Войти в почту

Улуус олоҕо: «Түһүлгэ симэхтэрэ» түмсүү кыттыылаахтарын Варвара Ефремова салайар

«Улуус олоҕо» бырайыак Горнай улууһун көхтөөх дьонун туһунан кэпсиир суруйууларын салгыыр. Бу сырыыга Бэс Күөлүн олохтоохторун, бииргэ түмсэн иистэнэр, оһуор анньар далбар хотуттар тустарынан билиһиннэрэбит. Истиҥ-иһирэх санаалаах ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ ураты кэрэнэн сыдьаайар санааларын үллэһиннилэр. Соторутааҕыта көхтөөх эбэлэргэ олохтоох дьаһалта дьиэ анаабыт. Онно көһөн киирэн, билигин ис бараанын оҥостоллор. “Улуус олоҕо” бырайыак суруналыыстара кинилэргэ ыалдьыттыы киирбиппитигэр, сахалыы сиэринэн көрүстүлэр, сүүспүтүн күлүнэн аҕаан, арыылаах алаадьынан айах туттулар. Туох барыта бэрт кыраттан саҕаланар үгэстээх. “Түһүлгэ симэхтэрэ” диэн сиэдэрэй ааттаах түмсүүнү 65 саастаах Варвара Ефремова салайар. Варвара Ефимовна бастаан инбэлиит уолун Яковы кытта иистэнэн, өссө сиэлинэн өрөргө үөрэммиттэр. Ити 2005 с. этэ. Улуу Кыайыы 60 сылыгар анаан сон тикпиттэр. Ону дьон кэрэхсээн, кылтан өрүүнэн утумнаахтык дьарыктанан барбыттар. Ийэлээх уол дьиэҕэ олорон иистэнэллэрэ. Айар дьоҕурдаах Яков араас быыстапкаларга кыттан, дьон биһирэбилин ылара, ийэтин сүрэҕин үөрдэрэ. Онтон ийэ оҕото ыарахан ыарыыттан суох буолбутун кэннэ, бу таптыыр дьарыгын быраҕан кэбиспэккэ, өссө түмсүү тэрийбитэ. Түмсүү чилиэннэрэ бары да Балбааралар эбит. Варвара Суханова сабы хайдах тобукка хатарга такайбыт. Варвара Иванова туоһунан тигэргэ үөрэппит. Харитина Суханова, Варвара Васильева, Валентина Захарова уо.д.а. түмсүүгэ киирэн, сатабылларын өссө дириҥэппиттэр, бу дьарык суолтатын, оруолун бар дьоҥҥо кэпсиир, тарҕатар кыахтаммыттар. “Түһүлгэ симэхтэрэ” түмсүү чилиэннэрэ сайыны көрсө бэс ыйыгар туоһу хомуйа айылҕаҕа тахсар үтүө үгэстээхтэр. Сиэр быһыытынан уот оттон, айах тутан, алгыс ылаллар. Ити күн иистэнньэҥ дьахталлар күнү быһа тыаҕа сылдьан, айылҕалыын бииргэ алтыһаллар. Онтон хомуйбут туостарын сииктээх хараҥа сиргэ ууран, таҥастаан, сымнатан, иистэнэр турукка киллэрэллэр. «Сиэли урут аҕам хомуйар буолара. Кылынан өрөр дьоҥҥо сиэл олус наадалаах. Ол иһин сылгы иитэргэ быһаарынныбыт. 4 биэлээхпит. Сиэллэрин быйыл кырыйыахтаахпыт«, — диир бас-көс киһи Варвара Ефимовна. Ефимовна Дьокуускайга олорор кыыһа иистэнэр дьоҕурдааҕын туһунан эмиэ киэн тутта кэпсээтэ. Эдэр киһи туоһунан оҥоһуктарынан үлүһүйэр. Илин-кэлин кэбиһэри, ураһа бэргэһэни оҥорбутун ийэ киэн туттан көрдөрөр. “Түһүлгэ симэхтэригэр” дьарыктанааччылар араас быыстапкаларга кыттар баҕалаахтар. Оннук кыах баарын ыйанан турар кылтан оҥоһуктар, сиэдэрэй көстүүмнэр, араас ойуу-дьарҕаа туоһулуур курдуктар. Хас биирдии үлэлэрин ааттаан, ураты айымньы курдук күндүтүк сыһыаннаһаллар. Олохтоох дьаһалта бэркэ дьаһаммыт. Айар талааннаахтар маннык түмсэр, талааннарын арыйар дьиэлээхтэрэ олус үчүгэй. Арай эдэрдэр эбиллэллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаах биһиги мааны дьону кытта кэпсэтиибитин түмүктүүбүт.

Улуус олоҕо: «Түһүлгэ симэхтэрэ» түмсүү кыттыылаахтарын Варвара Ефремова салайар
© ЯСИА.RU