боппуруостарын быһаарыыга туох эмэ көмөнү оҥорорго кыһалларыгар баҕа санааларын тиэртилэр. «Уһук Илиҥҥи гектар», сыананы үрдэтии, инбэлииттэр уонна кырдьаҕастар дьиэлэрин туһунан ыйытыылары быһа ааспатылар. Дьокутаат Ю.П.Баишевы кытта көрсүһүүгэ олохтоохтор биэрбит бары көрдөһүүлэринэн эппиэти биэрэргэ улуус туһааннаах тэрилтэлэригэр быһаарыыны ылалларыгар сорудах бэрилиннэ. «Эркээйи» хаһыат