«Тулаҕын киэргэтэр туллуктар» куонкурус Таатта ыччатын түмтэ

Тыл сүдү маастара, бэйиэт, прозаик, драматург Алампа Сопуруонап төрөөбүтэ 130 сылынан Таатта сиригэр-уотугар тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык тэрилиннилэр. Ол курдук, улуус ыччатыгар аналлаах «Тулаҕын киэргэтэр туллуктар» диэн Алампа айымньыларынан хоһоон, ырыа куонкуруһа буолан ааста. Күрэскэ улуус тоҕус нэһилиэгиттэн 50-тан тахса ыччат кытынна. Бу туһунан Дьохсоҕон нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Галина Другина иһитиннэрдэ. — Дьохсоҕон нэһилиэгин олохтооҕо Валентина Пинигина — Арылы Алампаҕа анаабыт «Тулаҕын киэргэтэр туллуктар» диэн хоһоонун тылларынан ааттаммыт улуустааҕы куонкурус түмүктэннэ. Күрэстэһии ураты сэргэх, киирсии сытыы буолла. Ирдэбил быһыытынан ырыаны, хоһоону биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толордулар. Ырыаҕа «Кылаан бирииһи» Иван Иванов (Ытык Күөл), 1 миэстэни Анна Канаева (Чычымах. Алампа «Саргылардаах сахабыт») ыллылар. Бөлөҕүнэн толорууга харбалаахтар бастаатылар, Роман Данилов салайааччылаах дьохсоҕоннор иккистээтилэр, уолбалар үһүстээтилэр. Хоһооҥҥо Мариэтта Бондарева (Чөркөөх) «Кылаан бирииһи» тутан үөрдэ. 1 миэстэҕэ Иван Кулаковскай (Чөркөөх), иккискэ Алена Пономарева (Дьохсоҕон) таҕыстылар. Бөлөҕүнэн хоһоону ааҕыыга тоҕус киһиттэн састааптаах Дьохсоҕон орто оскуолатын учууталлара (сал.Галина Давыдова) Алампа «Ыччат сахаларга» хоһоонунан иккистээтилэр. Бу күн «Алампалаах буоламмыт» өрөспүүбүлүкэтээҕи уус-уран айымньы куонкуруһун кыайыылаахтарын эҕэрдэлээһини алтыһыннардыбыт. Бириистэри Тааттатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин дириэктэрэ Анна Билюкина туттарда. Бу куонкуруска ыччаттарга кыайыылааҕынан тахсыбыт Варя Егорова-Чэмэлиинэ (Мэҥэ-Хаҥалас, «Таммахтар» литературнай түмсүү) маннык тэрээһиннэр дьону-сэргэни сомоҕолуулларын бэлиэтээтэ, куонкурус сыллата ыытылларыгар баҕарда. Түмсүүлэрэ таһааттарбыт кинигэлэрин олохтоох бибилэтиэкэҕэ бэлэхтээтэ. Кэрэ киэһэҕэ Иван Иванов Алампа «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» диэн норуот кутун туппут ырыатын киһи эрэ дууһатын долгутуох истиҥник толордо. Ырыаны РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, композитор Федот Аргунов аатынан Тааттатааҕы искусство оскуолатын дириэктэрэ Дария Попова уонна байаан кылааһын преподавателэ Александр Павлов скрипкаҕа, байааҥҥа доҕуһуоллаабыттара истээччилэри улаханнык долгутта. Бу киэһэ кыайыылаахтары сэргэ Боробултан «Эрчим» үҥкүү бөлөҕө (сал.Инна Жиркова), Дьохсоҕон ырыаһыт ыччаттара Павел Готовцев, Ананий Харайданов, Петр Васильев, Уолба ыччата, Дьохсоҕон күтүөтэ Дмитрий Ченянов, о.д.а көрөөччүлэр махталларын ыллылар, — диэн кэпсээтэ Галина Николаевна. Онтон куонкурустар кыайыылаахтарыгар бириистэри туттарыы хабыллар ытыс тыаһынан арыалламмыт. Тэрээһини түмүктүүр оһуохай түһүлгэтигэр Дьохсоҕон олохтооҕо Валентина Харайданова Алампа үбүлүөйүгэр анаабыт оһуохайынан дьону-сэргэни түмэ тардыбыт. Кини «Алампалаах буоламмыт» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыгын анал бирииһин хаһаайынынан буолбут. Маны сэргэ ыҥырыылаах ыалдьыттар «Баарбын барытын бар дьон барҕалыырыгар биэрэбин» диэн Алампа айымньыларынан быыстапканы, улуу суруйааччыга анаммыт буклеттары, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ кыттыбыт ааптардар айымньыларын, хаартыскалары сэргии, кэрэхсии көрбүттэр.

«Тулаҕын киэргэтэр туллуктар» куонкурус Таатта ыччатын түмтэ
© ЯСИА.RU