Войти в почту

1000 нүөмэрдээх Үтүө дьыала эбийиэгэ – Кэнтик култуураҕа киинэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр «Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ» диэн үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1000 №-нэн тутуллубут элбэх хайысхалаах толору хааччыллыылаах, атыттарга холобур буолар киин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Тупсаҕай көстүүлээх киин салгыыта буолуохтаах спортивнай саала тутуутун кэнтиктэр кэлэр сылларга номнуо былааннаан, кимиилээхтик үлэлэһэрдии бэлэмнэнэллэр. «Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһыны салайааччы Иван Емельянов: «Өрөспүүбүлүкэбит нэһилиэктэрэ оҥорон таһаарыыга күүскэ үлэлээннэр, демографическай балаһыанньаны тупсаран, сайдыыга барыахтаахпыт», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. 30 сыл усталаах-туоратыгар Үөһээ Бүлүү улууһа туох-ханнык сайдан-тупсан кэлбитин тэҥнээн көрөн сыаналыыр, ырыҥалыыр кыахтаах салайааччыны, 1996 сыллаахха Чап уустарын музейын дириэктэринэн үлэлээбит Афанасий Мачаховы кытары алтыспытын, Кэнтиккэ болҕомтоҕутун уурар буолаарыҥ диэн эппитин санаан, кэрэни, үтүөнү баҕарыы үчүгэй суоллаах-иистээх буоларын бэлиэтээтэ. Саҥа тутууга сүҥкэн кылааттарын киллэрсибит «Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ. Сүүс үтүө дьыала хамсааһын» бэлиэтин улуус баһылыгар Владимир Поскачиҥҥа, нэһилиэк баһылыгар Валерий Николаевка, Роман Корякиҥҥа туттарда. СӨ култуура миниистирэ Владимир Тихонов: «Үтүө дьыала үбүлүөйдээх эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ. Нэһилиэктэргэ маннык кэрэ тутууларга дьон түмсэн үлэлиир, өйө-санаата тиллэр, айымньыта тахсар, инники кэскилигэр олук ууруллар. Кэнтиктэр Олоҥхолорун оскуолата сайдан, таһыма улаатан иһэрэ үөрдэр, Кэнтик ыччата сахалыы тыыннанан, культура үрдүкү искусствотыгар үөрэнэн, өссө да үрдүккэ тахса туруохтара», — диэтэ. Эҕэрдэ тылларын анаан туран, СӨ култуура уонна искусство сайдыытыгар кылааттарын киллэрсибит «СӨ култуура туйгуна» бочуоттаах бэлиэни Кэнтик нэһилиэгин «Чап уустара» история уонна этнография музейын дириэктэригэр Дмитрий Филипповка, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин Кэнтиктээҕи 7 №-дээх филиалын сэбиэдиссэйэ Александра Ивановаҕа туттартаата. Маны таһынан култуура министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан «Кэнтик сынньалаҥ киинэ» МБТ директора Никита Филиппов бэлиэтэннэ. «Кэнтик нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо» үрдүк ааты улуус аҕа баһылыга Владимир Поскачин нэһилиэктэр социальнай-экономическай сайдыыларын туһугар элбэх өрүттээх үлэни ыытарын сыаналаан туран иҥэрдилэр. Эһиилги сылга улуус үрдүнэн өссө даҕаны уонча эбийиэк Үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн тутуллара былааннанарын бэлиэтээн туран, улуус баһылыга Владимир Поскачин эҕэрдэ бастыҥын кытары Кэнтик нэһилиэгин култууратын уонна спордун сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрсибит «Кэнтик сынньалаҥ киинэ» МБТ методиһыгар Захар Ивановка, Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан Кэнтик орто оскуолатын физкультураҕа учууталыгар Степан Родионовка улуус баһылыгын Бочуотунай грамотатын туттарда. Ону тэҥэ Үөдүгэй нэһилиэгэр тимир уустарын уонна сварщиктар икки ардыларыгар ыытыллыбыт «Кыра архитектурнай тутуу» улуустааҕы аһаҕас күрэс үһүс миэстэлээҕин Павел Константиновы дипломунан наҕараадалаата. Ил Түмэн дьокутаата, Кэнтиктэр биир дойдулаахтара, тумус туттар кыыстара Марфа Филиппова үтүө тыл кэрэтин анаан туран, нэһилиэк баһылыгар Валерий Николаевка СӨ государственнай мунньаҕын аатыттан кыһыл көмүс чаһылаах Бочуотунай грамотаны туттарда, ону таһынан Тумууһаптар аймахтарын аатыттан 200 тыһ.