Аатын айымньылара ааттата туруохтара
Валерий Ноев матыыбыгар «Кыракый уолчааным», «Баатара», Анастасия Варламова матыыбыгар «От сыта» ырыалары истибэтэх, ыллаабатах киһи, бука, суоҕа буолуо. Бу саха дьоно бүттүүн сөбүлээн ыллыыр ырыаларын, хоһооннорун ааптарынан РФ Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина Иван Сысолятин буоларын үгүстэр билэргит буолуо диэн бүтэйдии сэрэйэбит. Сорохтор кини суруйбут «Сарсыарда», «Аар хатыҥ», «Кыһыл сулус», «Ох курдук оҥостон», «Хахыйах», сэһэннэрин, романнарын сэргээн аахпыт буолуохтааххыт. Иван Сысолятин бэйиэт уонна прозаик быһыытынан туспа суоллаах-иистээх, ураты буочардаах суруйааччы этэ. Итини сэргэ кини ытыктанар учуутал, сытыы бөрүөлээх суруналыыс, хаһыатчыт буоларынан биллибитэ. Киһи да быһыытынан кимиэхэ да сирдэрбэтэҕэ, дуоспуруннааҕа, киэҥ-холку көҕүстээҕэ, үлэһитэ, олус сэмэйэ. Үлэ үөһүгэр сылдьан 1999 сыллаахха эмискэ ыалдьан олохтон туораабыта. Баара буоллар, быйыл сэтинньи 16 күнүгэр кини 80 сааһын туолуохтаах этэ. Соторутааҕыта кини төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах бэрт дириҥ ис хоһооннох музыкальнай-литературнай биэчэр «Кыталык» оҕо-ыччат култуураҕа киинигэр буолла. Ытык киһи суруйбут «Күн диэки» диэн хоһоонунан ааттаммыт истиҥ-иһирэх тэрээһини СӨ култуура үтүөлээх үлэһитэ, Саха Хомсомуолун бириэмийэтин лауреата Василий Винокуров‒Кыталык Баһылай тэрийдэ. Манна даҕатан эттэххэ, Василий Павлович аан дойдуга аатырбыт үҥкүү ансаамбылын тэрийбит салайааччы буоларын сэргэ, араас култуура тэрээһиннэрин, кэнсиэртэри туруорууга өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр, биһирэнэр сценарист, режиссер. Онно эбии Иван Сысолятины кытары эн-мин дэһэн бииргэ алтыспыт аҕа табаарыһа. Онон биэчэр хара саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри олус истиҥник, сүрэххэ сылаастык иҥэн биир тыынынан барда. Иван Сысолятин Талыы Талба Таатта ытык сириттэн төрүттээх. Онтон олоҕун үтүө сыллара ааспыт, айар дьоҕура арыллыбыт сиринэн Мэҥэ Хаҥалас оройуона буолар. Олоҕуҥ аргыһын Мария Петровнаны кытары иккис дойдутунан буолбут Баатараҕа, кэлин Майаҕа олохсуйан ньир-бааччы олорбуттара. Баатара оскуолатыгар бастаан саха тылын уонна литературатын учууталынан, кэлин оскуола директорынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ити кэмнэргэ «Кыракый уолчааным» уонна «Баатара» хоһоонноро айыллан ырыа буолан көппүттэрэ. 1980 сыллаахха оскуолаҕа директордыы олордоҕуна, партия оройкуомун мэктиэтинэн оройуон хаһыатыгар «Ленинскэй знамяҕа» үлэҕэ анаабыттара. Ити кэмтэн ылата кини айар үлэтин айана саҕаламмыта. Хаһыакка 1971 сыллаахха тэриллибит «Таммахтар» литературнай холбоһугу 1981 сылтан салайан, оройуон айар дьоҕурдаах дьонун түмэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Быйыл айар холбоһук 45 сылын туолла. Онуоха Иван Афанасьевич оруола улахан. Кини салалтатынан айар үлэҕэ сыстыбыт дьон, чуолаан Августина Владимирова аҕатын курдук ытыктыыр киһитин дьыалатын салҕаан күн-бүгүн «Таммахтар» айа-тута сылдьаллар. Иван Сысолятины мустубут дьоҥҥо суруйааччы, суруналыыс, учуутал, киһи быһыытынан толору сырдатар истиҥ ахтыылары биир дойдулаахтара, үөлээннээхтэрэ, биир идэлээхтэрэ, үөрэнээччилэрэ, айар аартыкка уһуйбут дьоно, аймахтара оҥордулар. Аатын үйэтитиигэ бастакы хардыынан 2012 сыллаахха Виктор Попов Иван Сысолятиҥҥа аналлаах кинигэни бэлэмнээн таһаарбытын ааҕыахха сөп. Салгыы ити хайысхаҕа Сыымахха уулуссаҕа аатын иҥэрии, олорбут дьиэлэригэр мемориальнай дуосканы аһыы, бэчээттэммэтэх айымньыларынан кинигэ таһаарыы о.д.а. кэккэ этиилэр киирдилэр. «Баатара нэһилиэгэ» МТ баһылыга Федор Захаров оскуолаҕа саха тылыгар уонна литературатыгар үөрэппит учуутала буоларын, үөлээннээҕэ, биир дойдулааҕа, чугас доҕоро Төхтүртэн Михаил Гурьев бииргэ алтыһыыларын, доҕордоһууларын, биир идэлээҕэ Майаттан Виктор Попов оройуон хаһыатыгар сүүрбэччэ сыл бииргэ үлэлээбиттэрин, аймаҕа Евдокия Борисова аймах-билэ дьонугар сыһыанын, оруолун, «Таммахтар» литературнай холбоһук салайааччыта Августина Владимирова эдэр ааптардары айар үлэҕэ сыһыарыын туһунан сэргэх ахтыыларын сэргээн иһиттибит. Биэчэри Иван Сысолятин доҕоро ааттаах-суоллаах мелодист, ырыаһыт Валерий Ноев уола Валерий Ноев салайар Бэдьимэттэн «Күрүлгэн» эр дьон вокальнай ансаамбыла, Майаттан «Дьүрүлгэн» улуустааҕы мелодистар түмсүүлэрин салайааччыта Иван Аргунов, мелодист Дмитрий Санников, Аллараа Бэстээхтэн оскуолаҕа үөрэппит үөрэнээччитэ, мелодист Владимир Кузьмин, «Кыталык» ансаамбыл үҥкүү бөлөҕүн иитиллээччилэрэ, фольклорга бөлөҕү салайааччы Светлана Аргунова, «Түһүлгэ» фольклорнай бөлөх, Хочоттон Анна Никанорова ырыаларынан-тойуктарынан, «Таммахтар» литературнай холбоһуктан Айталина Кошунова, Варвара Егорова, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччитэ Айтал Матчитов хоһооннорунан киэргэттилэр. Оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин биэчэри түмүктүүр этиитигэр Иван Сысолятин аатын салгыы үйэтитиигэ улууспут, өрөспүүбүлүкэбит таһымыгар чопчу соруктар туруоруллан үлэ-хамнас барыахтааҕын уонна онно тус бэйэтэ кыттыһар санаалааҕын мустубут дьон сэҥээрэ иһиттилэр. Тэрээһин оһуохайынан түмүктэннэ.