солк. суумалаах «Барон-2» 12 футтаах бильярднай остуол кэмпилиэгин кулууп дьиэтигэр бэлэх уунна. Бу күн Саха сирин тыатын хаһаайыстыбата сайдарыгар кылаатын иһин «СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ» бочуоттаах бэлиэни үлэ бэтэрээнэ, Кэнтик нэһилиэгин фермерскэй хаһаайыстыба баһылыга Иван Степанов, иитэр көлүөнэни иитиигэ үтүө суобастаах, таһаарыылаах үлэтин, сүдү кылаатын иһин СӨ ыччат дьыалатын уонна дьиэ кэргэн политикатын министиэристибэтин грамотатын Кэнтик орто оскуолатын физкультураҕа учуутала, нэһилиэк ыччатын лидерэ Александр Прокопьев улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Семен Михалев илиититтэн ыллылар. Элбэх хайысхалаах култуура киинин тутуллуутугар сүҥкэн кылаатын иһин Кэнтик нэһилиэгин баһылыгын грамотатынан үтүө дьыала хамсааһын отделын начальнига Иван Емельянов, махтал суругунан отдел сүрүннүүр исписэлииһэ Розалия Елисеева, отдел исписэлииһэ Станислав Степанов, улуустааҕы тутуу управлениетын начальнига Александр Типанов, искусство оскуолатын уһуйааччыта Айталина Мойтохонова, Кэнтик орто оскуолатын эбии үөрэхтээһин учуутала, муосчут Александр, кини кэргэнэ үрдүк үөрэхтээх хореограф, оскуола учуутала, ыччат лидерэ Сардаана Ивановтар, «Олоҥхо» МБТ директора Владимир Николаев наҕараадаланнылар. Итии-истиҥ тыллардаах ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар истэригэр Ил Түмэн депутата Иван Шамаев, ону сэргэ ыаллыы сытар Бүлүү, Ньурба уонна Амма улуустарын баһылыктара, солбуйааччылара кэлэн, Бүлүү түбэҕэ тутулла илик кыраһыабай култуура дьиэтин көрөн-истэн, сэҥээрэн бардылар. Мааны астаах бырааһынньыктааҕы остуол ыраахтан кэлбит ыалдьыттары айах тутта. Бу күн оскуола талааннаах оҕолорун айар концера, нэһилиэк самодеятельноһын, «Сайдам» ийэлэр уонна эбээлэр, «Кыыс Хотун» эдэр ийэлэр, ыччат уонна түмсүүлэр эҕэрдэ нүөмэрдэрэ саҥа дьиэ саалатыгар дуораһыйдылар. Устудьуоннуу сылдьар Арылхан уонна Харысхан Мойтохоновтар «Биир тэтим» айар бөлөхтөрүн кытта эҕэрдэ кэһиилээх ылбаҕай ырыаларынан Дьокуускай куораттан анаан-минээн кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Ырыа-тойук түһүлгэтин нэһилиэк гимнэ буолбут Спиридон Самсонов «Кэрэ Кэнтигим» ырыатынан түмүктээтэ. Кэнтиктэр саҥа кулууптарыгар бэлэхтэрэ ботуччу Кэнтиктэр саҥа кулууптарын аһыллыыта ураты сэргэх буолан, бар дьон үөрүүтэ муҥура суох. Маныаха отой ураты кыраһыабай көстүүлээх, нэһилиэк тэбэр сүрэҕэ буолар култуура киинигэр, нэһилиэктэн үүнэн-сайдан тахсыбыт дьон, бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэк олоҕор сэмэй кылааттарын киллэрэ олорор олохтоохтор көмөлөрө үгүс. Маннык ураты патриоттуу санаалаах кэнтиктэр кылааттарын сырдаппатахпытына табыллыбат курдук. 2014 сыллаахха кулууп саҥа тутулларыгар олохтоохтор көмөлөрүнэн 700 тыһ. солк. уу харчынан хомуллубут. Үс сыл устата ыытыллыбыт субуотунньуктарга нэһилиэк олохтоохторо бары биир киһи курдук тахсан үлэлээн бу үөрүүлээх күҥҥэ тиийэн кэллилэр. Маныаха нэһилиэк баһылыга Валерий Николаев уонна кини хамаандата, нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ уонна депутаттар Сэбиэттэрэ олохтоохторго уонна биир дойдулаахтарыгар дириҥ махталларын биллэрэллэр. Кулууп дьиэтигэр бэлэх биэрии акциятын өйөөбүт дьон ахсааныгар Дьокуускай куорат мэра Айсен Николаев (бильярд остуола), «Наше время» хаһыат генеральнай директора Александр Егоров (улахан телевизор, офиска аналлаах 6 остуол), «Тиссен-пласт» хампаанньа генеральнай директора Сергей Иванов, Лена Петровна 20 тыһ. сертификат, түннүк ыларга, Василий Тумусов ИП (икки теннис остуолун, 4 ракетка, 30 теннис мээчигэ), ДьГТХА агрономия кафедратын доцена, тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата Светлана Владимирова (теннис остуола), «Сельгазстрой» ХЭТ директора Александр Намын (убайдарынаан Алексей уонна Михаил Михайловичтардыын 35 тыґ. солк), «Нидстрой» ХЭТ генеральнай директора Леонид Игнатьев (30 тыһ. солк.), Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх поликлиника старшай сиэстэрэтэ Туяра Дмитриева (ЗАГС хоһун арыллыытыгар анал сыаналаах сувенирдары), «Эффект» ХЭТ «Бильярдист» маҕаһыын директора Айтал Ефремов бильярд тэрилин, Станислав Мачахов 6 тыһ. солк. суумалаах ыал буолар дьону көрсөр мааны арканы бэлэхтээтилэр. Итиэннэ нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар, культурнай тэрээһиннэригэр сүрүн төһүү күүс буолар 70 киһилээх Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан орто оскуола коллектива 25 тыһ. солк. суумалаах уһааран оҥоһуллубут гардеробка анаан таҥас ыйыыр вешалкалары, киирии ааҥҥа турар ураты көстүүлээх тимир ууруналары, оскуола 1979 сыллааҕы выпуһа музыкальнай центр, 1984 с. ыскаап, 2002 с. выпускниктар пылесос, онтон атын выпустар бары уу харчынан бэлэхтээтилэр. Ону сэргэ улууспут биир улахан урбаанньыт дьиэ кэргэнэ Еттяновтар кулууп мебелигэр диэн анаан 100 тыһ. солк. уу харчыны бэлэх ууннулар. Маныаха нэһилиэккэ үлэлиир-хамсыыр урбаанньыттар Захар Сивцев, Мария Николаева, Василий Николаев, Петр Спиридонов уолунаан Григорийдыын 10-нуу тыһ.солк. бэлэхтээтилэр. Библиотекаҕа анаан улуустааҕы библиотечнай ситим федеральнай программанан кэлбит бохсо интернет ситимигэр холбонууну толору оборудованиетын кытары бэлэх уунна. Уопсайа, бүгүҥҥү күҥҥэ 592 000 солк. уу харчынан хомуллан, культура киинэ арыллан үлэҕэ киирэригэр улахан көмпө буолбутун нэһилиэк баһылыга Валерий Николаев бэлиэтээн эттэ: «Махталым маанытын, баһыыбам бастыҥын күүс-көмө буолар дьоммутугар барыларыгар, биир дойдулаахтарбытыгар аныыбын. Норуот үтүө санаатынан тутуллан үлэҕэ киирбит кулууппут дьиэтигэр көмөлөспүт дьоммутугар бука барыларыгар тугунан да кэмнэммэт махтал тылларын тиэрдэбин. Кинилэр төрөөбүт түөлбэлэрин умнубакка, мэлдьи өйөбүл, көмө-тирэх буолалларын таһынан ааттаан-суоллаан илии тутуурдаах эҕэрдэ тылларын аныы кэлбиттэриттэн улаханнык долгуйдубут» ЗАГС хоһо үбүлүөйдээх ыаллары сүрэхтээтэ Элбэх функцияны толорор култуура киинин иһинэн кырачааннары ааттыыр, эдэр дьон олохторун холбуур, үбүлүөйдээх ыаллары бэлиэтиир ЗАГС хоһо ааны тэлэччи арыйда. Хас биирдии киһи олоҕор элбэх үөрүүлээх, хаһан да умнуллубат күннэр бааллар. Онтон биир ураты долгутуулааҕынан, умнуллубатынан – ыал буолуу, кэскили тэринии, аал уоту оттунуу буолар. СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн государственнай турук аактатын суруйар улуустааҕы отдел салайааччыта Наталья Алексеева, Кэнтик СК директора Никита Филиппов, олохтоох дьаһалта сүрүннүүр исписэлииһэ Ольга Мачахова аалай кыһыл лиэнтэни быһан, үөрүүлээх тэрээһини саҕалаатылар. Бу күн 5 сылларын бэлиэтиир Анастасия уонна Гаврил Саввиновтар, 10 сыл бииргэ олорбут Наталья, Сергей Федотовтар, Туйаара уонна Николай Тарагаевтар, 15 сыллаах курустаал сыбаайбалаах Айталина Мойтохонова-Махаайта уонна Анатолий Васильев, Марианна уонна Владимир Ивановтар, Анна уонна Прокопий Алексеевтар, үрүҥ көмүс сыбаайбалаахтар Александра уонна Александр Ивановтар, Саргылана уонна Егор Павловтар, Күннэй уонна Захар Ивановтар, 30 сыллаах чөмчүүк сыбаайбаларын бэлиэтээбит Мария уонна Афанасий Алексеевтар, рубин сыбаайба – 40 сыл бииргэ олорбут Галина, Валерий Семеновтар, «сапфир» — 45 сылларын көрсүбүт Прасковья уонна Павел Габышевтар сыбаайбаларын үбүлүөйдэрин бэлиэтээбиттэрин туһунан туоһу суруктары уонна бэлэхтэри туттулар. Итиэннэ бу күн, саҥа саалаҕа олохторун холбуур эдэр дьон Доминика уонна Василий Ивановтар кэргэннии буолар регистрациялара ыытылынна. Холобур буолар, 25 сылларын бэлиэтиир дьоһун-мааны ыаллары «Үрүҥ көмүс сыбаайба» бэлиэ кинигэҕэ киирбиттэрин уруйдаан туран, бытаан үҥкүүнү бэлэх ууннулар, минньигэс тордунан күндүлээтилэр. 25 сыллаах үрүҥ көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит биэс оҕолоох, 13 сиэннээх Александр Петрович, Александра Саввична Ивановтар: «Бэйэ-бэйэни кытары өйөһөн, иллээхтик-эйэлээхтик олоруу дьоллоох олох төрдө. Эдэрдэр, хаһан даҕаны кыыһырсар диэни билимэҥ», — диэн алҕаатылар. 40 сыл бииргэ олорбут Галина Александровна уонна Валерий Максимович Семеновтар: «Оҕолорбут биһигини улаатыннарбыккыт, аны бэйэҕит тускутугар олорор кэмҥит кэллэ диэннэр куруук тула көтөллөр. 25 сылбытын оҕолорбут көмөлөрүнэн бэлиэтээбиппит. Өссө да үлэлии сылдьабыт, бокуой суох, үлэни таһынан общественнай үлэ, ону таһынан сүөһүлээхпит-астаахпыт. Уһуннук олоруу кистэлэҥэ дуу, рецебэ дуу баарын билбэккэ да хааллыбыт. Биирдэ өйдөөбүппүт номнуо 40 сылбытын ааһан эрэр эбиппит. Оҕолорбут, сиэннэрбит доруобай буоллуннар, үлэлээх, дьарыктаах буоллуннар диэн баҕа санаалаахпыт», — диэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр. «Эрэл» үҥкүү народнай театрын бэлэҕэ «Соргулаах Суохапчы суолунан» диэн режиссер Далаана Федотова туруоруутунан уустар тустарынан олоҥхо-дьүһүйүүнү көрдөрдүлэр. Олоҥхо тыйаатырын иһинэн үлэлиир саха үҥкүүтүн айар түһүлгэтэ «Эрэл» үҥкүү народнай тыйаатырын салайааччыта Екатерина Павлова: — Үҥкүүһүттэр, олоҥхо тыйаатырын артыыһа, тыаһы-ууһу хаачыйааччы уонна тыыннаах доҕуһуол, барыта 24 буолан кэллибит. Урут манна уустар музейдара баарын көрөн олус сэргээбиппит. Кэнтиктэр Чап уустарын сыдьааннара буолалларын быһыытынан, репертуарбытыгар уустар тустарынан спектакль баарын иһин, хара кыталык туһунан үһүйээни көрдөрдүбүт. Бу үөрүүлээх күҥҥэ бэлэх буоллун диэн Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ, биир дойдулааххыт Мария Турантаева анаан ыытта. Үҥкүүһүттэрбит бары кэриэтэ араас үөрэхтэргэ үөрэнэр устудьуоннар. Ким баҕалаах дьарыктана кэлэр, хас күһүн ахсын кастины ааһан ансаамбылга киириэхтэрин сөп, — диэн сырдатта. 1 из 10

1000 нүөмэрдээх Үтүө дьыала эбийиэгэ – Кэнтик култуураҕа киинэ
© ЯСИА.RU